22.11.2024

 “Аман өс”

Күндү ааҕааччыларбытын төрөөбүт төрүт тыл күнүн чэрчитинэн сылын аайы ыытыллар улуустааҕы  “Аман өс”  күрэҕэр кыттаргытыгар ыҥырабыт. Быйылгы  күрэхпит  Арассыыйаҕа Наука уонна Технология, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Доруобуйа, Нам улууһугар уһулуччулаах государственнай политическай деятель Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 125 уонна үөрэхтээһин төрүттэммитэ 150 сылларыгар куйаар ситимин нөҥүө ыытыллар.

 Буолар кэмэ: Олунньу ый  10 күнүттэн 25 күнүгэр диэри.

 Тэрийээччилэр: Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотека, улуустааҕы үөрэх управлениетын саха тылын уонна литературатын, төрүт култууратын методическай холбоһуга

 Сыала-соруга:

  • Төрөөбүт саҥаны сайыннарыы, тарҕатыы.
  • Сахалыы тылынан ааҕыыны, ыччаттар киһилии сиэрдээх тускулларын байытыыга дьулууру көҕүлээһин.
  • Төрөөбүт төрүт тылбыт нөҥүө толкуйдуур дьоҕурдарын, тулалыыр эйгэтин анааран көрөр сатабылын сайыннарыы.
  • Тыл көмөтүнэн бэйэ талаанын арыйыы.

Күрэс ирдэбилэ:

  • Тыл этээччи уус-уран тылынан саҥатын-иҥэтин тиэрдэр ньымалара.
  • Тыл этээччи талбыт тиэмэтин толору арыйар дьоҕура.
  • Тыл этээччи кэпсээнин баай ис хоһоонун, ситимнээн саҥарарын, сонун этиилэрин, туттарын-хаптарын, тылын-өһүн дьоҥҥо ылыннарыылаахтык тиэрдэрэ.
  • Кыттааччы сахалыы таҥастааҕа биһирэнэр.

 Кыттааччылар: 15 сааһыттан үөһээ саастаах  дьон.

 Күрэх көрүҥэ:

  • Бастакы түһүмэххэ :
  • бэйэни билиһиннэрии (3 мүн)

–   көҥүл тиэмэҕэ тыл этиитэ (5 мүн.)

Хас биирдии кыттааччы куйаар ситимин нөҥүө сайаапкатын уонна  ыйыллыбыт бастакы түһүмэххэ видеоматериалын электроннай почтанан (amanes2021@mail.ru ) эбэтэр ватсап нөҥүө (89243674149) олунньу ый 22 күнүгэр дылы ыытар.

  • Иккис түһүмэххэ :

Бастакы түһүмэххэ бастыҥнар талыллан, күрэх анаммыт тиэмэлэригэр  сорудах бэриллэн,   олунньу ый  25 күнүгэр күнүс 14.00 чаастан  ыйыллыбыт Zoom платформа ссылканан киирэн кыттыахтара.

 Түмүк таһаарыы:

  • Хас биирдии кыттааччыга туоһу сурук, кыайыылаахтарга дьаралык сурук уонна бэлэх туттарыллар.

 “Аман өс” күрэх балаһыанньатын сиһилии киирэн билсиҥ. «Аман өс» балаһыанньата

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять