22.12.2024

Оҕо сааһым махтала — Хамаҕатта детдома кинигэ сүрэхтэниитэ

Бүгүн, бэс ыйын 10 күнүгэр, А. Шестаков аат. улуустааҕы сынньалаҥ киинигэр Салбаҥ, Хамаҕатта, Никольскай нэһилиэктэрин, Нам улууһун, Мирнэй оройуонун Таас Үрэх нэһилиэгин Ытык киһитэ, СӨ үтүөлээх үлэһитэ, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, элбэх кинигэ ааптара Георгий Ильич Кривошапкин төрөөбүтэ 90 сылын, Хамаҕатта детдома тэриллибитэ 80 сылын көрсө, “Оҕо сааһым махтала – Хамаҕатта детдома” диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста. 

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии кэмигэр үгүс оҕо тулаайах хаалбыта. Кинилэри көрөр-харайар туһугар партия, правительство аҕалыы кыһамньытын ууран, сэрии сылларыгар Саха сирин үрдүнэн 33 детдом аһыллан үлэлээн, 2000 оҕо иитиллибитэ. Хамаҕаттатааҕы детдом 1943 сыллаахха тохсунньу 1 күнүттэн үлэтин саҕалаабыта. Оройуон нэһилиэктэриттэн уонна Саха сирин араас оройуоннарыттан тулаайах оҕолор кэлэн, манна иитиллибиттэрэ. Детдом бастакы дириэктэринэн Баишев Михаил Устинович үлэлээбитэ. Бу детдом 1943-1954 сс. үлэлээн үгүс оҕо үрүҥ тыынын өрүһүйбүтэ. 1945 сыл сааһыгар детдом дириэктэр инэн үөрэх оройуоннааҕы салаатын инспектора Парников Роман Семенович анаммыта. Кини кэлиэҕиттэн детдом олоҕо, үлэтэ-хамнаһа тупсубута. Урукку өттүгэр икки дьиэнэн олорбут оҕолор аны биир киэҥ-куоҥ куорпуска олохсуйбуттара. Детдом иитиллээччилэрэ саас үөрэх дьыла бүтэрин кытта, оттук маһын бэлэмнээһиҥҥэ, луук хомуйуутугар, сайын от үлэтигэр көмөлөһөллөрө.

Детдом туспа хаһаайыстыба тэринэн сылгыны, ынаҕы, сибиинньэни ииппитэ. 2018 сыллаахха, детдом тэриллибитэ үбүлүөйдээх 75 сылыгар, Хамаҕаттаҕа, детдом дьиэтин таһыгар, иитиллээччилэр, чуолаан, Февронья Дмитриевна Ушницкая туруорсууларынан, өйдөбүнньүк Мэҥэ Таас туруоруллубута. Ол күн Нам улууһун библиотеката Георгий Ильич Кривошапкин “Иитиллибит иэспитин төлөөн” диэн ахтыылартан таҥыллыбыт тэттик кинигэтин иккистээн бэчээттэтэн детдом иитиллээччилэригэр бэлэх ууммута. Ол кинигэҕэ олоҕуран, ахтыылары салгыы хомуйан, кинигэ иккистээн ситэн-хотон тахсарыгар баҕа санаа этиллибитэ. Нам улууһун дьаһалтата, улуус баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов анал программаҕа киллэрэн кинигэ күн сирин көрдө. Кинигэ 2022 сыллаахха Саха АССР 100 сылынан Дьокуускайга, “Дани-Алмас” кинигэ кыһатыгар, 200 ахсаанынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэни хомуйан оҥордулар: Георгий Ильич Кривошапкин уонна Февронья Дмитриевна Ушницкая. Кинигэ 4 түһүмэхтэн турар. “Хамаҕатта детдомун историятыттан” диэн бастакы түһүмэххэ детдому төрүттэспит дьон, араас кэмҥэ үлэлээн ааспыт дириэктэрдэр тустарынан, ону тэҥэ үлэ бирикээстэрин докумуоннара киирбиттэр. “Умнуллубат үтүөлээх учууталларбыт, иитээччилэрбит” диэн иккис түһүмэххэ учууталлар уонна иитээччилэр тустарынан ахтыылар хомуллубуттар. “Махталынан, тапталынан ахтан-санаан» диэн түһүмэххэ1943-45 сс. Хамаҕатта детдомугар иитиллибит оҕолор испииһэктэрэ, ону тэҥэ ахтыылара суруллубуттар. “Хамаҕатта детдомун үбүлүөйдээх тэрээһиннэриттэн” диэн түһүмэххэ детдом 50, 60, 65, 70,75 сыллардаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэриттэн ахтыылар киирбиттэр.

Кинигэ ааптара, детдом иитиллээччитэ Февронья Дмитриевна Ушницкая кинигэ хайдах бэчээккэ бэлэмнэммитин билиһиннэрдэ. ССРС культуратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ, детдом иитиллээччитэ Сивцева Юлия Титовнаҕа тыл бэрилиннэ. “Иэмэх” фольклор бөлөҕө толоруутугар Алексей Татаринов тылларыгар, Любовь Иванова матыыбыгар “Күөх сайын эргийдэ” ырыа ылланна. “Нам улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччы Абрамов Петр Васильевич, Хамаҕатта нэһилиэгин баһылыгынан өр сылларга үлэлээбит Максимов И. Н., “Хамаҕатта нэһилиэгэ” МТ баһылыга Ушницкай Е.С., Н.М. Рыкунов аат. Намнааҕы кииннэммит библиотека дириэктэрэ Софронова М.Р., Никольскайдааҕы Сир түмэлин дириэктэрэ Протопопова П.Р. улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин председателэ Кобякова С.Д. эҕэрдэ тылларын тиэртилэр. Г.И. Кривошапкин кэргэнэ Валерия Степановна Кривошапкина истиҥ ахтыы оҥордо. Никольскайдааҕы Сир музейа Г.И. Кривошапкиҥҥа анаммыт быыстапканы туруорда. Детдомҥа иитиллибит оҕолор улаатан дьон-сэргэ дириҥник ытыктыыр бастыҥ дьоно буолбуттара. Бүгүн элбэх оҕо олоҕун быыһаабыт детдом үбүлүөйдээх сылын бэлиэтиир бэлиэ күн буолта. Бу дьоһун кинигэ детдомҥа иитиллэн тахсыбыт, оччолорго үлэлээн ааспыт дьоҥҥо, кинилэр оҕолоругар, сиэннэригэр, үүнэр көлүөнэҕэ өйдөбүнньүк бэлэх буолла. Оччотооҕу кэмҥэ төрөппүт истиҥ сыһыанын билбэтэх, сэрии ыар сылларын эттэринэн-хааннарынан билбит ытыктабыллаах дьоммутун бу бэлиэ күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Күндү дьоммут доруобай, чэгиэн буолуҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ диэн алгыыбыт.

«Нам улууһа» МТ пресс-сулууспата

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять