
(1941-1945)
Кыайыы 80 сылын көрсө Мэҥэ Хаҥалас оройуона Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыт биир дойдулаахтарын үйэтитэн, нэһилиэктэринэн 34 кинигэттэн турар архыып докумуоннарыгар олоҕурбут улахан бырайыагы оҥорбута. Бу сыаната кэмнэммэт үйэлээх кинигэлэр Нам киин библиотекатын фондатыгар киирдилэр.
Күндү ааҕааччыларбыт, Мэҥэ Хаҥалас улууһуттан төрүттээх дьоммут, библиотекаҕа кэлэн уоттаах сэриигэ олохторун толук ууран охтубут, сэрииттэн тыыннаах эргиллибит, тыыл тыйыс үлэтигэр үлэлээбит биир дойдулаахтаргыт, аймах-билэ дьоҥҥут тустарынан кэлэн ааҕыҥ, билсиҥ, сэргээҥ!
