Ийэ тыл уонна сурук – бичик күнүнэн оҕо библиотеката араас тэрээһиннэри ыытта;ол курдук республиканскай акцияҕа кыттан №5 «Кэскил», №4 «Чэчир» оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ сахалыы диктаны төһө сөпкө суруйалларын тургутан көрдүлэр.Туһаныллыбыт литература; К.Д. Ушинскай “Төрөөбүт тыл,тылбаастан быһа тардыы”. 30 үлэһит кытынна.
Таллан- Бүрэ сыдьааннара
Н.С. Охлопков аатынан Нам улуустаагы гимназиятыгар ССРС Суруйааччыларын сойууьун чилиэнэ,Саха АССР культуратын утуелээх улэьитэ Е.С.Сивцев Таллан- Бүрэ сыдьааннарын кытта көрсүһүү биэчэр 5-6 кылаастарга буолла.Кини олоҕун уонна айар үлэтин туһунан сырдаттыбыт,кэпсээтибит.Манна кыттыыны ыллылар Таллан- Бүрэ сиэннэрэ, Айыла Ильинична, Марианна Алексеевна уонна хос сиэннэрэ.Кинилэр эһээлэрин туһунан ахтан – санаан аастылар. 5 “а” кылаас уолаттара Таллан Бүрэ хоһооннорун аахтылар.
Хоһоон түһүлгэтэ
И. С. Гаврильев аатынан Нам №1 орто оскуолатын 2”б” кылаас үөрэнээччилэригэр Таллан Бүрэ 110 сылыгар аналлаах “Хоһоон түһүлгэтэ” буолан ааста. Уопсайа 29 оҕо кытынна. 1 миэстэни ылла Аргунова Виолетта, 2 миэстэ – Кривошапкин Алеша, 3 миэстэ – Попова Айыллаана.
Таптыыр Саха тылынан…
Олунньу 18 күнүгэр Республиканскай акцияҕа “Таптыыр Саха тылынан…” 2-3-4 кылаас үөрэнээччилэригэр сахалыы диктант суруйуу буолла.Оҕолор республика үрдүнэн буола турар тэрээһиҥҥэ көхтөөхтүк кытыннылар. Бу диктант ыытыллар сыала – соруга: сатаан сөптөөхтүк таба суруйууга үөрэнии,суруйар дьоҕуру сайыннарыы буолар.Манна Нам алын сүһүөх оскуолата,Улуустааҕы гимназия,1№ Нам орто оскуолата кыттыыны ылла.
Төрөөбүт тыл – дэгиттэр билии, сайдыы төрдө
Кинигэни ааҕыы аан дойду үрдүнэн икки атахтаах – киһи барахсан сайдыытын таһымын көрдөр. Оҕону ааҕыыга уһуйуу биир суолунан сааһыгар сөптөөх кинигэни, хаһыаты, сурунаалы истэ, билэ – ааҕа улаатыыта буолар. Биһиэхэ библиотекаҕа детсад сааһыттан кэлэллэр. Кыра сааһыттан остуоруйаны истэ, билэ улаатар оҕо тыла – өһө сайдар, өйдүүр эйгэтэ кэҥиир. Төрүт тылбыт уонна сурук – бичик күнүгэр “Туллукчаан” детсад иитиллэччилэрэ (26 оҕо) “Таал – таал эмээхсин” диэн сторисек оонньууга кытыннылар. Сторисек – диэн сыала дьарыкпыт бэһиэлэй, умсулҕаннаах, кэрэхсэбиллээх буоларыгар оонньуур уонна атын эбии реквизит туттан кинигэни “тыыннаах” оҥорорго көмөлөһүннэрии. Манна наада кинигэбит, ойуулар, мультфильм, сорудахтар.
Оонньуу хаамыыта:
— Остуоруйабытын дорҕоонноохтук ааҕыы;
— Боппуруостарга эппиэттээһин (Остуоруйа сүрүн дьоруойдарын ааттаа, Таал – таал эмээхсини ким быһаата? уо.д.а.);
— Таабырын таайсыы;
— Сорудахтар: Таал – таал эмээхсин көмө көрдөөбүт дьоруойдарын уочараттарын бэлиэтээ (илиискэ уруһуй бэриллэр), Таал – таал эмээхсин күн аайы иккилии ыаҕас ууну баһар буоллаҕына, үс күн хас ыаҕас ууну баһарый?, Таал – таал эмээхсини уу баһар ойбонугар тириэрт (ойуу бэриллэр);
— Уу баһар ыаҕастары уруһуйдуубут;
— Мультфильмын көрөбүт.
Сторисек оонньуу библиотекарь, төрөппүт айамньылаахтык улэлииллэригэр көмөлөһөр, онтон оҕолор ааҕыыттан дуоһуйууну ылаллар, кинигэни кэрэхсиир буолаллар.