06.12.2024

“Дойдум иһин, норуотум иһин олохпун хардата суох аныам”

 

“Дойдум иһин, норуотум иһин олохпун хардата суох аныам”

Саха биллиилээх суруйааччыта, поэт, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, “Бочуот знага” уордьан уонна элбэх медаллар кавалердара Сивцев Ефрем Степанович –Таллан Бүрэ 110 сылын бэлиэтиир дьоро күн тохсунньу 25 күнүгэр Национальнай библиотека историческай саалатыгар үрдүк таһымҥа ыытылынна.

Күн бастакы аҥаарыгар Сивцев Е. С.  –Таллан Бүрэ олоҕун, айар үлэтин билиһиннэрэр, сырдатар, айымньыларын үйэтитэр сыаллаах ученайдар, суруйааччылар, Нам улууһун общественноһа кыттыылаах научнай-практическай конференция ыытылынна.  Конференция саҕаланыытыгар ХИФУ  “Сэргэлээх уоттара”  литературнай  куруһуок уһуйуллааччылара, СР народнай артыыһа Степан Емельянов, М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илин Федеральнай университет иһинэн инфраструктурнай технология колледжын 3 курсун студена, республикатаа5ы “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” Уоланнар аа5ыыларын 2016 сыллаах Гран При кыайыылаа5а  Николай  Монастырев Таллан Бүрэ хоһооннорун доргуччу ааҕан иһитиннэрдилэр. Конференцияны салайан ыытта Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта, Саха сирин суруйааччыларын Сойууһун председателэ Наталья Ивановна Харлампьева.

 Конференцияҕа кытыннылар:  Харитонов Павел Николаевич – Ойуку, Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата.  Дакылаат темата: «Поэттар поэттара»

Башарина Зоя Константиновна, филологическай наука доктора, ХИФУ Хотугулуу-илиҥҥи норуоттар тылларын уонна культураларын институтун профессора, Башарин Карл Георгиевич, медицинскэй наука доктора, ХИФУ мединстутун профессора, СР,  Нам улууһун Бочуоттаах гражданина. Дакылаат темата: «М.Н. Харитонова – Таллан Бүрэ таптала, музата»

Сабарайкина Лина Михайловна, педагогическай наука кандидата, РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ. Дакылаат темата: «Чаҕылҕан уонна Таллан Бүрэ истиҥ доҕордоһуулара»

Григорьева Людмила Павловна, М.К. Аммосов аатынан ХИФУ филологическай наука кандидата, саха литературатын кафедратын доцена.

Дакылаат темата: «Таллан Бүрэ «Уолан Эрилик» поэматын текстологията»

Новгородова Матрена Дмитриевна, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала. Дакылаат темата: «Таллан Бүрэ поэмаларын тиэмэ өттүнэн уратылара»

Осипова Матрена Михайловна, Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала. Дакылаат темата: «Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ – гражданин, учуутал, суруйааччы»

Попова Аэлита Михайловна, Н.С. Охлопков аатынан Намнааҕы гимназия саха тылын уонна литературатын учуутала. Дакылаат темата: «Таллан Бүрэ айымньыларыгар саҥа тыллар»

Колесова Валентина Спиридоновна, Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим Бөтүҥнээҕи филиалын сэбиэдиссэйэ. Дакылаат темата: «Поэт Таллан Бүрэ төрөөбүт түөлбэтин кэрэ бэлиэ миэстэлэрэ»

Уваровская Мария Даниловна, Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ аатынан Бөтүҥ орто оскуолатын библиотекара. Дакылаат темата: «Таллан Бүрэ уонна гражданскай сэрии».

Конференцияҕа кыттыбыт дакылаатчыттарга сертификат уонна Н.М.Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотека библиографа Колпашникова А.С. бэлэмнээн таһаарбыт  “Сивцев Ефрем Степанович –Таллан Бүрэ” библиографическай ыйынньык  туттарылынна.

Дьоро күн иккис чааһыгар Сивцев Е. С.  –Таллан Бүрэ 110 сылыгар анаммыт үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Мустубут ыалдьыттарга анаан Саха республикатын культуратын туйгуна, Бөтүң нэһилиэгин, Нам улууһун бочуоттаах олохтоо5о, “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайына  Валерий Георгиевич Емельянов музыкатыгар суруллубут айымньылары Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон аатынан СР Опера уонна балет государственнай театрын артыыстара Александр Емельянов, Анастасия Мухина музыкальнай училище оркестрын доҕуһуолунан ыллаан бэлэх ууннулар.

Эҕэрдэ тыллары  “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии баһылыга Слепцов Ю. И., “Бөтүң нэһилиэгэ” муниципальнай тэриллии баһылыга Макаров М.В.,  Е. С. Сивцев–Таллан Бүрэ аатынан Бөтүң орто оскуолатын директора Заровняев Р.А., ХИФУ медицинскэй институтун профессора,  Нам улууһун бочуоттаах гражданина Башарин К.Г., “Нам түмсүү” салайааччыта Местников Г.Г. эттилэр.

Үөрүүлээх тэрээһиңңэ Саха сирин суруйааччыларын сойууһа уонна  “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии бииргэ үлэлэһии дуогабарын олохтоотулар.  Сөбүлэҥ түһэрсиигэ  Саха сирин суруйааччыларын сойууһун председателэ Н. И.  Харлампьева уонна “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии баһылыга Ю. И. Слепцов кытыннылар.

Быйылгы үбүлүөйдээх сылы көрсө “Уолан Эрилик” диэн ааттаах саҥа кинигэ бэчээттэнэн тахсыбытын сүрэхтэниитэ ыытылынна.

Кинигэ ис хоһоонун, тутулун Н.М. Рыкунов аатынан Намнаа5ы киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаа библиотекара Дьяконова Р.Н. билиһиннэрдэ.  Таллан Бурэ “Уолан Эрилик” саҥа кинигэтин хомуйан оҥордулар Винокуров Н.Е.-Урсун уонна суруйааччы уола Сивцев С.Е.-Хамалҕа. Кинигэ 500 ахсаанынан “Алаас” издательствоҕа бэчээттэнэн тахсыбыт. Кинигэҕэ Таллан Бүрэ туһунан Урсун киирии тыла, Семен, Софрон Даниловтар, Харитонов П.Н.-Ойуку, Петр Ильин  ыстатыйалара киирбиттэр. Кинигэ сүрэхтэниитигэр  суруйааччылар Харлампьева Н.И., Винокуров Н.Е.-Урсун, Попов С.А.-Тумат санааларын үллэһиннилэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Марфа Николаевна, Ефрем Степанович Сивцевтэр оҕолоро, сиэннэрэ, хаан-уруу аймахтара кэлэн кыттыыны ыллылар. Аҕаларын аатын үйэтитэр анал стипендияны Бөтүҥ орто оскуолатын бастыҥ үөрэнээччитигэр Вася Дьяконовка туттардылар. Өрөспүүбүлүкэҕэ кэтэхтэн ыытыллыбыт  Е.С. Сивцев – Таллан Бүрэ айымньыларыгар уруһуй  күрэҕин кыайыылаахтарыгар дипломнары, бириистэри Бөтүң орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Осипова М.М. туттарда.

Таллан Бурэ тылыгар суруллубут аатырбыт “Мааппа ырыатын” Антонина Тарбахова, “Кэллим кэпсээри” диэн ырыаны автор Мария Елисеева толорууларыгар ырыалары дьон-сэргэ биһирээн иһиттилэр.

Бу курдук талба талааннаах, “поэттар поэттара”  диэн ааттаммыт, уустук уобарастаах, ураты суоллаах-иистээх поэт  Ефрем Степанович Сивцев–Таллан Бүрэ быйылгы үбүлүөйдээх сыла өрө көтөҕүллүүлээхтик, далааһыннахтык саҕаланна. Салгыы 2019 сыл устата үгүс тэрээһиннэр былааннанан ыытыллыахтара.

Гоголева Р.А.

ИМО сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять