24.12.2024

Чаҕылҕаны ааҕабыт, Чаҕылҕаны туойабыт!

                                                                                        Таллан уонна Чаҕылҕан

Талбыт курдук талааннар

                                                                                    Өлүөнэлиин ыраастар

    Чаҕылҕанныы сырдыктар.

2024 сылга Эҥсиэли хочотугар киэн туттар биир дойдулаахтарбыт Саха биллиилээх поэта, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Гражданскай сэрии кыттыылааҕа Ефрем Степанович Сивцев — Таллан Бурэ 115, биллиилээх бэйиэт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, тылбаасчыт Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан 110, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх бэйиэт Анна Алексеевна Парникова – Сабарай Илгэ — 65 үбүлүөйдээх сыллара.  Дьоһун дьоммут ааттара, кэккэлэрэ кэҥии, чаҕылхай ааттара тахса туруохтара диэн эрэнэбит!

«Чаҕылҕаны ааҕабыт, Чаҕылҕаны туойабыт! улуустааҕы уус-уран ааҕыы күрэһэ сэргэхтик ыытылынна

Үтүө үгэс быһыытынан, сыл ахсын Үрүҥ тунах ыһыах программатыгар киллэрэн Н.М. Рыкунов аатынан киин модельнай библиотека дьоһун, биллиилээх дьоммут ааттарын үйэтитэн уус-уран ааҕыы күрэҕин ыыталлар.

 Ол курдук, бэс ыйын 16 күнүгэр Нам улууһугар «Чаҕылҕаны ааҕабыт, Чаҕылҕаны туойабыт!» уус-уран ааҕыы күрэх Эҥсиэли хочото-айар кут түһүлгэтигэр буолан ааста. Күөн-күрэс ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх бэйиэт, тылбаасчыт Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110 сылыгар ананна.

Күрэх тэрийээччилэринэн үлэлэстилэр Нам улууһун культураҕа уонна духуобунаска салалтата, Намнааҕы кииннэммит библиотека тиһигэ уонна Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин «Чороон» культурнай сынньалаҥ киинэ. Уус-уран  ааҕыыга Илья Чаҕылҕан хоһооннорун дорҕоонноохтук өйтөн этиигэ уопсайа биирдиилээн бөлөххө улахан уонна ыччат дьоҥҥо барыта 17 киһи кытынна, ону таһынан бөлөҕүнэн ааҕыыга икки.

Күрэс икки көрүҥүнэн ыытылынна:
— биирдиилээн уус- уран ааҕыы;
— бөлөҕүнэн уус — уран ааҕыы.

Дьүүллүүр сүбэҕэ сыаналаатылар: Прасковья Байанаева «Отуу уота» литературнай түмсүү бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 2019 с. Чаҕылҕаҥҥа анаммыт республиканскай айар күрэх Гран-при кыайыылааҕа.

Екатерина Евстафьева – Нам улууһа МТ оҕо, дьиэ-кэргэн, ыччат политикатын отделын салайааччыта, 2019 с. Чаҕылҕаҥҥа анаммыт республиканскай уус-уран ааҕыы күрэҕин Гран-при кыайыылааҕа.

Наталья Петрова – Афанасий Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин методиһа.

Түмүккэ  күрэх кыайыылаахтарынан ааттаннылар (биирдиилээн ааҕыыга) Илья Чаҕылҕан удьуор-аймахтара туруорбут анал бирииһин  «Кылаан чыпчаал» үрдүк аатын ылла Пелагея Павлова (Хатыҥ-Арыы нэһ.)

 

Анал ааттар:

Бөлөх ааҕыытыгар:

Ыраахтан-чугастан кэлбит уус-уран ааҕыы күөн-күрэһигэр кыттыбыт дьоммутун өссө төгүл эҕэрдэлиибит уонна махтанабыт, өрүүтүн да бу курдук кэскиллээх, историяны сыаналыыр, литератураны сэҥээрэр буолуҥ.

Ханнык баҕарар тэрээhин үптэн-харчыттан улахан тутулуктаах буолар. Тэрийэр комиссия аатыттан дириҥ махталбытын тиэрдэбит спонсордарбытыгар. Бүгүҥҥү күрэхпит кылаан чыпчаалын туруорбут Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан хаан-уруу аймах дьонугар, Петр Сивцев аатынан  Намнааҕы история уонна этнография түмэлигэр (директор Александр Иванович Копырин) уонна анал бириистэри Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин дьаһалтата (баһылык Ноговицын Иван Дмитриевич), Ленскэй нэһилиэк дьаһалтата (баһылык Петр Григорьевич Сокольников). 

Махтанабыт биир санаанан салайсыбыт, бииргэ үлэлэспит өйөбүл-көмө буолбут Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин «Чороон» культурнай сынньалаҥ киинигэр (директор Пономарева Саргылана Даниловна), коллегаларбытыгар, нэһилиэк библиотекардарыгар, убаастабыллаах дьүүллүр сүбэҕэ уонна күрэҕи салайан- иилээн ыыппыт ыытааччыларбытыгар Марина Корякинаҕа, Семен Аргуновка. Эһиги олоххут-дьаһаххыт таһаарыылаах буола турдун, чэгиэн-чэбдик сылдьыҥ!

Нам сирэ, дьоно-сэргэтэ бэйиэт, тылбаасчыт, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан  — чаҕылҕанныы сыдьаайбыт аатын,  хас биирдии саха киһитэ киэн тутта ааттыырын туһугар бииргэ үлэлээн-хамсаан, сырдык сыаллаах үтүө түмүктэрдээх тэрээһиннэри ыытан үйэтитэ туруохха. Кини суруйан хаалларбыт бастыҥ айымньылара сурукка-бичиккэ хааланнар Сахатын сирин дьонун, кэнчээри ыччатын сүрэҕэр сууланан Ийэ тыл сүмэтин иҥэрэн ааҕылла туруохтара диэн эрэнэбит!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять