15.10.2024

«Сахалыы дьыктаан -2023»

Олунньу 18 күнүгэр республика үрдүнэн үгэс буолбут «Сахалыы дьыктаан» аахсыйа ыытылынна.  Быйылгы тэрээһин саха норуотун биир чаҕылхай уола,  сахаттан биир маҥнайгы тыл үөрэхтээҕэ, ураты көрүүлээх учуонай, тюрколог, талааннаах суруйааччы, тылбаасчыт уонна уопсастыба диэйэтэлэ  Г.В.Баишев-Алтан Сарын төрөөбүтэ 125 үбүлүөйдээх сылыгар ананна.  Тиэкис кини «Киэһэ айан» диэн айымньытыттан быһа тардыы ылылынна. «Саха дьыктааҥҥа” республикаҕа 2815 киһи кытынна.

Нам улууһугар аахсыйаҕа 13 былаһааккаҕа уопсайа 136 киһи сахалыы таба суруйууга бэйэлэрин тургутан көрдүлэр. Ол курдук, Модукка, Көбөкөҥҥө, Хамаҕаттаҕа, 2 Хомустаахха, 1 Хомустаахха, Арбыҥҥа, Салбаҥҥа, Бөтүҥҥэ, Аппааныга, Партизаҥҥа, Хатырыкка, Никольскайга, Граф Биэрэгэр Намнааҕы техникумҥа  саха тылын, литературатын учууталлара, библиотекардар  тиэкиһи аахтылар. Тиэкис төһө да уустук буоллар 35 кыттааччы туйгун сыанаҕа суруйдулар.

Көхтөөхтүк кыттыбыт улууспут дьонугар тэрийээччилэр ааттарыттан улахан махталбытын тиэрдэбит.

Р.Гоголева

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять