22.11.2024

Ржев анныгар охтубут саха буойуттарын кэриэстэбилэ

Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа ыам ыйын 4 уонна 16 күннэригэр Аҕа дойду сэриитигэр Сахабыт сириттэн тиийэн унньуктаах уһун кыргыһыыларга икки сыл кэриҥэ Тверь уобалаһыгар Ржев куорат тулата саамай уүргүөмнээн сэриилэспит уонна сэрии толоонугар элбэхтик охтубут үүнэн-сайдан эрэр, олоҕу олоруохтаах, оҕо-уруу төрөтүөхтээх эдэр, чэгиэн чулуу дьоммут кэриэһигэр “Ржев анныгар охтубут саха буойуттарын кэриэстэбилэ” диэн Ржев куорат босхоломмута 80 сылыгар аналлаах ахтыы күннэрэ буолан аастылар.

Тэрээһиҥҥэ күндү ыалдьыттарынан буоллулар “Мост памяти Ржев-Саха (Якутия)” некоммерческай тэрилтэ председателэ, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун уонна I Хомустаах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Николай Христофорович Горохов уонна Нам иккис нүөмэрдээх орто оскуолатын учуутала, “Полярная звезда” поисковай кулууб салайааччыта Ирина Дмитриевна Григорьева. Кэриэстэбил күммүтүгэр көхтөөх кыттыыны ыллылар И.С.Гаврильев аатынан бастакы, иккис нүөмэрдээх орто оскуолаларын уонна Граф лицейын үөрэнээччилэрэ.

Николай Христофорович оҕолорго Ржев куорат тулатыгар 1941-1943 сыллардааҕы улуу кыргыһыылар историяларын билиһиннэрдэ. Нам улууһа Ржевкэ мемориалы тутууну уонна иккиһин сөргүтэн тилиннэрэн тэрийбитин сиһилии кэпсээтэ. Ол курдук, Саха сириттэн маҥнай ытык Ржев сиригэр Нам оройуонуттан Ржев куорат иһин сэриилэспит ветераннар, сэрии толоонугар охтубут буойуттар оҕолоро Иван Серафимович Шарапов, Николай Львович Павлов, корреспондент Терентий Халыев, Ржев сэриитин кыттыылааҕа Дмитрий Гаврильевич Дураев салайааччылаах делегация 1985 с. Кыайыы 40-с сыллаах үбүлүөйүгэр сылдьыбыттарын онно Ржев куорат иһин сырдык тыыннарын толук уурбут Саха сирин буойуннарыгар Нам оройуонун олохтоохторун аатыттан памятник тутуохха диэн кэпсэтии ыытан кэлбиттэрин, 1986 с. памятник эскиһин проегар Михаил Романович Петухов кыайан, памятнигы туппутун туһунан кэпсээбитин оҕолор болҕомтолоохтук олорон иһиттилэр. Николай Христофорович түмүгэр нуучча норуотун улуу поэта Александр Твардовскай «Я убит подо Ржевом» — диэн хоһоонун саха эдэр көлүөнэ ыччата ордук чугас ылыннын диэн сахалыы тылга көҥүл тылбаастаабытын билиһиннэрэн туран хоһоону ааҕан иһитиннэрдэ уонна Ржев куоракка бэчээттэнэн  тахсыбыт кинигэлэри билиһиннэрдэ.

“Полярная звезда” поисковай кулууб салайааччыта Ирина Дмитриевна Григорьева Советскай Союз бары омуктарын кытта фашист халабырдьыттарын утары сарын-сарыҥҥа туруулаһан сэриилэспит Саха сирин чулуу буойуннарын суолларынан Ржев куоракка аан маҥнай 2007 с. государственнай политическай деятель, биир дойдулаахпыт М.К.Аммосов төрөөбүтэ 100 сылыгар Ржев куоракка оҕолору илдьэ баран поисковай үлэни ыыппытын, уопсайа бу куоракка сэттэ төгүл сылдьыбыттарын, оскуолаларын музейыгар оччотооҕу байыаннай тээбириннэри аҕалбыттарын кэпсээтэ. Ирина Дмитриевна солдатскай медальону аҕалбытын оҕолор тутан-хабан кэрэхсээн көрдүлэр. Маннык медальону хас биирдии саллаат гимнастеркатын сиэбигэр укта сылдьара, медальон иһигэр саллаат аата-суола, хантан сылдьара кумааҕыга суруллан медальоҥҥа угуллара. Сэриигэ 400-тэн тахса немеһи сууһарбыт, Ржев куорат аннынааҕы кыргыһыыга  Сэбиэскэй Союз Геройа, снайпер Федор Матвеевич Охлопков сэриилэспитин, Ржев куорат олохтоохторо саха буойуннарын кэриэстээн, куорат иһигэр  Намская диэн уулусса  ааттаммытын, 1886 с. Саха сиригэр Өлүөнэ өрүһүнэн айаннаан кэлбит Илиҥҥи Сибиир генерал-губернатора Алексей Павлович Игнатьев Тверь уобалаһын Ржевскай оройуонуттан төрүттээҕин кэпсээбитин оҕолор кэрэхсээн иһиттилэр.

Библиотекабыт информационнай отделын сэбиэдиссэйэ Юлия Алексеевна Иванова библиотекабыт сайтыгар “Нам боотурдара-Ржев көмүскэлигэр-Намчане в битве за Ржев” диэн электроннай медиаресурсу билиһиннэрдэ.”Никто не забыт, ничто не забыто” диэн сэрии тематыгар викторина ыытта. Кыайыылаахтар дипломнарынан бэлиэтэннилэр. Тэрээһиммит түмүгэр буойуттарбыт сэриигэ күнү, түүнү быһа сэриилэһэн, сылайан, аччыктаан итии хааһы сиэн сэниэ киллэрэллэрин билиһиннэрэн туран оҕолорго хара килиэптээх солдатскай хааһыны амсаттыбыт.   

Аҕа дойду сэриитин кэмнэрэ улам-улам ыраатан иһэллэр. Ол гынан баран, төһөлөөх да кэм ааспытын иһин, төһөлөөх да хаар бу сыллары бүрүйэ түспүтүн иһин, норуот улууканнаах иэйиитин өлбөөдүйбэт өйдөбүлүн кэнчээри ыччаппытыгар кэпсии, билиһиннэрэ сырыттахпытына үйэ-саас тухары өйтөн, сүрэхтэн симэлийиэ, сүтүө суоҕа.

Раиса Дьяконова

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять