22.11.2024

“Сахалыы дьыктаан” акция түмүгэ

«Саха тыла үрүйэ

уутун курдук ыраас, сир симэҕин курдук сиэдэрэй»

      Амма Аччыгыйа

Олунньу 13 күнүгэр,  ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛ уонна СУРУК-БИЧИК КҮНҮГЭР аналлаах  сылын аайы ыытыллар “Саха дьыктаан” республикатааҕы акция СӨ Национальнай библиотеката уонна М.К. Аммосов аатынан  ХИФУ Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна култуураларын института  тэрийиилэринэн ыытыллар. Бу тэрээһин оҕотуттан улахан дьоҥҥо тиийэ таба суруйар дьон ахсаана элбиирин көҕүтэр уонна төрөөбүт төрүт тыл проблемаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах тэриллэр.

Нам улууһугар,  төһө да хааччахтаммыт миэрэлэр баалларын үрдүнэн, акция көхтөөхтүк ыытылынна.  Уопсайа 21 былаһааккаҕа 223 киһи кыттыыны ылла. Быйылгы дьыктаан тиэкиһэ саха норуодунай суруйааччыта Н. Е.Мординов-Амма Аччыгыйа «Атаҕастабыл» диэн кэпсээниттэн быһа тардан ааҕылынна.  Ордук элбэх кыттааччы I Хомустаах, II Хомустаах, Нам нэһилиэктэригэр кытынна. Библиотекалар дьыктаан акциятын тэҥэ нэдиэлэ устата үгүс тэрээһиннэри: дорҕоонноохтук хоһоон ааҕыытын, өй оонньууларын, уруоктары, викториналары ыыттылар.

Нам киинигэр сахалыы дьыктаан Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа ыытылынна.Тиэкиһи И.С. Гаврильев аатынан Нам 1 №-дээх  уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Люция Григорьевна Замятина аахта. Уопсайа 18 киһи дьыктаан суруйуутугар бэйэлэрин тургутан көрдүлэр.

Республиканскай акцияҕа хас сылын аайы көхтөөхтүк кыттар бар дьоммутугар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять