22.11.2024

Российскай Федерация култууратын миниистирин солбуйааччы Владимир Осинцев Нам улууһугар сырытта

Бу күннэргэ

Владимир Геннадьевич Осинцев Саха сиригэр ыытыллар үлэни билсэн барда.

Ол курдук бэҕэһээ Нам улууһугар тахса сырыттыбыт.

Нам сэлиэнньэтигэр М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын көрдүбүт. Владимир Осинцев тэрилтэ үлэтин-хамнаһын көрдө-иһиттэ, олохтоохтору, үлэһиттэри кытта кэпсэттэ, дьон санаатын иһиттэ.

Салгыы Аппааныга «Култуура» национальнай бырайыак чэрчитинэн тутуллубут «Чороон» норуот айымньытын дьиэтигэр тиийдибит. Манна оҕолор үҥкүүнэн дьарыктаналларын, ытык кырдьаҕастар хайдах курдук иистэнэллэрин көрөн Владимир Осинцев үөрдэ.

Владимир Владимирович Путин киллэрбит «Култуура» нацбырайыага олоххо киирэн, дьон олоҕун эйгэтэ тупсубутун уонна олохтоохтор төрүт култуураны илдьэ сылдьаллара туһалааҕын бэлиэтээн туран, улуус салалтатыгар, култуура үлэһиттэригэр махтанна. Кэлэр да өттүгэр маннык култуура дьиэлэрэ тутулла туралларыгар үлэ ыытыллыа диэн эттэ.

Бастакы Хомустаах П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография түмэлигэр сылдьан, тимир уустарын үлэлэрин көрдүбүт. Бу кэмҥэ уустар 8 киилэ курдук болгуо тимири уһааран таһаардылар. Владимир Осинцев төрүт үгэспитин илдьэ сылдьарбытыттан сөхтө, маннык норуот сүтэн-симэлийэн хаалыа суоҕа, норуот маастардаргытын өйөөҥ диэн эттэ.

Күндү дьоммут-сэргэбит, тылбытын-өспүтүн, төрүт дьарыкпытын, култуурабытын, ускуустубабытын сайыннарыаҕыҥ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ илдьэ сылдьыаҕыҥ!

t.me/afanasiy_noev
https://t.me/afanasiy_noev/176

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять