25.12.2024

Дорҕоон түһүлгэтэ

Эркин курдук эрэнэр эр дьоммут,

Чөллөркөй күөмэйдэрин көҥкөтөн

Ааҕыы күрэҕэр кыттаннар

Дьиҥнээх «Дорҕоон түһүлгэтин” түстээтилэр.

Е. Лукинова-Сэргээнэ

 Муус устар 21 күнүгэр Н. М. Рыкунов аатынан киин библиотека ааҕар саалатыгар бэрт күргүөмнээх тэрээһин буолан ааста.

Улуустааҕы «Дорҕоон түһүлгэтэ» сахалыы уус-уран ааҕыы күрэҕэ  эр дьон ортолоругар Саха АССР төрүттэммитэ 100, Саха сирин биллиилээх государственнай, политическай деятелэ Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125  уонна Нам сэлиэнньэтигэр Аҕа сылларыгар  ананан ыытылынна. Бу күн ааҕар саалаҕа толору  эркин курдук эрэнэр эр   дьоммут мустан саха литературатын көмүс фондугар киирбит айымньылартан ааҕан добдугуратан барбыттара көрүөххэ, истиэххэ бэрт үчүгэйэ.   

Күрэхпитигэр улууспут нэһилиэктэриттэн 12 толуу эр дьон — Көбөкөнтөн Николай Бурнашев, Түбэттэн Аскалон Егоров, Бөтүҥтэн Семен Стручков, Хатыҥ-Арыыттан Михаил Нестеров, Үөдэйтэн Геннадий Игнатьев, I Хомустаахтан Радомир Лиханов, Партизантан Иван Сыромятников, Модуттан Михаил Новиков, Таастаахтан Владимир Петров, Хамаҕаттаттан Василий Сивцев уонна И.Е. Винокуров аат. педагогическай колледж студеннара Иосиф Семенов, Ариан Колосов (сал. Прасковья Байанаева) кытыннылар.

  Өссө төгүл санатан  күрэх туһунан кыратык сырдатан ылар буоллахха, бу нууччалыыта  “Открой рот” диэн сүрдээх интэриэһинэй, дорҕоонноохтук ааҕыы чемпионата Бүтүн Россия үрдүнэн ааһар. Бу чемпионат барылынан оҥоһуллубут күрэххэ, анаан эр дьон эрэ кытынна. Онон ааҕыылара да атыннык көстөр. Күрэхпит 3 түһүмэҕинэн ааста.

Кыттааччылар биирдии  тахсан талан ылбыт тиэкистэрин уустаан-ураннаан аахтылар,  2 түһүмэх түмүгүнэн элбэх баалы ылан финалга тахсыбыт 3 кыттааччы бары Саха Республикатын народнай поэтын С.Р.Кулачиков — Эллэй «Үс ыстыык үөһүгэр» диэн хоһоонун ааҕан «Муҥур кыайыылаах» аатын былдьастылар. Чемпионат түмүгүнэн 1 миэстэни ылла Аскалон Егоров — Түбэ нэһилиэгин олохтооҕо, 2 миэстэ — Василий  Сивцев, Хамаҕаттатааҕы Саха французскай лицей саха тылын учуутала уонна 3 миэстэни ылла — Михаил Новиков Модут нэһилиэгин орто оскуолатын директора.  Көрөөччу биһирэбил бирииһин ылла — Николай Бурнашев Көбөкөн нэһилиэгиттэн.

Күрэхпитин кыраҕытык кэтээн, истэн дьүүллүүр сүбэ көрдө:

Алла Иннокентьевна  Максимова – Нам улууһун культуратын уонна духуобунай сайдыыга управлениятын  кылаабынай режиссера,

Роман Александрович Герасимов – Намнааҕы народнай театр  режиссера,

Лена  Михайловна Колпашникова – “Эҥсиэли” радио ыытааччыта.

Истиҥ тэрээһиммитин  киэргэтэн өрө көтөҕөн биэрдилэр оҕо түөлбэтин «Дьырылы» фольклорнай куруһуок оҕолоро(сал. Тамара Уваровская), И.С.Гаврильев аат. Намнааҕы N1-дээх орто оскуола 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ, республикатааҕы «Уолан ааҕыылара» күрэх кыайыылаахтара (сал. Вероника Старостина) уонна «Ньургуһун» үҥкүү хор народнай коллективын концертсмейстера, СӨ культуратын туйгуна, мелодист Афанасий Татаринов.

Онон иккис төгүлүн ыытыллыбыт улуустааҕы «Дорҕоон түһүлгэтэ» сахалыы уус-уран ааҕыы күрэх эр дьон ортолоругар сэргэхтик барда.

Кыттааччыларбытыгар,  эркин курдук эрэнэр, биһигини көрө-истэ сылдьар эр хоһууннарбытыгар,көмөлөспүт дьоммутугар махталбытын тиэрдэбит.

Сырдык санаанан салайтаран туппуккут тубустун, айбыккыт айхалланнын, айыыларгыт арчылыы-араҥаччылыы сырыттыннар диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит!

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять