25.11.2024

Этнографическай диктант Нам улууһугар ыытылынна

«Норуот элбэх — дойду биир» диэн бэргэн этиинэн, Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн, норуоттар икки ардыларынааҕы «Улахан этнографическай диктант» быйыл ахсыс төгүлүн сэтинньи 3-8 күннэригэр дойдубутугар олорор норуоттар тустарынан сырдатар сыаллаах ыытылынна. Быйыл дьыктааҥҥа Арассыыйа  85 эрэгийиэниттэн, итиэннэ 45 тас дойдуттан кыттыыны ыллылар.

Нам улууһугар Намнааҕы кииннэммит библиотека тиһигин көҕүлээһининэн  аахсыйаҕа улууспут дьоно-сэргэтэ кытыннылар. Нам киинигэр,  Үөдэйгэ, 1 Хомустаахха, Хамаҕаттаҕа, Аппааныга, Хатырыкка,  Бөтүҥҥэ, 2 Хомустаахха, Түбэҕэ,  Никольскайга  уопсайа 207 киһи Россия норуоттарын култуураларын, үгэстэрин, олохторун-дьаһахтарын төһө билэллэрин бэрэбиэркэлээн улахан дьон 30, оскуола оҕолоро 20 ыйытыкка  билиилэрин тургуттулар.

Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатыгар үөрэх, култуура, ыччат эйгэтиттэн 25 киһи кыттыыны ыллылар.  Тэрээһин иннинэ кыттааччылары Нам улууһа МТ депутата, А.Шестаков аатынан норуот айымньытын дьиэтин директора Николай Жирков эҕэрдэлээтэ уонна ситиһиилэри баҕарда. Маны таһынан, библиотека специалиһа Светлана Кутукова аан дойду араас омуктарын куукулаларын мунньубут коллекциятын кэлбит дьон сэҥээрэн билистилэр.

Бу суолталаах аахсыйаҕа үрдүк баалы 1Хомустаахтан Мария Сысолятина (90 балл), Түбэттэн Амана Дьяконова (91 балл), Марина Сивцева (90 балл) ыллылар.

Мэлдьи маннык ис хоһоонноох аахсыйаларга кыттар, билиигэ-көрүүгэ тардыһар, интэриэстэрин хаҥатар көхтөөх ааҕаачыларбытыгар махталбытын тиэрдэбит.

Дьыктаан эппиэттэрин библиотека үлэһиттэриттэн эбэтэр сэтинньи 13 күнүгэр диэри  https://miretno.ru сайка билсиэххитин сөп.

Раиса Гоголева

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять