25.11.2024

“Сахам тыла —  үүнэр сайдар суолум” төгүрүк остуол тула санаа атастаһыы

Олунньу 6 күнүгэр оҕо библиотекатыгар оҕону сахалыы сиэргэ- туомҥа уһуйууга, төрөөбүт тылы сөпкө саҥарарга, сахалыы кинигэлэри ааҕыыны көҕүлээһиннэ аналлаах “Сахам тыла —  үүнэр сайдар суолум” диэн сонун, дьон сэҥээрэр көрсүһүүтэ буолла.

Бу тэрээһиҥҥэ Саха Республикатын үтүөлээх артыыһа, Саха сиригэр бастакыннан “Сахат” уонна “Күнтэгил” сахалыы иитиилээх уол оҕо оскуолатын, уһуйаанын аһан үлэлэтэ сылдьар Анатолий Бурнашев кэргэнинээн Светлана Афанасьевналыын кэлэн кыттыыны ыллылар. Оҕону сахалыы тыыҥҥа, хайдах иитиэххэ сөптөөҕүн, туохтан саҕалыахха наадатын туһунан бэйэлэрин кэтээн көрүүлэрин уонна уопуттарыттан билсиһиннэрдилэр, кэпсээтилэр.

Анатолий Аркадьевич “алфавит” диэн тылы сахалыы “бичик” диэн этэр уонна оҕону сахалыы бичиги хайдах саҕалаан үөрэтэрин ырытан кэпсээтэ. Бурнашевтар биэс оҕолоох ыал, дьиэҕэ оҕолорун хайдах саха тыыннаах, саха тыллаах, сахалыы өйдөөх-санаалаах, ийэ, аҕа диэҥҥэ, тулалыыр эйгэҕэ, бэйэ икки ардыгар сыһыаҥҥа элбэх холобурдары аҕалан кэпсээтилэр. Саҕалаабыт үлэлэрин түмүгүн 15-20 сылынан көстүөҕэ дииллэр.

Бу төгүрүк остуолга бэйэлэрин үлэлэрин туһунан кыттыыны ыллылар:

  • “Олоҥхо күрэҕэ – уран тыл түһүлгэтэ” — Потапова О. И. “Түөлбэ” оҕо киинин библиотекара;
  • “Олоҥхо алыптаах эйгэтин тэрийэн, оҕону сахалыы иитии” — Мордосова С. И. Партизан “Кустук” оҕо уһуйаанын иитээччитэ;
  • “Доруобуйалара хааччахтаммыт оҕолор ааҕар сатыбылларын сайыннарыы ньымалара” – Гаврильева Э. Р., И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын учуутала;
  • “Оҕо сахалыы кинигэни ааҕыыта” – Петрова А. П. оҕо библиотекатын ааҕар саала библиотекара.

Тэрээһин түмүгүнэн, саҥа сүүрэннэри, саҥа саҕахтары үлэбитигэр киллэрэ, сахалыы санаанан салайтаран иҥнибэккэ иннибит диэки хардыылыы туруохха диэн сыаллаах-соруктаах тарҕастыбыт.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять