22.12.2024

“ТӨРӨӨБҮТ ТЫЛЫ, КУЛТУУРАНЫ ИИТИИ-ҮӨРЭТИИ БИЛИҤҤИ ТУРУГА УОННА КЭСКИЛЭ”УЛУУСТААҔЫ СҮБЭ МУННЬАХ ЫЫТЫЛЫННА

Төрөөбут тыл, сурук-бичик декадатын чэрчитинэн, саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин түмүгүнэн “Төрөөбүт тылы, култуураны иитии-үөрэтии билиҥҥи туруга уонна кэскилэ” улуустааҕы субэ мунньах олунньу 15 күнугэр П.П.Ядрихинскай — Бэдьээлэ аатынан олоҥхо дьиэтигэр ыытылынна. Тэрээһин кыттыылаахтарыгар анаан,  аал уоту оттон, үрдүк айыылартан көрдөһөн В.В.Сыромятников алгыһынан саҕаланна. «Мин уонна мин наставнигым» улуустааҕы күрэххэ “Бастыҥ проект”   анал аатын сүкпүт З.П.Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учууталлара Алена Витальевна Сысолятина, Сайыына Гаврильевна бэйэлэрин үлэлэрин уопуттарыттан үллэһиннилэр. Попова Аэлита Михайловна, Н.С.Охлопков аатынан улуустааҕы гимназия саха тылын, литературатын учуутала сэтинньигэ ыытыллыбыт саха тылын, литературатын уонна култууратын учууталларын иккис өрөспүүбүлүкэтээҕи сийиэһин үлэтин туһунан кэпсээтэ.Ол кэннэ, педагогтар 5 сүрүн хайысханан арахсан үлэлээтилэр:

—           Дьиэ-кэргэҥҥэ төрөөбүт тылы, култуураны иитии-үөрэтии;

—           Оскуола иннинээги оҕолорго төрөөбүт тылы, култуураны иитии-үөрэтии;

—           Орто оскуолаҕа иитии-үөрэтии таhыма;

—           Эбии үөрэхтээһиҥҥэ ийэ тылы, литэрэтиирэни, култуураны иитии-үөрэтии оруола уонна суолтата;

—   Эйгэ: Күннээҕи олоххо-дьаһахха сахалыы эйгэни тэрийии, быһаарар суоллар, ньымалар, көрүүлэр,  сахалыы кинигэлэри, хаһыаттары, сурунааллары ааҕыы бүгүҥҥү таһыма уонна кэҥэтии кэскилэ, социальнай ситимнэргэ сахалыы суругу-бичиги туттуу туруга, култуурата уо.д.а.

Тэрээһиммит түмүгэр хас биирдии бөлөх хайысхаларынан,  бырагыраамаларын  көмүскээтилэр, кэпсээтилэр, санаа атастастылар. Аныгы үйэ сиэринэн  интэриниэт, суотабай төлөпүөн, араас цифровой технология сайдыбыт кэмигэр, кэлэр кэнчээри ыччаттарбыт бэйэлэрин төрүт төрөөбут тылларын умна быһыытыйыылара баар суол, ол дьайыыта наһаа күүстээх, охсуулаах.Оттон  хас биирдии саха киһитэ күннэтэ төрут тылынан саҥарар-иҥэрэр буоллаҕына, ыччакка холобур буолуо.Нам улууһугар  төрөөбут тылы, култуураны  иитии-үөрэтии,  бары өттунэн өссө көдьүүстээхтик үлэ барыан наадатын уонна сүрүн оруол дьиэ кэргэн ыларын тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр.

“Төрөөбүт тылы, култуураны иитии-үөрэтии билиҥҥи туруга уонна кэскилэ”улуустааҕы сүбэ мунньахха кэлэн кыттыыны ылбыт, кэнчээри ыччаттарбытын кытта күннэтэ алтыһа,  иитэ-үөрэтэ сылдьар педагогтарбытыгар  санааларын үллэстибиттэригэр махталбытын биллэрэбит. Махтанабыт Вера Васильевна Колпашниковаҕа, П.П.Ядрихинскай — Бэдьээлэ аатынан олоҥхо дьиэтин салайааччытыгар, ураты сахалыы эйгэҕэ тэрээһиммитин ыыппытыгар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять