09.11.2024

Уостубат иэйиилээх Удьурҕай

 Хас биирдии киһи бэйэтин ис санаатыгар, ис туругар ПОЭТ. Кини кэрэни  кэрэхсиир, тугу барытын сэргээн хоһуйар, көрбүтүн үкчү ойуулуур уруһуйдьут тэҥэ буолар. Ол эрэн, ол хас биирдиибититтэн талыллан, айылҕаттан бэриһиннэрбит дьикти талааннара арыллан, дьон-сэргэ билинэр суруйааччылара буолан тахсаллар.

Поэзия Аан дойдутааҕы күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа кулун тутар 21 күнүгэр бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах, уус тыллаах, олохтоох ааптар, мелодист, учуутал идэлээх, РФ үөрэҕириитин туйгуна, “Саха Азия оҕолоро” фонда  стипендиата, “Отуу уота” литературнай түмсүү бастыҥ чилиэнэ  Алексей Михайлович Татаринов-Удьурҕай «Мин иэйиим сэбирдэх ыһыаҕа”  “Алааһым кустугун дьэргэтиэм” уонна “Айар абылаҥ аартыга” диэн үс хоһооннорун хомуурунньуктарын  сүрэхтиир биһирэмнээх күнэ буолан ааста. Кинигэлэр 2018 сыллаахха “Дани-Алмас” кыһаҕа бэчээттэнэн тахсыбыттар, киирии тылларын суруйан-бичийэн кинигэҕэ киллэрбиттэр СР суруйааччыларын сойуустарын чилиэннэрэ А.Г. Дунаев, Г.К. Эверстов-Тыыппалаах уонна В.В. Ушницкай-Сэки.

Үөдэй нэһилиэгиттэн төрүттээх, Удьурҕай диэн аатынан киэҥник биллибит истиҥ тыллардаах хомоҕой хоһоонноро ватсап ситиминэн тарҕанан, “Күрүлгэн”, “Чолбон” сурунаалларга, “Кыым”, “Киин куорат”, “Эҥсиэли” хаһыаттарга бэчээттэнэн дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыттара.

Дьоро күммүтүгэр Алексей Михайлович Татаринов-Удьурҕайы уруйдаан-айхаллаан эҕэрдэ тылларын тиэртилэр чугас доҕотторо, үөлээннээхтэрэ, аймахтара, Дьокуускай куораттан “Айар кут” литературнай түмсүү иһинэн тэриллибит «Кырсаада» түмсүү (сал. Басылайканова Галина Иннокентьевна-Кэнтик кыыһа), суруйааччы Валерий Никифоров-Суор Уола, «Отуу уота» литературнай түмсүү (сал. Дунаев А.Г.) уонна кини олоҕун саамай көмүс дьонноро, дьиэ кэргэнэ, таптала, олоҕун аргыһа Екатерина Алекссевна, кыыһа Айыына Татаринова.

Бу күн Удьурҕай хоһоонноро элбэхтик дорҕоонноохтук ааҕылыннылар, ырыа буолбут хоһоонноро ылланнылар, ол курдук “Кырсаада” түмсүү, библиотека үлэһиттэрэ, ыалдьыттарбыт, “Отуу уоттара”  ааптар хоһооннорун олус иэйиилээхтик ааҕан дьон биһирэбилин ыллылар. Ааптар 33 хоһооно ырыа буолан ырыалара күннэтэ республика радиотын долгуннарыгар иһиллэллэр. Хас да хоһоонугар мелодия айбыт Владислав Гаврильевич Ядреев-Бэйэ Киһитэ ааптар хоһоонноругар ырыаларын, саҥа айбыт “Туллук хаара” диэн ырыатын кэлбит ыалдьыттар сэргии иһиттилэр. Мантан салгыы ааптар кинигэлэригэр Мэҥэ Хаҥаластан кэлбит ыалдьыппыт өр сылларга библиотекарынан үлэлээбит Елизавета Семеновна Попова-Бааттаах Кырата экраҥҥа көрдөрөн туран ырытыыны оҥорбута болҕомтону тарта.

Үөрүүлээх быһыыга алгыстаах эҕэрдэ тылларын тиэртилэр улуус администрациятыттан общественноһы кытта үлэлиир отдел специалиһа Софья Дмитриевна Кобякова, Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын специалиһа Матрена Анатольевна Платонова, төрөөбүт Үөдэй нэһилиэгин                                                                                                                                            баһылыга Семен Владимирович Ядреев дьаһалынан 50 тыһыынча суумалаах сертификаты туттарда администрация үлэһитэ Екатерина Алексеевна Эверстова, учуутал идэтигэр үөрэммит кыһатыттан И.Е.Винокуров аатынан Намнааҕы педколлежтан Мария Васильевна Гоголева, Мария Прокопьевна Сидорова, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Наталья Протопопова-Натали о.д.а.

Ити курдук Поэзия таайтарыылаах күнүгэр айылҕа сиэдэрэйдик маанылаан элбэх талааны бэрсибит Алексей Михайлович дууһа кылын таарыйар, сүрэх кистэлэҥ санаатын, олох бары көстүүлэрин хоһоонноругар хоһуйар үс кинигэлэрин биһирэмэ олус истиҥник буолан ааста. Бу үтүө күҥҥэ хомоҕой хоһооннорунан кэпсэтэн, ыллам ырыалары дьиэрэтэн, санааны үллэстэн, хоһоон-ырыа түһүлгэтигэр бэрт сэргэхтик олорон, сынньанан, астынан-дуоһуйан тарҕастыбыт.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять