22.12.2024

“САХАМ СИРЭ, КИЭН ТУТУН ӨРКӨН ӨЙДӨӨХ, СААРЫН ДЬОҤҤУНАН!” күрэх түмүгэ

Саха сирин биллиилээх государственнай уонна политическэй деятелэ И.Е.Винокуров төрөөбүтэ 125, улууска Үөрэҕирии тэриллибитэ 150, П.П.Ядрихинскэй-Бэдьээлэ төрөөбүтэ 120 сылларыгар аналлаах, үүнэр 2022 сылга уһулуччулаах государственнай уонна политическэй деятель Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125, Саха сиригэр Автономия тэриллибитэ 100 сылларын  көрсө Өрөспүүбүлүкэтээҕи Үрүҥ Тунах Ыһыах чэрчитинэн ыытыллар “САХАМ СИРЭ, КИЭН ТУТУН ӨРКӨН ӨЙДӨӨХ, СААРЫН ДЬОҤҤУНАН!” аһаҕас уус-уран ааҕыы-дьүһүйүү күрэҕэ куйаар ситимин нөҥүө ыытылынна. Тэрийээччилэринэн Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтэ, «Нам улууһа»  муниципальнай тэриллии, “Нам улууһа» муниципальнай тэриллии  култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтата, Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим буоллулар. Күрэх Саха сирин биллэр саарын дьонун туһунан, кинилэр сырдык ааттарын, олорбут дьоһун олохторун, үлэлэрин үйэтитэр, сырдатар сыаллаах тэрилиннэ.

Күрэххэ уопсайа 11 киһи кытынна. I бөлөххө кыайыылааҕынан ХСФЛ “Добун дорҕоон” бөлөх ааттанна (салайааччы Сивцев В.Н.), 2 үрдэл – 1№ дээх Нам орто оскуолатын “Күндүл” бөлөх (салайааччы Данилова Л.Д.), 3 үрдэл – 1Хомустаах орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччитэ Новгородова Женя буоллулар.

II бөлөххө кыайыылаах аатын ылла 1Хомустаахтан Анна Мылаханова, 2 үрдэл ананна Наталья Ушницкая-Дайыынаҕа (Бөтүҥ), 3 үрдэлгэ Прасковья Байанаева (Нам с.) тигистэ. Маны таһынан анал ааттары ыллылар: “Уус уран ааҕааччы” – Айна Федорова (1Хомустаах), “Хомоҕой тыллаах ааҕааччы” – Татьяна Хомподоева (Фрунзе), “Абылаҥнаах ааҕааччы” – Татьяна Мальцева (Нам с.)

Бары кыттааччыларга махталбытын биллэрэбит уонна өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт!

Киирбит үлэлэри библиотека ютуб каналыгар киирэн көрүөххэ сөп.  https://www.youtube.com/channel/UC5xZszTen7F_BRTUTZypohw/videos

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять