12.11.2024

НАМНААҔЫ КИИН УОННА ОҔО БИБЛИОТЕКАЛАРА ҮБҮЛҮӨЙДЭРИН БЭЛИЭТЭЭТИЛЭР

Олунньу 16 күнүгэр Нам с. М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаhыгар Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотека 85, Оҕо библиотеката 65 сылларыгар аналлаах үөрүүлээх тэрээhин буолан ааста.

Бэлиэ түгэн библиотека устун экскурсияттан саҕаланна. Ыалдьыттар саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит Дыбарыаска олохсуйан саҥалыы тыыннаммыт, аныгылыы сиэдэрэй оҥоһуулаах библиотеканы сөҕө-махтайа көрдүлэр. Экскурсияны директор Майя Софронова уонна оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ Варвара Бережнева ыыттылар.
Тэрээһин үөрүүлээх чааһа библиотека историятын кэпсиир туруорууттан саҕаланна. Салгыы Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим директора Майя Романовна Софронова эҕэрдэ тылынан үөрүүлээх киэһэ аһылынна.
Эҕэрдэ тыллары эттилэр уонна наҕараадалары туттардылар:
«Нам улууһа» МТ Баһылыга Юрий Иннокентьевич Слепцов;
СӨ народнай депутата Румянцева Наталья Леонидовна; Нам улууһун депутаттарын Сэбиэтин председателэ Винокуров Алексей Иванович; Ленскэй нэһилиэк баһылыга Сокольников Петр Григорьевич; Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениятын салайааччыта Ядрихинскай Семен Прокопьевич; Дьокуускайдааҕы национальнай библиотека директорын солбуйааччы Борисов Василий Борисович уонна Научнай-методическай киин специалистара Евдокимова Сардана Николаевна, Харлампьева Татьяна Афанасьевна; “Мир знаний” библиотечнай коллектор салайааччыта Прудецкая Анна Петровна уонна Борисова Лидия Васильевна; СӨ культура үлэһиттэрин идэлээх сойуустарын председателин солбуйааччыта Михайлова Варвара Гаврильевна.

Дьоро күҥҥэ кэс тылларын кэрэһэлии кэлбиттэр айар куттаах убаастанар дьоммут – Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, саха норуодунай бэйиэтэ, Саха Сирин суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Наталья Ивановна Харлампьева; Россия суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха норуодунай суруйааччыта, Платон Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Елена Васильевна Слепцова–Куорсуннаах; Россия Суруйааччыларын уонна Суруналыыстарын сойуустарын чилиэнэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Степан Ефремович Сивцев-Хамалҕан.

Семен Андреевич Новгородов аатынан «Айар» национальнай кыһа генеральнай директора Егоров Август Васильевич уонна коммерческай директор Габышева Сардана Петровна эҕэрдэ истиҥ тылларын анаатылар.
Бу күн араас сылларга библиотечнай ситими салайбыт директордар Габышева Мария Николаевна, Захарова Екатерина Георгиевна, Кокарева Марина Дмитриевна истиҥ ахтыыларын, эҕэрдэлэрин тириэртилэр.
Нам улууһун нэhилиэктэрин баhылыктара, библиотеканы кытта бииргэ үлэлиир социальнай партнердар, общественнай түмсүүлэр эҕэрдэлэргэ кыттыстылар.

Музыкальнай нүөмэрдэринэн киэргэттилэр: Аппааныттан “Сыдьаайа” үҥкүү бөлөҕө (сал. Анжелика Ноговицына), ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр Андрей Замятин, Дмитрий Барабанов, Михаил Слепцов, улуустааҕы гимназия үөрэнээччилэрэ «Нам сирэ” ырыанан, Нам 1 №-дээх орто оскуолатын 4”б” кылааһын үөрэнээччилэрэ “Оҕо саас” үҥкүүнэн, бу оскуола 2 кыл. үөрэнээччилэрэ (кылаас сал. Рожина Марианна Дмитриевна ) ырыаларын бэлэхтээтилэр.

«Оҕо библиотекатын 65 сыллаах сайдан кэлбит кэрчиктэрэ» видеоролик дьон интэриэһин тарта.
2022 сыл бастыҥ ааҕааччылара дьоро күҥҥэ чиэстэннилэр:
Киин библиотека бастыҥ ааҕааччыта — үлэ бэтэрээнэ Замятин Иосиф Никитич, «Бастыҥ электроннай кинигэ ааҕааччыта» — Заровняева Елена Александровна, Оҕо библиотекатын бастыҥ ааҕааччыта — Оконешников Алеша, улуустааҕы гимназия 3 кылааһын үөрэнээччитэ, «Бастыҥ ааҕар дьиэ кэргэн» — Ярина, Митя, Екатерина Алексеена Слепцовтар дьиэ кэргэн ааттаннылар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять