22.12.2024

Маайыскай чаҕыл сааһа

Улуус Ытык киһитэ, суруйааччы, уруһуйдьут, саахыматчыт, булчут Василий Васильевич Кривошапкин-Маайыскай 80 сылыгар аналлаах «Маайыскай чаҕыл сааһа” диэн истиҥ-иһирэх тэрээһин киин библиотекаҕа буолан ааста. Бэлиэ күммүтүгэр поэт олоҕун аргыһа, айымньыларын музата РСФСР, СССР үөрэҕириитин туйгуна, методист-учуутал, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Нам улууһун Ытык киһитэ Александра Васильевна Кривошапкина, оҕолоро, сиэннэрэ, аймахтара, биир дойдулаахтара Көбөкөн нэһилиэгин олохтоохторо, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, доҕотторо кыттыыны ыллылар. Эҕэрдэ тылларын эттилэр Нам улууһа МТ баһылыгын солбуйааччыта Инна Иннокентьевна Сивцева, Нам улууһа МТ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениятын начальнига Елена Александровна Заровняева уонна киин библиотека директорын солбуйааччыта Зоя Ивановна Лукина. Хатырык орто оскуолатыгар, Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо Егор Иванович Колмогоров-Быдый, Федор Федорович Павлов, Көбөкөн орто оскуолатыгар директорынан, учууталынан үлэлээбит коллегалара Валерий Романович Кутуков, Екатерина Афанасьевна Лукинова, Варвара Николаевна Макитова, поэт “Нам сирэ”, “Нам таптал биһигэ” хоһооннорун ырыа гынан көтүппүт Иван Афанасьевич Бубякин-Чөҥөчөх, “Ырыа 80” республикатааҕы күрэх лауреата Людмила Дмитриевна Рехлясова, “Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэнэ Василий Васильевич Ушницкай-Сэки, үөрэппит оҕото Степанида Николаевна Парнякова сылаас, истиҥ тылларынан ахтан-санаан ыллылар. Маайыскай иһирэх тыллардаах хоһооннорун киин библиотека үлэһиттэрэ, Көбөкөн орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ уонна бэчээккэ тахса илик хоһооннорун нэһилиэк олохтоохторо ааҕан иһитиннэрдилэр. Поэт уостан түспэт ырыаларын «Дьүөгэлэр” народнай-вокальнай, Көбөкөн нэһилиэгиттэн “Чэлгийэ” ансаамбыллар, Илларион Пестерев, Вячеслав Ядреев ыллаан иһитиннэрдилэр. Көбөкөн нэһилиэгин П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан сынньалаҥ киинин үлэһитэ Светлана Семеновна Федотова Маайыскай сылыгар аналлаах тэрээһиннэри кэлбит ыалдьыттарга кэпсээтэ, махтал суруктары туттарда.

Ити курдук бары өртүнэн талааннаах таптыыр поэппыт, биир дойдулаахпыт Василий Васильевич Кривошапкин-Маайыскайга анаммыт тэрээһиммит олус сэргэхтик буолан ааста. Поэт суруйан хаалларбыт истиҥ тыллаах хоһоонноро, ылбаҕай ырыалара хас биирдии бэйэбитигэр сүрэххэ сууланан, үйэттэн үйэҕэ ааҕылла, ыллана туруохтара.

 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять