САХА ОМУК НЬУРГУНА
Илья Винокуров
Сүдү нүһэр көрүҥэ
Сүрдээх ыар кэми
Сүгэн илдьэ сырытта!
Тыйыс кэм Саха дьонун
Тылтан сөрөөн тэбэн түһэрэр,
Тыыннаах ордор иннигэр
Төһөлөөх дууһа айманна!
Ылдьаа Саха дьоло этэ,
Иллээх олох төрдө
Аас-туор олохтон,
Өлөр өлүүттэн быыһаата.
Саха Ньургун уола
Сахаҥ сирин эргиччи
Сайдар кини кэскилин
Кэрэһэлии көрбүтүҥ.
Оҕо сылдьан истэрим
Ойуунускай, Омуоһап
Олох, дьол туһугар
Олохторун биэрбиттэрин!
Ыраах Үрүҥ күөлүм
Ыала-дьоно хомойон
Ыйдаҥалаах түүннэргэ
Ыксаан ылар күннэрин
Сыллар, дьыллар, хонуктар
Сыыллан ыраах хааллылар
Охтон биэрбэт оҥоһуу
Ылдьаа ырааһа кыайбыта.
Өлөөн, Булуҥ дьонноро
Үтүө ааккар сүгүрүйэр
Төрөөбүт түөлбэҕэр
Таас оскуола дьэндэйэр.