27.12.2024

Талааннаах суруйааччы — Таллан поэт

Тохсунньу ый 21 күнүттэн Бастакы Хомустаахмодельнай библиотекатыгар Сахабыт сирин биир ураты куоластаах поэта, Нам улууһун талааннаахсуруйааччыта, тылбаасчыт Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэ 110 сылыгар аналлаах ”Талааннаах суруйааччы – Таллан поэт” нэдиэлэ буолан ааста. Нэдиэлэ устата нэһилиэколохтоохторугар аналлаах «Эҥсиэлибит талба суруйааччыта — Таллан Бүрэ» кинигэ быыстапката, «Этэр тыл имэҥинэн» медиа-урок, «Көмүс муос» арт-окно, «Таайтарыылаах тыл аҕата Таллан Бүрэ»викторина, “Таллан уонна Чаҕылҕан” бэсиэдэ, “Ураты тыллаах сүдү айымньылар” кинигэ обзора ыытылыннылар. Таллан Бүрэ күн сирин көрбүт ытык күнүгэр, тохсунньу 25 күнүгэр,  «Талба Өлүөнэ тойуксута» аһаҕас аан күнэ тэрилиннэ. Бу күн библиотекаҕа кэлбит ааҕааччылар, оскуола үөрэнээччилэрэ Таллан Бүрэ олоҕун, айан хаалларбыт айымньыларын, ураты поэзиятын билистилэр,  кини хоһооннорун доргуччу аахтылар. Хас биирдии аһаҕас аан күн кыттыылааҕа «С книгой Таллан Бүрэ» фото-акцияҕа кыттыыны ыллылар. Саха поэзиятыгар бэйэтин ураты суолун хаалларбыт бөдөҥ поэппыт Е.С.Сивцев-Таллан Бүрэҕэ анаммыт тэрээһиннэргэ сүүстэн тахса киһи кыттыыны ылла. Кини “дьикти поэзиятын саарыстыбатыгар  ыалдьыттаан, санаалара сырдаан, өйдөрө үрдээн, сүрэхтэрин тэбиитэ эрчимирэн” бардылар, сүдү айымньыларыгар сүгүрүйдүлэр.

 

Бастакы Хомустаах модельнай библиотека сэб. Жиркова Н.Д.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять