Поэзия үрдүк чыпчаалыгар тахсыбыт, сахалыы саҥалаах барыта билиммит народнай поэта Семен Петрович Данилов, быйыл кулун тутар 20 күнүгэр 100 сааһын туолла. А.Шестаков аатынан сынньалаҥ киинэ уонна Н.Рыкунов аатынан улуустаа5ы библиотека «Сүрэх истин иэйиитинэн» хоһоон, ырыа түһүлгэтин тэрийдилэр.
Поэт бу орто дойдуга бэйэтин аналын толорон, дьонугар-сэргэтигэр элбэх хоһооннору хаалларбыта, уостан түспэккэ күн бүгүҥҥэ дылы ыллыыр ырыалардаах. Поэттар бэйэлэрэ этэллэринэн, киһи барыта эрэ, хоһоону өйдөөбөт, ылыммат… Ол гынан баран, Семен Данилов хоһооннорун киһи ааҕан истэҕин ахсын ылларан, саҥаттан-саҥаны арыйан, умсугутан иһэр. Поэт хоһооннорун П.Д.Байанаева, («Отуу уота» түмсүү) О.Н.Ядрихинская («Иэйии» түмсүү) иэйэн-куойан ааҕаннар, дьону долгуттулар. Көрсүһүүгэ Потапов Д.И (оҕо киинэ) кэлэн, поэт кини абаҕатыгар анаабыт «Суол таҥарата» хоһоонун аахта. Абаҕата С.П.Соловьев Семен Данилов суоппара эбит, үйэтин тухары, суол эндирин — эриллэҕэһин этинэн-хаанынан билбит, суолга араас моһуоктарын эрэллээхтик туораабыт, чугас алтыспыт киһитигэр хоһоон анаабыт.
Семен Данилов Намы кытта быстыспат ситимнээх — таптала, дууһатын ымыыта, кэргэнэ Нам, Хамаҕаттатын кыыһа Анна Семеновна Гаврильева. Былырыын Горнай улууһугар сылын аайы ыытыллар «Бор көмүс күһүнэ» литературнай түһүлгэҕэ, «Отуу уота» литературнай түмсүүлэр, библиотека улэһиттэрэ, Бор алааска Намтан хатыҥ илдьэн олордон, ситими салҕаан биэрдилэр. Таллан Бүрэни кытта истиҥ доҕордуулар этэ, «Нам» диэн хоһоонун киниэхэ анаабыта.
Поэт хоһоонноро ырыа буолан көттөҕүнэ, дуораһыйдаҕына дьэ бу поэт тыына, айымньыта өссө уһаан – тэнийэн, олоҕо кэҥээн биэрэр. Ырыалара, хоһооно хомоҕой, киһи дууһатын таарыйар буолан, тыллара имигэстэринэн, умнуллубакка дьон-сэргэ наар ыллыыр ырыалара буолбуттара. Библиотека улэһиттэрэ урут агитбригада5а, сайылыкка элбэхтик ылламмыт «Сайылыкка» ырыаны унаарыччы ыллаабыттара, кырдьык түптэ буруотун сыта кэлэргэ дылы гынна. Кэлбит ыалдьыттар «О5о сааһым доҕотторо», «Саха уҥкуутэ» уонна атын ырыалары барытын ыллаһан туьулгэ5э кэлбит дьон астынна. «Дьүөгэлэр» ырыа вокальнай ансаабыла (сал.Кутукова Е.А) «Төрөөбүт дойдум», «Ферма кыргыттара» ырыалары үрдүк таһымнаахтык толороннор, кэлбит дьону сөхтөрдүлэр. Семен Данилов оло5ун, айымньыларын ахтан Е.А.Кутукова, П.Д.Байанаева санааларын уллэһиннилэр. Кэлбит ыалдьыттар тэрийээччилэргэ, поэты ахтан — санаан ааспыттарыттан ис сурэхтэриттэн махтаннылар. Ааҕааччылары, киэн далай Поэзия толоонугар киирэн, дууһаҕыт иэйиигэ куустаран, кэрэни, кэрэхсэбиллээҕи айа туруҥ диэн алгыыбыт.
Олох ханнык да ыар түгэнигэр,
Ийэ тылгыттан абыралы булуоҥ,
Кини баай байҕалыгар тиксэҥҥин
Баай дууһаланыаҥ
Өлбөт өйдөнүөҥ… Н. Павлова, К. Попова, улуустаа5ы библиотека