26.12.2024

Сырдык киһи туһунан үтүө өйдөбүл

Саха норуодунай суруйааччыта Иван Мигалкин 70 сааһыгар

«Сахам дьоно, эһигинэ суох –
чыычаах чырыптаабат алааһабын,
күн көрбөт кырдалабын,
ааҕааччыта суох
умнуллубут поэппын»

Бу дьыл бэс ыйын 23 күнүгэр саха норуодунай поэта, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ  Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сыла бэлиэтэнэр. Хомойуох иһин, Иван Васильевич быйыл ыам ыйын 24 күнүгэр ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта…

Иван Мигалкин биһиги библиотекабыт үтүө доҕоро этэ. Элбэх литературнай тэрээһиннэрбитигэр күндү ыалдьыт буолан сылдьыбыта. Кини элбэҕи аахпыт, үгүс саха саарын дьонун кытта алтыспыт, киэҥ билиилээх, сэргэх сэһэннээх улахан поэт этэ. Хоһооннорун ис дууһатыттан ааҕара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын сойууһун салайааччыта буолан, улуустааҕы «Отуу уота” литературнай түмсүүнү өйүүрэ, олохтоох суруйааччылар кинигэлэрэ бэчээттэнэн тахсарыгар көмөлөһөрө, сүбэ-ама буолара. Кини Сойууһу салайар кэмигэр Намтан үгүс айар кутаах дьоммут суруйааччылар сойуустарыгар киирбиттэрэ, үүммүттэрэ-сайдыбыттара.

Поэт 70 сыллаах үбүлүөйүн көрсө Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека краеведческай салаата “Бэлэхтиим билэр-билбэт дьоммор сырдык үөрүүнү” диэн кинигэ быыстапкатын бэлэмнээтэ.

«Хоһоонтон дууһалыын сынньанар
Саха ааҕааччыта сэргии,
сэргэхсийэ аахтар,
Мин да киһи эбиппин дэниэм,
Ийэ сиргэ халтай кэлбэтэхпин билиэм»

 Иван Мигалкин Ийэ сиргэ олорон ааһар кэмигэр айан-суруйан хаалларбытын саха дьоно үйэлэргэ сэргии ааҕыахтара диэн эрэнэбит.

Р. Гоголева

Ахтыы

Саха норуодунай бэйиэтэ Иван Васильевич Мигалкин Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүүнү кытта олус истиҥ, чугас сыһыаннаах этэ. Кинини аан маҥнай Нам кулуубун сыанатыгар тахсан тыл этэрин истэн баран олус сөхпүтүм. Саха тылын сүмэтин дьиҥ чахчы баһылаабыт, устар ууну сомоҕолуур Ийэ тыл дириҥ чүөмпэтин өйүгэр-санаатыгар дириҥник ылыммыт улахан ааттаах бэйиэт биир да сыыс тыла суох саҥара-иҥэрэ турара билигин да харахпар көстөр. Иван Васильевич хас көрсүһүү аайы куруутун этэрэ: «Ийэ тыл сүөгэйин, сүмэтин тыыннаах илдьэ сылдьааччылар тыа дьоно буолаҕыт»,-диирэ. Оннук да буолан, Александр  Дунаев «Отуу уотун» салайан олорбут кэмигэр түмсүүбүтүттэн СӨ Суруйааччыларын сойууһугар 10 киһи киирбитэ.

 2021 сылтан «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччытынан ананан үлэлиэхпиттэн Иван Мигалкинныын өссө чугастык билсэн, элбэх тэрээһиннэргэ, көрсүһүүлэргэ алтыһан, үлэлээн кэлбиппит. Ол тухары кини ыллыктаахсүбэтэ-амата айар түмсүүбүт үлэтигэр күүс-көмө, тирэх буолбута.

Олоҕун аргыһынаан Зоя Васильевналыын элбэх ол-бу баайга-дуолга таласпакка саха ыалын сиэринэн, тыа сириттэн төрүттээх буолалларынан да олус сэмэйдик олорбуттара. Кинилэр дьиэлэригэр киирдэххэ мэктиэтигэр поэзия салгынынан илгийэр курдуга. Ол курдук дьиэ иһигэр ханна киир, ханна көр-кинигэ, кинигэ, өссө төгүл кинигэ уонна сурунаал, хаһыат, араас папкалар уо.д.а.. бэрт кичэллээхтик сааһыланан тураллара.

Аан дойдуну аймаабыт хамсык хабалата кинилэр дьиэлэрин эмиэ тумнубатаҕа. Ол саҕанааҕы кэмнэри уоллара Ньургун :»Ийэлээх аҕам бу ыар хамсыкка иккиэн улаханнык хаптараннар тута мөлтөөбүттэрэ, ол да буоллар саҥа өрүттэн иһэн, аҕам эбиитин инсуллаабыта, оттон ийэм сүрэҕэр эпэрээсийэлээх буолан сүрэҕэ бэргээбитэ»,- диэн кэпсээбитэ. Ол да буоллар олохторун тухары бииргэ олорон кэлбит иллээх ыал бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, арыый өрүттэн, өссө да олорорго, айарга-тутарга эрэл киирэн нус-хас ыал-ыал курдук олорбуттара.

Үс сыллааҕыта Иван Васильевич көрдөһүүтүнэн торуоска оҥорон биэрбитим. Оттон аны ол кэнниттэн күһүөрү арай миэхэ звоннуур: «Удьурҕай,  дорообо! Туох сонун, үлэҕит хайдаҕый…? Миэхэ төрөппүттэрбиттэн нэһилиэстибэ быһыытынан кэлбит олох былыргы икона баар. Ол иконам судургу буолбатах, хаппахтаах,  иэччэхтээх. Онтукам хаппаҕа алдьанан үрэллэн хаалла. Ону сатаан киһи өрөмүөннүөн сөбө дуу, кэлэн көрөөр эрэ. Баҕар эн ону сатыырыҥ дуу? «,-диэн олус хараастыбыт куоластаах эттэ.   Ол былыргы иконаны ылан, оҥорон, чөлүгэр түһэрэн биэрбиппэр олус да үөрбүтэ. Иконаны тутан туран:» Бу мин төрөппүттэрбиттэн кэлбитэ»,-диэн баран олус дуоһуйан, астынан өссө да уһуннук айа-тута  олорорго эрэл кыыма саҕыллыбыттыы тутан турбута. Торуоска да, икона да оҥоһуутугар харчы төлөөрү гыммытын ылбатаҕым. Ол кэннэ былырыын харчытыгар иһит уурар тумба ,быйыл олохтон барыан эрэ иннинэ кинигэлэрин уурар ааннаах ыскаап оҥотторон олус махтаммыта. Бэйэлэрэ да нэһиилэ олорор дьоҥҥо босхо оҥорон биэрээри гыммыппын, үлэ төлөнүөхтээх диэн сөбүлэммэтэҕэ. Хомойуох иһин, кинигэтин ыскаабын көрбөккө бараахтаата.

Быйыл кыһын Саҥа дьыл кэнниттэн кэргэнэ Зоя Васильевна улаханнык инсуллаан, уһуннук өйө суох сытан баран, эпэрээссийэ кэнниттэн өйүгэр киирэн, өрүттэн дьиэтигэр тахсыбытыгар Иван Васильевич санаата олус көтөҕүллүбүт этэ. Ол кэмҥэ дьиэлэригэр сылдьан, остуолга сэлэһэ олорон: «Медицина дьэ күүстээх эбит. Зоя Васильевна кэпсэтэр буолла. Санаам көтөҕүлүннэ. Аны сайын бэс ыйыгар 70 сааспын икки күн Бороҕоҥҥо уонна дойдубар үбүлүөйдүүбүн. «Отуу уотуттан» эйигин кытта түөрт киһини үбүлүөйбэр ыҥырабын»,-диэн эппитэ бара хомойуох иһин ол баҕа санаата туолбатаҕа олус хомолтолоох. Дьиҥэр, ол кэннэ хаста да дьиэлэригэр сылдьан Иван Васильевич кэргэнинээн Зоя Васильевналыын олус ыарахан туруктаах олороллорун илэ харахпынан көрбүт, кэпсэппит буоламмын бу иллээх дьиэ кэргэн олоххо дьулуурдарын, бэйэ-бэйэлэригэр истиҥсыһыаннарын, тапталларын үрдүктүк тута сылдьалларыттан сөхпүтүм. Оҕолоро кэлэ-бара, көрөн-истэн ийэлээх аҕаларыгар күүс-көмө буолбуттара.

«Отуу уоттара» Иван Васильевич оҥорбут үтүөтүн, куруутун сүбэ-ама буолбутун умнуохпут суоҕа. Кини үтүө аатын саныахпыт, үрдүктүк тутуохпут!

РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччытаА.М.Татаринов-Удьурҕай

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять