28.12.2024

Суолтата сүппэт сурунаал кинигэ буолан таҕыста

 
Амма улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн чэрчитинэн саҥа, сонун кинигэ сүрэхтэниитэ ыытылынна. Үйэттэн ордук кэм аннараа өртүгэр күн сирин көрбүт “Сырдык” диэн илиинэн суруллубут сурунаал “Да минует тьма, Да здравствует просвещение…” диэн кинигэ буолан таҕыста. Сурунаал бас эрэдээктэрэ Амма улууһун бастакы кулубатын төрөппүт уола Асклипиодот Рязанскай буолар.
Кинигэни билиһиннэрии тэрээһинин  В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан киин бибилэтиэкэ сүрүн бибилэтиэкэрэ Лариса Винокурова иилээн-саҕалаан ыытта.
 

“Хрестоматия   2023  сыллаахха 300  ахсаанынан  Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай  университет  издательскай дьиэтигэр  бэчээттэнэн тахсыбыта. Эдэр интеллигенция 1917 сыллааҕы суруктара оччотооҕу кэминээҕи көрүүлэрэ, инники сайдыыны торумнаабыттара сөхтөрөр. Бу көстүбүт суруктар история саҥа кэрчиктэрин арыйбыттара хрестоматияҕа толору сырдатыллыбыт. Намҥа көстүбүт «Сырдык» сурунаал туспа кинигэ буолан бэчээттэнэригэр биир дойдулаахпыт драматург Василий Егорович Васильев — Харысхал, суруналыыс, суруйааччы, Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай Университет суруналыыстыка кафедратын сэбиэдиссэйэ Олег Гаврильевич  Сидоров, Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай Университет сурук музейын директора Афанасий Васильевич  Мигалкин, Хотугулуу Илиҥҥи Федеральнай Университет суруналыыстыка кафедратын доцена, философскай наука кандидата Валерий Борисович Надькин улахан өҥөлөөхтөр. Сурунаалга иккис тыыны биэрбит киһинэн Намнааҕы 2-с нүөмэрдээх оскуола учуутала Людмила Молчанова буолар. Людмила оҕо сылдьан эһэтин малларыттан булбут илиинэн суруллубут сурунаалын кылаакка тэҥнээн, харыстаан, көрөн- харайан илдьэ сылдьан, сурунаал кинигэ буолан тахсарыгар улахан оруолун ылбытын бэлиэтиибит. Ону таһынан, Национальнай библиотека үлэһиттэрэ сыыппараҕа түһэрэн (оцифровкалаан) улахан көмөнү оҥордулар”, — диэн Лариса Егоровна ханнык-туох кинигэ сүрэхтэнэрин билиһиннэрдэ.

“Сурунаал сырдатар тиэмэтэ киэҥ. Экономика боппуруоһа, норуот инникитигэр, сайдыытыгар 20-чэлэригэр эрэ сылдьар эдэр дьон киэҥник анааралларын, үрдүк таһымҥа толкуйдуулларын сөҕөн бэлиэтиибит. Кинилэр үлэлэрэ, өйдөрө-санаалара, билиҥҥи да кэмҥэ суолтатын сүтэрбэт. Сурунаалтан көстөрүнэн уопсайа 25 буолан таһаараллар эбит. Олор истэригэр Ксенофонтовтар, Никифоровтар, Гаврильевтар, Яковлевтар, онтон да атыттар. Сурунаал уопсайа 21-дэ тахса сылдьыбыт. 1920 сыл муус устарга бүтэһигин тахсыбыт. Ол кэнниттэн сурунаал таһаарааччылара сүтэллэр, симэлийэллэр. Суруйуу ис хоһооно оччотооҕу социализм киэбигэр сөп түбэспэт. Баар суох бастыҥ өйдөөх-санаалаах үөрэхтээх ыччаттарбыт ыар дьылҕаналлар. “Сырдык” сурунаалга атын сиртэн суруктар кэлэллэр эбит. Холобура “А.М.” диэн илии баттааһыннаах сурук баар. Бу сурук Иркутскайтан диэн ыйыллыбыт. Суругу Саха Автономиятын төрүттээччи, саха уһулуччулаах политическай, судаарыстыбаннай, уопсастыбаннай деятелэ Максим Кирович Аммосов суруйбут диэн дакаастыахха сөп. Тоҕо диэтэххэ, ити кэмнэргэ кини 1918-1920 сылларга Сибииргэ Томскайга сыылкаҕа сылдьыбыта. Аатын уларытан кистэлэҥ сорудахтары толороро. “Сырдык” сурунаалга оччотооҕу саха норуотун саныыр санаата түмүллүбүт. 1917-1920 сылларга суруйуулар биһиги историябытын үөрэтиигэ уонна суруналыыстыкаҕа, литератураҕа, үөрэҕирии салааларыгар биир улахан баай нэһилиэстибэбит буолар”, — диэн Намнааҕы историко-этнографическай түмэл видеоархыыбын пуондатын харайааччыта Мария Петрова сурунаал суолтатын бэлиэтээтэ.

Онтон кинигэ сүрэхтэммит бэлиэтин аалай лиэнтэни Амма улууһун дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов, Намнааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ тиһигин дириэктэрэ Майя Софронова уонна бастакы кулуба Афанасий Рязанскай хаан-уруу аймаҕа Александра Ноева кырыйдылар. Түмүк тылы Амма улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Ньургуйаана Илларионова эттэ уонна кэлбит ыалдьыттарга, кыттыыны ылбыт дьоҥҥо махталын биллэрдэ. Ону кытта бу сэдэх, баара эрэ 300 экземплярынан тахсыбыт кинигэни оскуола, нэһилиэк бибилэтиэкэлэригэр туттарда.
 

Матырыйаал ылылыннаhttps://амгагазета.рф/suoltata-syppet-surunaal-kinige-buolan-ta5ysta/

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять