«Аман өс – дириҥ ис хоһоонноох, кэскили түстүүр
уонна үөрэтэр-такайар иһирэх тыл»
Олунньу ый 10 күнүттэн 25 күнүгэр диэри Арассыыйаҕа Наука уонна Технология, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Доруобуйа, Нам улууһугар уһулуччулаах судаарыстыбаннай бэлитиичэскэй деятель Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 125 уонна үөрэхтээһин төрүттэммитэ 150 сылларыгар аналлаах, Төрөөбүт төрүт тыл күнүн чэрчитинэн, куйаар ситимин нөҥүө улуустааҕы «Аман өс» уус-тылга күрэх ыытылынна. Күрэҕи Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотека уонна улуустааҕы үөрэх управлениетын саха тылын уонна литературатын, төрүт култууратын методическай холбоһуга тэрийэн икки түһүмэҕинэн ыыттылар.
Күрэххэ уопсайа 15 сааһыттан үөһээ саастаах дьонтон 15 сайаапка киирдэ. Бастакы түһүмэххэ кыттааччылар бэйэлэрин билиһиннэрэн, көҥүл тиэмэҕэ тыл этэн видеоматериалларын олунньу 22 күнүгэр диэри куйаар ситиминэн ыыппыттара. Мантан дьүүллүүр сүбэ көрөн, бастыҥнары талан тоҕус киһи иккис түһүмэххэ киирбиттэрэ. Олунньу 25 күнүгэр zoom платформаҕа иккис түһүмэх ыытылынна. Кыттааччылар бэриллибит тиэмэлэргэ санааларын, көрүүлэрин, сонун этиилэрин эттилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ саха тылын уонна литературатын учуутала Дьяконова Изамира Николаевна, Нам улууһун Культураҕа уонна духовнай сайдыыга управлениетын уус-уран салайааччыта Платонова Матрена Анатольевна, республиканскай эдэр ыччат “Айар аартыкпыт аргыстара” уонна улуустааҕы “Отуу уота” литературнай түмсүүлэр чилиэннэрэ Васильева Оксана Егоровна үлэлээтилэр.
Күрэх түмүгүнэн «Кэскиллээх этээччи» ааттары ыллылар И.С. Гаврильев аатынан маҥнайгы нүөмэрдээх оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ Елисеева Саина, салайааччы Сивцева Айыыла Ильинична уонна Модут орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Павлов Николай, салайааччылар Петрова Татьяна Васильевна, Мухина Ирина Гаврильевна, Гуляев Владимир Иванович. «Уран тыл» иҥэрилиннэ Хамаҕатта нэһилиэгин «Сарыал» уһуйаанын иитээччитэр Индеева Саргылана Руслановнаҕа, салайааччы Герасимова Айталина Фомична. «Хомоҕой тыллаах этээччи» ааты ылла Үөдэй нэһилиэгин олохтооҕо Софронов Степан Устинович, салайааччы Обутов Николай Михайлович. «Бастыҥтан бастыҥ араатар» ааты ылла Үөдэй нэһилиэгин олохтооҕо Местников Петр Михайлович, салайааччы Ядреева Надежда Васильевна. Кыайыылаахтарга Добун суруктар, бириистэр, бары кыттыылаахтарга туоһу суруктар, салайааччыларга, дьүүллүүр сүбэ чилиэннэригэр махтал суруктар туттарылыннылар.
“Хас биирдии омук, элбэҕиттэн-аҕыйаҕыттан тутулуга суох төрөөбүт тылын, төрүт үгэстэрин, омук быһыытынан уратытын харах харатын курдук харыстыахатаах” — диэн Мандар Уус эппит тылларынан тэрээһиммит түмүктэннэ. Тэрээһиммитигэр кыттыбыт дьоммутугар-сэргэбитигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит, бары чэгиэн-чэбдик буолуҥ, үөрэххитигэр, үлэҕитигэр ситиһиилэри! Төрөөбүт тылгытын таптааҥ, төрөөбүт тылгытын харыстааҥ!