Сэтинньи ый 10 күнүгэр 2 Хомустаах нэһилиэгэр поэт, прозаик, учуонай, саха автономнай советскай социолистическай республикатын төрүттэспит бөдөҥ государственнай, общественнай политическай деятель П.А Ойуунускай 130 сылыгар аналлаах «Мин тылым-мин тохтор тойугум» диэн литературнай биэчэр буолан ааста. Тэрээһини иилээн-са5алаан ыытта нэһилиэк библиотекара Слепцова Е.В. Кыра кылаас оҕолоруттан саҕалаан үрдүкү кылаастарга тиийэ оҕолор, улахан дьон бука бары көхтөөхтүк кытыннылар. Биэчэрбит бастакы чааһа П.А. Ойуунускай олоҕун сырдатыыттан са5аланна. Бу биэчэргэ көрөөччү кэрэхсэбилин ыллылар ансаамбыл толоруутугар күргүөмнээх ырыа «Былааһы сэбиэккэ!», квартет толоруутугар «Таатта үрэх үрдүгэр» ырыа, Мария Иванова толоруутугар М.Лермонтов тылбааһыттан «Алгыс» ырыа, 6 кылаас уолаттарын толоруутугар «Көҥүл ырыата»хоһоон, 10 кылаас уолаттарын толоруутугар «Өрүөл кэриэһэ»хоһоон, «Кэлэр кэскил ырыата»-Арина Слепцова, Карина Потапова чабыр5ах, Вика Захарова толоруутугар « Мимоза» хоһоон, Лёня Ефимов толоруутугар «Син биир буолбаат?!!» хоһоон, «Оҕо куйуурдуу турара» монологу аахта Дамир Максимов, «Өйдөөх оҕо» уонна «Үчүгэй үлэһит» айымньыларыттан быьа тардыыны 6-10 кылаас о5олоро кердердулэр. Тэрээһиммит иккис чааьа: көлүөнэлэринэн өй күрэ5э буолла. 5 киһиттэн састааптаах 4 хамаанда кытынна Манна 10-11 кылаас үөрэнээччилэрэ, эдэр ыччат, 30-50 орто көлүөнэ, 51саастарытта үөьээ кытыннылар. Күрэххэ орто көлүөнэ кыайыылааҕынан та5ыстан грамотанан наҕараадаланна, барыларыгар туоһу сурук туттарылынна.
Саргытын салайсыбыт сахабыт норуота Улуу убайбытын умнубаппыт! Кини сырдык аатын кэриэстиибит. Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ кэрэ кэпсээн гыныахпыт.
Нэһилиэк библиотекара Елена Слепцова.