24.11.2024

Ытык Таатта үбүлүөйдээх ыһыаҕар

«Үс саха төрүөҕэр,

Үөрүүлээх күнүгэр

Мин аатым ааттаныа,

Мин ырыам ылланыа…”

П.Ойуунускай

 

Быйыл саха сэбиэскэй литературатын төрүттээбит суруйааччы, бөдөҥ общественнай деятель, учуонай, төлөннөөх революционер Былатыан Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар  аналлаах республиканскай  ыһыах бэс ыйын 15-17 күннэригэр Таатта улууһугар ыытылынна.  Улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ Ил Дархан э.т. Айсен Николаев, Ил Түмэн спикера Александр Жирков, республика  эппиэттээх салайааччылара, суруйааччылар кыттыыны ылбыттара ыһыаҕы таһымын үрдэттэ.

Ыһыах чэрчитинэн айар-суруйар дьону көҕүлүүр сыаллаах Национальнай библиотека бырайыагынан 4 төгүлүн  «Литературнай пикник” (түһүлгэ) тэриллэн ыытылынна.  Тэрийээччилэринэн  СР Национальнай библиотеката, Саха сирин суруйааччыларын Ассоциацията, И.А.Аргунов аатынан Ытык Күөл киин библиотека буоллулар.  Тэрээһиҥҥэ  Дьокуускайтан, Уус-Алдантан, Чурапчыттан, Намтан уо.д.а улуустартан үгүс киһи кытынна. Ойуунускайга анаммыт быйылгы күрэх икки түһүмэҕинэн ыытылынна. Бастакы күрэх «Аата ааттанар, ырыата ылланар» диэн хоһоон айааччыларга кэтэхтэн ыытыллыбыта.  Бу түһүмэххэ 1Хомустаахтан Николай Федотов  Россия, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэттэрин ортолоругар  2 миэстэни ылары ситистэ. Намтан Иван Бубякин  “Хомоҕой хоһоонньут”, Хамаҕаттаттан Александр Дунаев “Уус уран маастарыстыба” анал ааттары ыллылар.  Хатырыктан Евгения Дьяконова, 1Хомустаахтан Алексей Татаринов –Удьурҕай  күрэххэ кыттыбыттарын туоһулуур сертификаттары туттулар.

Ыһыах кэмигэр “Айар турнир” күрэх  23 айар куттаахтары түмтэ.  Бастаан кыттааччылар  П.Ойуунускай хоһоонун уус уран ааҕыыга холоннулар, онтон бэриллибит бириэмэҕэ хартыынаттан көрөн  хоһоону тута айыыга илин-кэлин түһүстүлэр.  Уопсай күрэх түмүгүнэн кыайыылаахтарынан  Иван Попов (Чурапчы), Петр Самсонов –Бүөтүр Хара (Таатта), Сардана Вырдылина (Таатта) ааттаннылар. Намтан бу улахан тэрээһиҥҥэ Алексей Татаринов –Удьурҕай  ситиһиилээхтик кытынна.

Киэһэ 5 чаастан Ытык Күөл киин библиотекатыгар «Феномен Таатты — колыбель якутской литературы: традиции и современность» диэн литературнай кириитикэҕэ анаммыт төгүрүк остуол ыытылынна. Кэпсэтиигэ норуодунай суруйааччы Наталья Харлампьева, Өксөкүүлээх сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская, суруйааччылар Ольга Корякина –Умсуура, Гавриил Андросов, тылбаасчыт Аита Шапошникова, режиссер Андрей Борисов уо.д. а кыттыыны ыллылар.

«Литературнай пикниккэ” Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотека сылын аайы көхтөөхтүк кыттар. “Отуу уота” литературнай түмсүүнү кытта улахан республиканскай литературнай түһүлгэҕэ Нам улууһун суруйааччыларын айар үлэлэрин кытта билиһиннэрэр, кэпсиир, уопут атастаһар сыаллаах кыттыыны ылабыт.

Быйыл уутуйан үөскээбит улуу олоҥхоһуттардаах, тойуксуттардаах, суруйааччылардаах Таатта эбэ туонатыгар Былатыан  Ойуунускай 125 сылын бэлиэтиир үбүлүөйүнэй  ыһыаҕар  алгыһынан арчыланан, ытык дьон олорбут, айбыт сирдэриттэн күүс-уох ылынан,  умнуллубат үтүө түгэннэри иҥэринэн олус туһалаахтык сылдьан  кэллибит.

 

Раиса Гоголева, Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека методическай отделын сэбиэдиссэйэ.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять