25.11.2024

«Мин аатым ааттаныа…» П. А. Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах тэрээһиннэр

Биллиилээх государственнай  деятель, саха советскай литературатын теруттээбит  поэт, прозаик, драматург, публицист,  чинчийээччи, сахалартан бастакы филологическай наука учуонайа, революционер, П.А. Слепцов-Ойуунускай бу дьыл сэтинньи 11 кунугэр төрөөбутэ 125 сылын туолла.

Ол чэрчитинэн  Улуу киһибит Платон Ойуунускай  төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах  Сахабыт сирин үрдүнэн араас ис-хоһоонноох үлэлэр, хамсааһыннар буола тураллар. Биһиги библиотекабыт иһинэн нэһилиэнньэҕэ, оскуола оҕолоругар аналлаах кылаас чаастара, литературнай көрсүһүүлэр: “Сүүс сыллаах Улуу былаан”,  “Ойуунускай айымньылара билиҥҥи кэми кытта ситимнэһиилэрэ”,  “Улуу убайбыт Былатын” буоллулар. Үөрэнээччилэргэ сүдү киһибит олорбут улахан олоҕун, айар үлэтин, интэриэһинэй түгэннэрин билиһиннэрэн сиһилии кэпсээтибит.

Библиотекаҕа  киирээти кытта саалатыгар дьон-сэргэ интэриэһин, болҕомтотун тардар  «Мин норуот уолабын…» диэн кинигэ быыстапката тардылынна, ол иһинэн “Мин Ойуунускайым”  диэн викторина социальнай ситимнэр нөҥүө ыытылынна. Викторина түмүгүн сэтинньи 22 күнүгэр литературнай-музыкальнай тэрээһиҥҥэ үөрүүлээх-быһыыга-майгыга  туттарыахпыт.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять