09.10.2024

Айар үлэ сардаҥалаах аартыгынан

Нам улууһун Бастакы Хомустаах нэһилиэгин модельнай библиотекатын көҕүлээһининэн  муус устар ый бүтүүтүгэр “Айар үлэ сардаҥалаах аартыгынан” диэн суруйааччылары кытары истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Д.Ф.Алексеев аатынан 1 Хомустаах орто оскуолатын аактабай саалатыгар тобус толору мустубут нэһилиэк олохтоохторо, үөрэнээччилэр ытыс дохсун тыаһынан СР Духуобунас Академиятын академигын, ССРС, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнин, СР культуратын үтүөлээх үлэһитин, драматург, прозаик, журналист В.Е.Васильев-Харысхалы, СР үтүөлээх артыыскатын, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнин, П.А.Ойуунускай “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхотун  кэпсээҥҥэ  түһэрбит Е.В.Слепцова-Куорсуннааҕы, СР культуратын үтүөлээх үлэһитин, СР искусствотын үтүөлээх деятелин, Россия суруйааччыларын сойууһун чилиэнин, Олоҥхо театрын директорын, ырыа айааччыны, ырыаһыты, саха төрүт культуратын чинчийээччини В.Г.Власовы уонна биир дойдулаахпытын, киэн туттар талааннаах суруйааччыбыт Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ кыра уолун,   идэтинэн үлэ, уруһуй уруогун учууталын, “Байанай” сурунаалга редакторынан үлэлээбит, билигин П.Ойуунускай аатынан Литературнай музей дириэктэрин солбуйааччы,соторутааҕыта РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнинэн буолбут С.Е.Сивцев-Хамалҕаны көрүстүлэр.

       Көрсүһүүбүт бастакы чааһа оскуола үөрэнээччилэрэ Виталий Власов хоһуйбут хоһооннорун 3 омук тылынан уус-ураннаан ааҕыыларын дьүһүйүүтүнэн саҕаланна. Ыытааччы “Алгыс” сынньалан киинин уус уран салайааччыта А.Г.Мылаханова биһиги нэһилиэкпит 2013 сыллаахтан саҕалаан СР Духуобунаһын академиятын кытары тэҥҥэ үлэлэһэр сөбүлэҥ түһэрсэн хас да төгүл суруйааччылары, худуоһунньуктары, артыыстары кытары көрсүһүүлэри тэрийбиппитин билиһиннэрэн туран тылы кэлбит ыалдьыттарга биэрдэ. Суруйааччы эйгэтэ — улахан, киэҥ эйгэ. Кини уран тыл маастара буоларын таһынан, чинчийээччи даҕаны, историк даҕаны, бөлүһүөк даҕаны буолуон сөп. Онон истиҥ иһирэх көрсүһүүбүт иккис чааһа 3 чаас устата тохтоло суох барда. Ааспыт кэм аартыктарынан норуот историятын хасыһан түмээччи, архыып кистэлэҥнэрин сэгэтэр Баһылай Харысхал сэргэх сэһэннэрин, “Сахатын сирин кэрийэн – норуотугар ноо-номох ыллыыр” Битээлий Былааһап ураты куолаһын, “кэрэ тыллар кэрискэлэрин нохтолоох сүрэҕинэн итийэ-кутуйа имэҥирэн” киһи кутун курдары тардар Куорсуннаах хомуһуннаах хоһооннорун,  булт дьикти алыбар уһуйар  кэпсээннэрдээх байанайдаах суруйааччыбыт Хамалҕа тылын-өһүн истэн, ыйытыктарыгар толору эппиэттэри ылан, нэһилиэк олохтоохторо астыммыттарын биллэрэн харда махтал тылларын эттилэр. Улууспут суруйааччыларын кэккэлэрин хаҥаппыт Таллан Бүрэ уолугар С.Е.Сивцеви эҕэрдэлээн туран, айар үлэтигэр өссө киэҥ далааһыннаах үлэни күүтэллэрин биллэрдилэр. Бу дьоро киэһэ ытык суруйааччылар ортолоругар олохтоох “Төлөн” литературнай түмсүү чилиэнигэр, СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр, “Хомустаах 1–кы нэһилиэгэ” МТ өрөгөйүн ырыатын авторыгар Н.К.Федотовка Бастакы Хомустаах нэһилиэгин Бочуотунай гражданина ааты иҥэрэн, баһылыкпыт Жирков В.Г. түөскэ кэтиллэр ытык бэлиэни туттарда.

   Сити курдук айар айылгылаах ытык ыалдьыттарбыт санааларын сайа этэн, хоһооннорун хото ааҕан, ырыаларын дуоһуйа ыллаан нэһилиэк олохтоохторугар кэпсээн кэһиилээх, дорҕоон тойуктаах, хоһоон доҕордоох олус сэргэх тэрээһини бэлэхтээн бардылар. Бу киэһэ кэлбит хас биирдии истээччи автографтаах, кэс тыллаах суруйааччыларбыт кинигэлэрин ылан дьиэлэригэр кинигэ кэһиилээх бардылар.

 

 

Н.Д.Жиркова , Бастакы Хомустаах модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ,

СР культуратын туйгуна

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять