Үгэс курдук, дойдуга Бэчээт күнүн көрсө, суруналыыстар икки ардыларыгар 2023 сыл түмүгүнэн бастыҥнары ааттаатылар.
Нам улууһун Эҥсиэли хаһыата “Издание года” номинация кыайыылааҕынан буолла. Кылаабынай редактор Лена Алексеевна Ноговицына салайааччылаах улууспут хаһыатын айар-тутар кэллэктиибин үрдүк ситиһиигитинэн ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит!
Саҥа үүммүт 2024 сылга өссө үрдүк ситиһиилэри, элбэх сурутааччыны, сонун бырайыактары, сытыы бөрүөҕүт сыппаабатын, дьон-сэргэ сэҥээриитин, биһирэбилин ыла турун!
Бииргэ алтыһар, бииргэ үлэлэһэр
Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатын кэллэктиибэ