Бу чаҕылхай, ылааҥы күннэргэ саха тыллаах сэргээн, таптаан ааҕар поэтессата, суруйааччыта, суруналыыһа Наталья Владимировна Михалева-Сайаны Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта үрдүк аатын ылбыккынан Эҥсиэли хочотун ааҕааччыларын ааттарыттан истиҥ эҕэрдэ! ???
Наталья Владимировна, айар тыл сүмэтин имигэстик чочуйан уустуу тутан хомоҕой айымньыларгар оһуор гынан түһэрэн, ааҕааччылар биһирэбиллэрин ылаҕын. Дьоҥҥо, норуокка сөбүлэппит, сэргээн көрөр «Саха» НКИХ ыытар биэриилэрэ «Кэпсиэ», «Сэһэн сирэ» — бэйэлэрэ туспа тыыннаахтар, айылгылаахтар.
Биһиги биир дойдулаахпытын Анна Парникова-Сабарай Илгэни кытта саха литературатыгар хоһоон сиэдэрэй хонуутугар биир кэмҥэ киирбиккит. Сабарай Илгэ айымньыларын дьоҥҥо-сэргэҕэ билиһиннэрэн, биһиги ааҕар дьиэбитигэр үгүстүк ыалдьыттаан, ааҕааччылардыын истиҥник сэһэргэһэн, көрсүһэн, элбэх үлэни ыыппыккар махталбытын тиэрдэбит!
Саха норуота киэн туттар киһитэ Наталья Михалева-Сайа уонна эн сүгүрүйээччилэргэр Нам улууһун кииннэммит библиотекатын тиһигин аатыттан өссө төгүл эҕэрдэ! Үрдүк ааты ылбыккынан астынабыт, үөрэбит, киэн туттабыт! @saya_sakha
#натальямихалевасайа
#намскаяулуснаябиблиотека??