22.11.2024

Киһини үлэ, үөрэх туругурдар! Василий Никифорович Жирков төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт «Үтүө салайааччы сырдык аатын үйэтитии — ытык иэс» кэскиллээҕи түстүүр тэрээһин

Киһини үлэ, үөрэх туругурдар. Киһи олорон ааспыт олоҕор  килбиэннээҕи, кэскиллээҕи,  үйэлээҕи түстээбит буоллаҕына аата-суола күнү-дьылы аахсыбакка ахтыллар, удьуор-утум дьонугар тэнийэр. 

Нам улууһун сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит салайааччы, партийнай-советскай үлэһит,  тутуу инженэрэ  Василий Никифорович Жирков төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт «Үтүө салайааччы сырдык аатын үйэтитии — ытык иэс» истиҥ ахтыы киэһэтэ от ыйын 19 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа буолла.

Василий Никифорович Жирков ыарахантан чаҕыйбакка  үлэни өрө туппут, республика, улуус сайдыытыгар төһүү күүс буолбут, бэйэтин сөҕүмэр кылаатын киллэрсибит  киһинэн буолар. Кини сэбиэскэй-партийнай салалтаҕа бэриниилээхтик, ис дууһатын, патриотическай өйүн-санаатын ууран туран үлэлээбитэ. Кини 1979-1988 сылларга Нам оройуонун народнай депутаттарын оройуоннааҕы советын исполкомун бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээн кэлбит таһаарыылаах үлэтэ бүүс бүтүннүү улууһун-дойдутун бар дьонугар, эдэр кэскилигэр ыччатыгар ананан, үтүө өйдөбүлү хаалларан — бастыҥ холобур буолар.

         Үтүө, сырдык аналлаах тэрээһин иннинэ биир дойдулаахпыт Василий  Жирков дьоһун олоҕун, үлэтин арыйар  кинигэ уонна дьиэ-кэргэнэ тус архивыттан хаартыскалары, докумуоннары Петр Сивцев аатынан Намнааҕы историяны уонна этнографияны үөрэтэр түмэлгэ бэлэхтээбиттэриттэн, библиотека ааҕар саалатыгар таһааран библиограф Раиса Гоголева киэҥ ис хоһоонноох «Дьоһун салайааччы, үтүө киһи аата умнуллубат» быыстапканы оҥорон  ыалдьыттарга билиһиннэрдэ.

Истиҥ–ахтыы киэһэтигэр кэргэнэ Тамара Егоровна Жиркова, үлэ бэтэрээнэ, оҕолоро Марианна Васильевна-«Комдрагметалл» акционернай общество үлэһитэ, Иннокентий Васильевич, бииргэ төрөөбүт балта Клавдия Никифоровна Муксунова уонна уруу-аймах дьонноро, үлэҕэ алтыспыт доҕотторо кэлэн Василий Никифорович туһунан ахтан-санаан ирэ-хоро кэпсэттилэр. 

          «Нам улууһун биир киэн, тумус туттар, дириҥ-өйдөөх санаалаах, республикабыт, улууспут бөдөҥ салайааччыта  Василий Никифорович Жирков дьоһун олоҕо, үлэлээбит чаҕылхай сыллара, үтүө аата сылаас өйдөбүл буолан, эдэр көлүөнэ салайааччыларга холобур буола, саҥа суоллары тобулар толкуй санаалары үөскэтэ туруоҕа диэн эрэнэбит. Василий Жирков аатынан муниципальнай бириэмийэ олохтоноро былааннанар» диэн тоһоҕолоон эттэ улуус баһылыга Юрий  Слепцов.

Ити курдук Нам оройуона социальнай-экономическай сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит, элбэх кэскиллээх боппуруостар быһаарыллыыларын ситиспит, бэйэтин ураты суолун-ииһин хаалларбыт  биир дойдулаахпыт Василий Никифорович Жирков төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт «Үтүө салайааччы сырдык аатын үйэтитии — ытык иэс» кэскиллээҕи түстүүр тэрээһин сылаас эйгэҕэ сонун санаалардаах түмүктэннэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять