22.11.2024

«Дойдум миэнэ-киэн туттуум» өркөн өй күрэх

Бүгүн, муус устар  9 күнүгэр, Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтата уонна Н. М. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин модельнай библиотека, Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас уонна Нам улууһугар Оҕо спордун  сылларыгар аналлаах билиини тургутар «Дойдум миэнэ-киэн туттуум» өркөн өй күрэҕин салҕыы ыытта.

Күрэх сыала – соруга:

  • Сахабыт сирин норуотун историятын, култууратын, тылын уонна литэрэтиирэтин үөрэтэн, билиини-көрүүнү хаҥатыыны көҕүлээһин;
  • Төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии, киэн туттуу тыыныгар уһуйуу;
  • Булугас өйү, сатабылы сайыннарыы.

Нэһилиэктэр 3 киһиттэн турар хамаанда тэринэн кэллилэр (аҕам саастаах 55+, орто саастаах 31-54, ыччат 18-30 диэри).

Күрэс 5 түһүмэхтэн турда, түһүмэх аайы 7 боппуруостаах. Боппуруостар сахабыт сирин историятыттан, култууратыттан, литэрэтиирэтиттэн, спортан, саха тылыттан бэрилиннэ. Күрэс түмүгэр элбэх очкону хомуйбут хамаанда кыайар.

Улахан нэһилиэктэртэн кыттыыны ыллылар 6 хамаанда: Ленскэй, Хатын-Арыы, Үөдэй, Хатырык Хамаҕатта, 1-Хомустаах Ленскэй нэһилиэктэрэ.

Улахан нэһилиэктэргэ кыайыылааҕынан Хатын-Арыы “Чаҕылҕан” хамаандата буолла, 2 миэстэни ылла Хатырыктан “Чаҕылхай”, 3 миэстэни ылла Ленскэй нэһилиэктэн “Намыына” хамаандата.

Орто нэһилиэктэргэ кытыннылар: II-Хомустаах, Модут, Бөтүҥ, Бартыһаан, Граф биэрэгэ, Никольскай, Көбөкөн, Түбэ нэһилиэктэрэ.

Кыайыылааҕынан таҕыста Түбэ нэһилиэгин хамаандата, 2 миэстэни ылла Бөтүҥ хамаандата, 3 миэстэҕэ тигистэ Модут нэһилиэгин хамаандата.

Кыра нэһилиэктэргэ кыттыыны ыллылар: Таастаах, Салбан, Арбын, Фрунзе, Маймаҕа, Искра, Кыһыл дэриэбинэ нэһилиэктэрэ.

Кыайыыны ситистэ «Арбын» хамаандата, 2 миэстэни ылла Маймаҕа нэһилиэгиттэн “Хойуу Маймаҕалар”, 3 миэстэни ыллылар Салбантан «Куйаар» хамаандата.

Бары кыттааччыларга туоһу сурук туттарылынна.

Кыттыбыт дьоммутугар баҕарабыт өссө да үрдүк ситиһиилэри, өрөгөйдөөх кыайыылары, бары кэрэни, үтүөнү!

 

 

 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять