От ыйын 8 күнүгэр Дьокуускай куоракка «Төрүччү төлкөтө» диэн Саха Республикатын норуоттарын II Төрүччү сьеһэ аһылынна. Бу улахан суолталаах тэрээһиҥҥэ Нам улууһуттан 30-ча киһилээх делегация кыттыыны ылла. Делегацияны «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Абрамов П.В. салайан илдьэ сырытта.
Съезд чэрчитинэн Комсомольскай болуоссакка төрүччүгэ анаммыт быыстапкалары көрүү тэрилиннэ.
Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотеката «Нам улууһа: төрүччү төлкөлөөх, удьуор утумнаах» диэн улахан быыстапканы туруорда. Бу быыстапкаҕа улуус нэһилиэктэрин краеведтара, библиотекардара оҥорбут, хомуйбут матырыйааллара көрдөрүүгэ турдулар. Ол курдук, улууспут биллиилээх дьоно М.К.Аммосов, И.Е.Винокуров, Е.Г.Охлопков -Буоратай төрүччүлэрэ дьон сэҥээриитин ылла. Киин библиотека фондатыттан уонна биирдиилээн дьиэ-кэргэттэр оҥорбут төрүччүгэ аналлаах кинигэлэрэ, альбомнара, уопсайа 40-тан тахса таһаарыы кинигэ быыстапкатыгар турда. Быыстапкаҕа Хатыҥ-Арыы, Бөтүҥ, Нам оскуолаларын үөрэнээччилэрэ төрүччүлэрин үөрэппит дакылааттара бааллар.
Уопсайа республика 16 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан быыстапкалар турдулар. Быыстапкалары көрүү түмүгүнэн, Нам улууһугар «Самое активное и массовое участие» диэн анал аат туттарылынна.
Маны таһынан библиотека специалистара «Методология генеологических исследований: от теории к практике» диэн семинарга сырыттылар. Семинарга «Древо жизни» төрүччүнү үөрэтии программа автора, Новосибирскайтан кэлбит Дмитрий Киркинскай төрүччүнү электроннай ньыманан оҥорууну сиһилии кэпсээтэ, маастар-кылаас ыытта.