Рубрика
Билсиҥ, саҥа кинигэ.
Үс томнаах “Саха сирин историята электроннай кинигэ” быһыытынан ааҕыаххытын сөп.
Аныгы кэмҥэ наука балысханнык сайдан, историческай наука саҥа таһымҥа таҕыста. Кэнники кэмҥэ историяны саҥаттан көрүү, чинчийии үксээтэ. Холобур, археологияҕа естественнай наука ньымаларын күүскэ туһанар буоллулар. Араас радиоуглероднай, дендрохронологическай анализтарга олоҕуран, пааматынньыктар датировкаларын чуолкайдааһын, антропологическай, генетическай, медико-биологическай, физико-химическай чинчийиилэри туһанар буоллулар. Бу саха үөрэхтээх көлүөнэ дьоно үрдүк таһымҥа тахсыылара саарбаҕа суох.
“Саха сирин историята” диэн бөдөҥ чинчийии тахсарын бары долгуйа кэтэстибит. Бу дьоһун үлэни историктар, археологтар уонна этнографтар 2013 сылтан үлэлээн үс туомнаах кинигэни оҥорон, бэчээттэтэн, Саха Автономията төрүттэммитэ 100 сылыгар анаан утары ууннулар.
П.А. Ойуунускай төрүттээбит института – Россия наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийиилэр уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар кыһалҕаларын института 85 сааһын туолар үбүлүөйгэр ананна. Бу улахан кэрдиис кэмҥэ Саха сирин норуоттарын устуоруйатын, тылларын уонна култуураларын үөрэтиигэ туох ситиһиилэннэ диэн түмүк оҥоһуллунна диэн бэлиэтиибит.
Окладников салайаачылаах “Саха сирин историята” диэн 3 томнаах урукку таһаарыы бастакы туома 1955 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Кинигэ эппиэттээх редактора, историческай наука доктара, профессор А.Н. Алексеев буолар. Бу үлэҕэ биллиилээх саха учуонайдарбытын РН Бравина, А.А. кытары тэҥҥэ Россия аатырар учуонайдара кыттыыны ыллылар, холобур, Сибиир археологиятыгар биллэр үлэлэрдээх Санкт-Петербурдааҕы университет профессора Д.Г. Савинов, Кунсткамера музейын дириэктэрэ, РФ Государственнай бириэмийэтин лауреата, этнограф, РНА чилиэн-корреспондена А.В. Головнев, хотугу норуоттар тылларын үөрэтэр, филологическай наука доктора А.М. Певнов о.д.а.
«Саха сирин историята” үс туомнаах үлэҕэ туох киирдэ? Кинигэҕэ Саха сирин историята Аан дойду, Арассыыйа устуоруйатыгар дьүөрэлии тутан сырдатылынна. Айыы сирэ аһаҕас буоларыныы, урут да кэлии, барыы, ол быыһыгар алтыһыы да, атааннаһыы да элбэҕэ. Кинигэҕэ устуоруйа хас биирдии кэрчик кэмэ Киин Азия уонна Сибиир уопсай историческай сайдыытын сырдатар түһүмэхтэн саҕаланар. Кэнники сылларга урукку сабыылаах архыыптар ааннара аһыллан, устуоруйаны сырдатыыга үөһэттэн бобуу-хааччах көтүрүлүннэ. Ол кэнниттэн ааспыт үйэ аҥаарыттан ордук кэмҥэ олох бары эйгэтигэр, ол иһигэр наука сайдыытыгар улахан уларыйыылар таҕыстылар.
1 туом таас үйэттэн саҕалаан нуучча кэлиэҕэр диэри археология уонна этнография матырыйаалларыгар олоҕуран сурулунна. Урукку таһаарыыга Саха сирин олохтоох норуоттарын култууралара анал миэстэни ылбатаҕа, оттон билигин онно ураты болҕомто уурулунна. Бастакы туомҥа археология хайысхатыгар улахан болҕомто саха төрүтүн, историческай сайдыытын туһунан историческай проблемаҕа уурулунна. Манна кэнники арыйыллыбыт археологическай пааматынньыктар төһүү буоллулар. Намҥа көстүбүт Нэлэгэр диэн сиргэ сахалар X-XII үйэлэргэ олоро сылдьыбыттарын радиоуглероднай анализ түмүгэ көрдөрдө. Ити кэмҥэ Уус-Алдан Угаанньы, Аммаҕа Сырдык сулус диэн сирдэргэ сахалар түөлбэлээн олорбуттарын радиоуглероднай анализ чуолкайдаата. Бу кэмҥэ Сибииргэ климат биллэ сылыйа сылдьыбыт. Саха сирин географиятын уонна айылҕатын туһунан түһүмэҕи биологическай наука дуоктара Р.В. Десяткин салайааччылаах географтар уонна биологтар бөлөхтөрө суруйда.
2 туомҥа Саха сирэ нуучча судаарыстыбатыгар киириэҕиттэн ХХ үйэ саҥатыгар диэри ураты уустук кэрчик сырдатылынна. Саха сирэ сурукка-бичиккэ, дөкүмүөннэрэгэ киириэҕиттэн, ис туруга, социальнай –экономическай тутула, сирин, территориятын быһаарыы, бастакы үөрэхтээх дьон кэлиилэрэ, экспедициялар дөкүмүөннэригэр олоҕуран киирдилэр. Бу II-с том автордара, историческай наука доктордара АА.Борисов, В.Н. Иванов, Д.А.Ширина, И.И. Юрганова, и.н. к. П.П. Петров буоллулар.
3 туомҥа ХХ-ХХ1 үйэлэр – сэбиэскэй былаас олохтонуута, гражданскай сэрии, колхуостааһын, Аҕа дойду сэриитэ, ол иһигэр аччыктааһын, көһөрүү, онтон да атын улахан мөккүөрдээх уустук тиэмэлэр киирдилэр. Манна сахаттан тахсыбыт бастакы интеллигенциятын кылааттара, саха норуотун өйүн-санаатын уһугуннарбыт саха саарыннарын биһиги историябыт саҥаттан саҕылларыгар киллэрбит оруоллара сырдатыллар.
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата сөптөөх үбү-харчыны тыыран, Арассыыйа, тас дойдулар архыыыптарын, музейдарын үөрэтэн, чинчийэн, үгүс саҥа матырыйаал хомуйуллунна. Матырыйаалар, докумуоннар сорохторо туспа кинигэ, альбом буолан бэчээттэнэннилэр
Кинигэ Новосибирскай куоракка баар “Наука” кинигэ кыһатыгар таҕыста. Барыта 9000 кинигэ тиражтаах (хас биирдии туома 3000 экземплярдаах буолла). Түмүкпэр этиэм этэ, хомойуох иһин, улуус библиотекатыгар икки эрэ комплект кэллэ, онон бу кинигэлэри ааҕааччыларга анаан биһиги библиотекабыт сайтыгар киирэн аһаҕастык доступ бэриллибит страницатыгар киирэн ааҕыаххытын сөп. @namlib.ru аадырыска киирэҥҥит История Якутии тута электроннай кинигэ быһыытынан аһан көрүөххүтүн сөп.
Ити курдук, өрөспүүбүлүкэ наукаларын кырдьаҕас кыһата аныгы үйэҕэ тэтимин эбэр, наука инники күөнүгэр эрэллээхтик хаамар бэлиэтинэн бу үс томнаах историябыт кинигэтэ буолан таҕыста. Республикабыт тэриллибитэ 100 сыллаах үбүлүөйдээх сылыгар ыччтаттарбытгар сүдү бэлэх буолла.
Нам улууһун кииннэммит библиотекалар ситимнэрин директора Майя Софронова
История Якутии