Олоҥхо декадатын чэрчитинэн Н.М.Рыкунов аатынан киин модельнай библиотекаҕа саҥа олоҥхо кинигэтэ сүрэхтэннэ. Абый улууһуттан төрүттээх Анна Хабарова –Айталы «Быралыйа Буура бухатыыр сыдьаана Өнүгүйэ Күн Өркөн бухатыыр иккис кинигэтэ күн сирин көрдө. Кинигэ редактора Алла Руслановна Сельтюкова – Айаалла, уруһуйун оҥордо Стручкова Айыына Геннадьевна, Дьокуускай куоракка “Долун” кинигэ кыһатыгар бэчээттэннэ.
Анна Хабарова оҕо уруу тэнитэн Намҥа быр бааччы, сиэннэрин көрөн, иистэнэн Намна олохсуйбута номнуо 20 сыл буолбут. Тарбаҕар талааннаах иистэнньэҥ, 2021 с «Алгыстаах иистэнньэҥ анал аат хаһаайына. Үлэ бэтэрээнэ, «Хоһооннорум-кынаттарым», «Оҕо саас-сандал саас» хоһооннор хомуурунньуктарын, 20 ырыа буолбут, араадьыйаҕа ылланар, биһирэммит ырыалар ааптардара. «Тохтоо тугэн» ырыа Н.Протопопов мелодиятыгар саха араадьыйатыгар хит буолла.
Көрсүһүүгэгэ «Айар кут» түмсүүттэн Данилова Зоя Николаевна –Кэкэрдэ Россия уонна Саха Сирин доруобуйа харыстабылын туйгуна, Саха сирин ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Регионнааҕы кэпсээнньиттэр уонна хоһоонньуттар сойуустарын салайааччыта, Тумусова Прасковья Алексеевна, Яковлева Валентина Иннокентьевна –Чэлгийээнэ, « Ситим» түмсүүттэн Евдокия Убарова –Чуохаана, «Дайар дор5ооннор», «Амма долгуннара», «Остуоруйа эйгэтэ» тумсуулэр салайааччылара. «Отуу уота» биир түмсүүгэ айа –тута сылдьар уэлээннээхтэрин истин иьирэх тылынан эҕэрдэлээтилэр, Байдам Дайыына Сииҥкэ кыыһа саҥа олоҥхону ыллаан-туойан иһитиннэрбитэ биир кэрэхсэбили тарта, Нам мелодистара Ильина Елена Нам –чы, Лукин Аскалон Лукич, Николай Протопопов ырыалара тэрээһини киэргэттэ.
Анна Степановна быйыл 70 сааһын туолан, айар үлэ үгэнигэр сылдьар. Киһи эрэ мээнэ олоҥхону суруйбат, талааныҥ арыллан кырыыланан, күлүмүрдээн истин. Бу олоҥхо тарҕанан оҕолорго оскуолаҕа туойуллан ылланара буоллар диэн баҕа санаа, эрэл баар. Түмүкпэр Анна бар дьонугар алгыһын ыытабын.
Саҥарар саҥам саталанан,
Санаалары сайҕардан
Сандаарыччы тыгыахтын.
Санаммыккыт сатаннын,
Тобулбуккут туолуохтун,
Баҕарбыккыт баар буолуохтун.
Кэнчээрилиир ыччаккыт
Кэнэҕэскилээх буоллун,
Ыччаттаргыт эбиллэн,
Ааккыт-сураххыт
Саха сирин тилийэ көтөн,
Сири сибиири сабардаатын.
Кристина Попова-Айаара. Н.М. Рыкунов аат. киин модельнай библиотека ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа библиотекара.