21.12.2024

Хоһооннорум-иэйиим сылаас тыыннара

Алтынньы 12 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан киин модельнай библиотекаҕа поэт, суруналыыс, Россия Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, Саха сирин киинэтин бэтэрээнэ, Салбаҥ, Хамаҕатта нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Макар Николаевич Жирков — Хара Макар төрөөбүтэ 95 сылыгар аналлаах «Хоһооннорум — иэйиим сылаас тыыннара» диэн кини сырдык аатыгар ахтыы күнэ буолан ааста. Бу күн Макар Николавичпыт туһунан сылаас истиҥ тылларбытынан сэһэргэһэн,  ахтан-санаан ыллыбыт. Тэрээһиммитигэр кыттыыны ыллылар Хара Макар кыргыттара Лариса Макаровна Жиркова пенсионнай управление ветерана, Матрена Макаровна Зырянова — «Эдэр гвардеец» бэлиэ хаһаайына,  «Здоровые ноги» педикюрнай кабинет маастара, Маргарита Макаровна Кузьмина — Тыа хаһаайыстыбатын туйгуна,  «Көмүс күһүн» үҥкүү бөлөҕүн ветерана,  аймах-билэ дьоно, доҕотторо, «Отуу уота» литературнай түмсүү. Кыргыттара аҕаларын туһунан сүрдээх үчүгэй ахтыыны оҥордулар уонна бу сылга оскуолаҕа киириэн иннинээҕи, кыра оскуола саастаах оҕолорго анаан урут бэчээккэ тахсыбатах хоһооннорун хомуйан «Сүүр-көт» кинигэни таһаарбыттарын билиһиннэрдилэр. Суруйааччы хоһооннорун  сиэннэрэ Хамаҕатта Саха-Французкай  оскуолатын 3-с кыл. Талбан Широких «Мой конь» уонна 7-с кыл. Айгылаана Широких «Сиккиэр силлиэ», Чаҕылҕан аатынан алын сүһүөх  1 кылааһын үөрэнээччитэ Уруйдаана Саввинова «Тыытыма эн чыычаах уйатын» уонна библиотека үлэһиттэрэ аахтылар. Мелодист Надежда Семеновна Макарова суруйааччы оҕолорго аналлаах хоһоонноругар уонча ырыалааҕын уонна хоһоонноро ырыа айылларыгар тыллара-өстөрө тупсаҕайын бэлиэтээн кэпсээтэ. Ити курдук кэлбит ыалдьыттарбыт суруйааччы олорон ааспыт олоҕун, айымньыларын туһунан сылаас тылларынан ахтан, сэһэргээн тарҕастылар.

Макар Жирков — Хара Макар «Турабын кэннибин хайыһа» диэн хоһоонугар «Олоҕум уһугар ыйытыам этэ, мин тугу кэннибэр хааллардым?» —  диэн суруйбута баар. Макар Николаевич Жирков олорбут олоҕо, дьоһун үлэтэ, айан-тутан хаалларбыт айымньылара барытын туоһулууллар, бу ыйытыытыгар толору хоруйдууллар. Макар Николаевич салгыыр  утум дьоннордоох, сиэннэрдээх, онон олох кэскилэ ууһуур, тэнийэр.

 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять