22.12.2024

Эҥсиэли – үөрэх-билии уйата

БЫРАҺААЙ, ОСКУОЛАМ.

Үөрэнэр хонуктар үөр куба кэриэтэ

Долгуһа субуллан аастылар

Экзамен туттаран олох киэҥ аартыгар

Тарҕаһар чаастарбыт ыктылар.

Хос ырыата:

Быраһаай, кынаттаан көтүппүт оскуолам,

Эйигин өрүүтүн саныахпыт.

Эйиэхэ үөрэммит кэммитин ханна да

Махтана, киэн тутта ахтыахпыт.

Доҕоттоор, кистээҥҥит өрүтэ тыынымаҥ

Арахсар кэм кэллэ дии санаан.

Мунньустан биир кэрэ ырыата ыллыаҕыҥ

Бу бэлиэ түгэни айхаллаан.

Хос ырыата:

Сааскы күөх халлааҥҥа ырыабыт дьиэрэйдин

Күөрэгэй чыычаахтыы дайбааран.

Учуутал дьоннорго махталы этиэхтин

Чуорааммыт тыаһыныы чугдааран.

Хос ырыата:

 

ЭҤСИЭЛИТТЭН ЭҔЭРДЭ

Мин кэллим эһиэхэ Эҥсиэли хочоттон,

Кыыс кэрэ Нам сирин үлэһит дьонуттан

Эҕэрдэ тыллардаах хоһооммун этээри,

Нам сирин дьоннорун алгыһын тиэрдээри.

Иһит дуу, бу түөлбэ эдэркээн ыччата,

Эйиэхэ айылҕаҥ уйгутун анаабыт.

Күн аайы үөһэ дай, үлэнэн олорууй,

Күн ньээкэ уйаҕын дьолунан толорууй.

Хоһоонум тыллара халлааҥҥа тардыстан

Күн көмүс утаҕын кытары кыттыстын,

Үөһэттиин-үөһэттэн төттөрү кутуллан,

Ил куттаах салгыны алааска ыһыахтын.

Эйэлээх киһибин — Эҥсиэли уолабын,

Кыыс кэрэ Нам сирин ыччата буолабын.

Эһиэхэ дьол-соргу тылларын этээри

Эҥсиэли эбэттэн бу кэлэн турабын.

 Күн көмүс күлүмэ сүр күүскэ ититэр.

Ол иһин дууһаҕыт итиинэн илгийэр.

Илгэлээх ардахтар күрүлүү куттуннар.

Ходуһа бааһына үүнүүлээх буоллуннар.

Дьол-соргу эһиэхэ тосхойо туруохтун,

Туппуккут барыта чорооннуу туолуохтун.

Оччоҕо Эҥсиэлим салгына илгийэр,

Кыыс кэрэ Нам сирэ кыттыһар диэх этим.

Хороҕор муостааххыт хонууга хойуннун,

Сыспай баай сиэллээххит сыһыыга муһуннун.

Байанай оҕонньор баарыттан бэристин,

Көмүстээх балыгын Күөх Боллох күөстэттин.

Дьоллоохтук нус-бааччы, доҕоттоор, олоруҥ,

Олоххут чороонун томточчу толоруҥ.

Эҥсиэли алгыһа арчылыы сырыттын!

М. Жирков

 

ОСКУОЛАБАР

Кыракый сааспыттан бүөбэйдээн,

Оскуолам, эн миигин ииппитин.

Ол иһин бу тылбын сааһылаан

Эйиэхэ махталбын аныыбын.

Киэн ааҥҥын тэлэччи аһаннын

Күндэлэс кылааскар киллээртиҥ,

Биир ньыгыл кэккэҕэр түмэҥҥин

Билиигэ-сырдыкка сирдиириҥ.

Ахтабын эйиигин, оскуолам,

Оторой-моторой сылларбын.

Ааспыттар ол кэрэ кэмнэрим,

Куоппуттар көмүстээх күннэрим.

Оскуолам, кырдьары билбэккэ

Сыл аайы эдэргэр түстэҕиҥ.

Элбэх сыл билии киэҥ аартыгар

Ыччаккын атааран ыыттаҕыҥ.

 

УЧУУТАЛБАР ЭЙИЭХЭ

Истиҥник саныыр учууталбар

Варвара Васильевна Ермолаеваҕа

Ахтан-санаан кэллим мин

Эдьиий тэҥэ киһибин,

Кыра, мэник бэйэбин

Имэрийэр илиигин.

Хос ырыата:

Махтанабын өрүүтүн

Учууталбар эйиэхэ,

Хомолтобун, үөрүүбүн

Үллэстибит киһиэхэ.

Оннук кэмҥэ эбэбэр

Майгынната саныырым,

Аһыннарбыт үөрүүбэр

Тута харыс үрдүүрүм.

Хос ырыата.

Сааһырдарбын даҕаны

Умнубатах эбиппин,

Наҕыл, намыын бэйэҕин

Күлэр-үөрэр кэрэҕин.

Хос ырыата.

Саҥа үйэ эһиэхэ

Күүһү-уоҕу биэриэхтин!

Учууталбар эйиэхэ

Нөрүөн-нөргүй буолуохтун!

2013 с., балаҕан ыйын 25 к.,Хатырык

 

ОСКУОЛАБАР

Кыракый сааспыттан бүөбэйдээн

Оскуолам, эн миигин ииппитиҥ,

Ол иһин бу тылбын сааһылаан

Эйиэхэ махталбын аныыбын.

Киэҥ ааҥҥын тэлэччи аһаҥҥын

Күндэлэс кылааскар кнллэртиҥ,

Биир ньыгыл кэккэҕэр түмэннин

 Билиигэ-сырдыкка сирдиирин.

Ахтабын эйигин, оскуолам,

Оторой-моторой сылларбын,

Ааспыттар ол кэрэ кэмнэрим,

Куоппуттар көмүстээх күннэрим.

Оскуолам кырдьары бнлбэккэ

Сыл аайы эдэргэр түстэҕиҥ,

Элбэх сыл билии киэҥ аартыгар

Ыччаккын атааран ыыттаҕын.

 

  

УЧУУТАЛЫМ ИЛИИТЭ

Дуоска түүн хара

дьолуо таас ньууругар,

сындыыс сулустуу

сырылыы умайан,

миэлтэн миэл

мэҥийэн ааһар,

миэлтэн-миэл

мэлийэн иһэр…

Учууталым миэл буолбут

уран-намчы тарбахтара

куруһуба сабыытааҕар

кыраһыабай курдук буолар

кыаһаан-муус түннүктэрдээх

кылааһым кытыыларын

кырыйаахтыы сылдьаннар,

кылбаҥнаһа дайаннар,

кыталыктыы туойбуттар,

кыҥкынаһан ааспыттар…

Учууталым барахсан

илгэ-сылаас илиитэ

иһэлийбит иэдэспин

имэрийэн ириэрэрэ,

хаһан-ханна даҕаны

халты туттар саҕана,

хабылыктыыр мас курдук,

хаба тардан ылара.

Учууталым миэл буолбут

уран-намчы тарбахтара

ийэм Биэрэ эрэйдээх

иһирдьэнэн-таһырдьанан

букунаһа сылдьаахтаан,

бурдук тардан, сиксийбит.

илиис ылтаһынтан атын

Н.М. Рыкунов

 

УЧУУТАЛБАР БАҺЫЫБА

А.Дунаев тыла, мелодията

Сырдыкка угуйбутун,

Санаҕа үөрэппитиҥ,

Сыраларгын уурбутуҥ

Сайаҕас учууталым.

Хос ырыата: Уруй-айхал оскуолабар,

Учууталбар баһыыба, баһыыба!

Оскуолабын бүтэрэн

Олох сырдык аартыгар

Үктэннэрбин даҕаны,

Үчүгэйдик саныыбын.

Хос ырыата.

Кини эппит тыллара —

Күндү миэхэ куруутун!

Кини ыйбыт суоллара —

Кэскиллээхтик сирдииллэр!

Хос ырыата.

 

ОСКУОЛАМ БАРАХАСАН

Иван Бубякин – Чөҥөчөх

Оол, учууталлар уопсайдара

Билигин биир да учуутал суох.

Оол, начаалынай оскуола көстөр,

Бу улахан оскуола турар.

Сэттис кылаас иккис түннүгэ

Эдэр иэдэһи сырдатара,

1920 сылтан экзамеҥҥа

Иэдэстэрин кытардара.

Оччотооҕу кыраһыабайдар

Бу муннукка мичээрдииллэр,

Эдэркээн оҕо учууталлар

Бу хонууга мээчиктииллэр.

Оскуола саҥарбат, кэтэһэр

Тапталы саҕар көрүүгүтүн,

Оскуола саҥарбат, кэтэһэр

Кэнсиэргэ ыллыыр куоласкытын.

Оо, барахсан, кэтэһимэ

Бары да кырдьан «барбыттара»,

Эн үөрэппит оҕолоруҥ сиэннэрэ

Пенсияҕа олорбуттара.

Олох араас мускуурдарыгар

Тулуурдаах, мындыр этилэрэ,

Уу сахалыы олохторугар

Барыбытын угуйбуттара.

Ахтан кэлэн турабыт

Оҕо буолбуппутун санаары,

Оскуолаттан кэрэ кэммит

Баарын-суоҕун билээри.

Бэс ыйын 15 күнэ,

2018 с.

 

                ***

Суруйартан уруучукам

Аккаастаабат,

Айартан өй-санаа

Ахсаабат.

Суруйуоххун дииллэр

Дьоннор,

Кэм кэлэрин билбэттэр

Олор.

Айар да муокастаах

Буолар,

Бириэмэни салгынтга таах,

Ыспаттар.

Биир киэһэ сорохтор,

Ардыгар,

Поэманы олоро охсоот

Айаллар.

Дьыл барыта быйаҥнаах

Буолбатах,

Айар оннук таһымнаах

Буолуохтаах.

Василий Майскай

 

МИН КЫҺАМ

(Кебөкөн оскуолатын 50 сааһыгар)

Оо, күн тэҥэ саныыр,

Үөрэппит мин оскуолам

Олүөнэ эбэҕин

Өҥөйөн тураҥҥын

Үйэ аҥарын тухары

Үгүс көлүөнэҕин

Үрдүккэ, кэрэҕэ угуйдаҕыҥ!

Эйигиттэн эбинэн,

Эрчимирэн

Эҥин араас үлэһиттэр

Эбилиннэхпит эбээт!

Ким эрэ айар, тутар

Монтажтыыр,

Ханна ким ыалдьар.

Өрүтэ тыыммахтыыр,

Онно эн аанньалыҥ

Олоҕун умнан тиэтэйэр,

Сахам кыыһа Москваҕа,

Омук сиригэр Турцияҕа

Кыталыгыҥ үҥкүүтүн

Диэрэҥкэйдээн тэйэр, тэйэр…

Сорохторуҥ талан ылан

Ыччат дьону иитээри

Буолбуттара учууталынан,

 — Атыттары барытын

Ааҕан-суоттаан сиппэккин,

Араас үлэ көрүҥэр

Биэбэйдээҥҥин ииппиккин.

Оо, күп тэҥэ саныыр,

Үөрэппит оскуолам,

Ийэ дойдуга

Тапталы иитиэхтээн,

Бар дьонуҥ

Махталын биһиктээн,

Үйэлэр тухары

Үрдүккэ угуйа турдаҕыҥ!

Нөрүөн нөргүй!!!

Өрүү сүгүрүйэбин,

Уҕараабат,

Уостубат,

Олох кыһата буолар

Улуу аналгар!!’!

Биһиктээбит көлүөнэлэрэ

Кэлэр кэм үрүмэччилэрэ,

Кэнэҕэс даҕаны

Киһи-хара оҥортуур,

Үөрэммит оскуолабытыгар

Үйэлэр тухары сүгүрүйүҥ!!!

Василий Майскай

 

Үөрэммит оскуолам

Владислав Ядреев матыыба

Көр, ити төрөөбүт дойдубар

Турар мин төрөөбүт оскуолам,

Аан маҥнай наука күөнүгэр

Аттаммыт аартыгым киэҥ суола.

Үрдүбэр киэҥ санаа муоратын

Үтүөкэн иитиитин кыһата,

Эдэр саас үрдүккэ көтүүтүн

Эрчимнээх дайыытын кыһата.

«А»-тан бу манна саҕалаан

Ааҕар, суруйар буолбутум,

Үөрэххэ дьулууру баһылаан

Үөрүү-дьол кылаатын булбутум.

Василий Майскай

 

УЧУУТАЛБАР

Амарах ийэм этэринии

Алгыстыы сүбэлиириҥ:

«Үрдүк үөрэҕи баһылаан

Үлэлээ, үөрэн», — диириҥ.

Маннык көнө, күн киһини

Тоҕо мин умнуомуй?

Намыын тыллаах хоһооммор

Биитэр туойбат буолуомуй?!

Өйдүүбүн кыра сылдьан

Оскуолаҕа барбыппын.

Оҕолору сайыһан

Маккырыы ытаабыппын.

Онуоха амарах ийэбинии

Төбөбүттэн имэрийбитиҥ:

«Тукаам, баара эрэ алтаҥ,

Эһиил кэлээр», — диэбитиҥ.

Онтон хом түһэн бытааннык

Дьиэм диэки айаннаабытым

Ийэм миигин соруйбутун

Кыыһыран аккаастаабытым.

Билигин ону өйдөөн, сүрэҕим

Акаарыбыттан сонньуйда.

Эйиэхэҕэ уонна бу –

Махтанарбар соруйда.

Сүрэҕим баҕатын аспыт

Учууталыам, эн бааргын

Үлэ, үөрэх, үрдүк билии

Үктэлигэр дабаттыҥ.

Ити иһин учууталыам,

Ийэм курдук саныыбын,

Мин лирам истиҥ тылын

Эйиэхэҕэ аныыбын.

1956 с.

Василий Майскай

 

ДОРООБО, ОСКУОЛА

 

Эйиэхэ, таптааллаах оскуола

Эргиллэн үөрэнэ кэллибит

Чуумпура кэтэспит кылааска

Чугдаара кэпсэтэн киирдибит.

Сибэкки симэхтээх хонууга,

Сир астаах, дьэдьэннээх ойуурга,

Сорохпут соҕуруу, “Артекка“,

Сорохпут лааҕырга сырытта.

От, бурдук, оҕуруот үлэтин

Сүрэхпит сүрдээҕин таптаата,

Илиибит имигэс көмөтүн

Совхозпут биһирээн хайҕаата.

Быраһаай, күөх сайын барахсан,

Ыҥырда оскуола үөрэххэ,

Эн илгэ быйаҥҥгар сынньанан,

Илиибит-атахпыт күүһүрдэ.

Эйиэхэ тапталлаах оскуола

Эргиллэн үөрэнэ кэллибит,

Күн сырдык үөрэххин ыларга

Күүс-күдэх мунньунан бэлэммит!

А.Николаев

 

ОСКУОЛАБЫТ ДОРООБО!

Оҕолорго күһүн

Саҥа дьылбыт үүнэр,

Оскуолабыт бүгүн

Биһигини күүтэр.

Чугдаар-ыллаа. чуораан!

Аһылынна киэҥ аан!

Оскуолабыт, дорообо!

Учууталбыт дорообо!

Кылаас бары ыраас.

Кылаас бары сылаас!

Дневник саҥа,

Тэтэрээппит сана!

Чугдаар-ыллаа, чуораан!

Аһылынна киэн аан!

Оскуолабыт, дорообо!

Учууталбыт дорообо!

П. Тобуруокап

 

ОСКУОЛА5А КИИРИЭХПИТ

Биһи бары кырабыт —

Садка сылдьар саастаахпыт,

Бары бииргэ мусгабыт,

Корү-нары тардабыт.

Кустаах-хааһы үтүктэн

Куоталаһан ылабыг.

Бөрө-саһыл буоламмыт

Куобахтары сырсабыт.

Саһа-саһа кордөһөн

Саамылаһа сүүрэбит.

Салаасканан тэлээрдэн

Сыыртан тантаан түһэбит.

Биһи бары кырабыт

Сэттэбитин туолабькг

Кэлэр сыллаах күһүҥҥэ

Оскуолауа барыахпыт.

К. Туйаарыскай

 

ОСКУОЛАҔА ҮӨРЭНИЭМ

Сэттэ сааспын туоламмын

Син улааппыт киһибин.

Ийэм миэхэ мичээрдиир

Имэрийэр: Үөрэн, — диир

Саҥа форма кэтэммин,

Саҥа суумка сүгэммин,

Саҥа суолга киирэммин,

Саҥа киһи иһэбин.

А-тан, Б-тан саҕалаан,

Ааҕыам уонна суруйуом.,

Арахпакка дьулуһан

Ахсаан суоттуом, ойуулуом.

Билии — көрүү кылаатын

Бииртэн биири арыйан

Үөрэх үрдүк чыпчаалын

Үөһэ өрө дабайыам.

Е.Васильев

 

ҮӨРЭНЭ БАРАБЫН

Мин быйыл, оҕолоор,

Үөрэнэ барабын.

Оскуола аһыллар

Ол күнүн ааҕабын.

Мин аҕам миэхэҕэ

Букварь ылбыта,

Фартуктаах ырбаахы

Мин ийэм тикпитэ.

Кинигэм ойуутун

Таптааммын көрөбүн,

Ойуута хойуутун

Олуһун сөҕөбүн.

Кинигэм лиистэрин

Марайдыам суоҕа мин

Учуутал кэпсиирин

Чуумпуран истиэҕим.

Киртийиэ ырбаахым –

Мин бэйэм сууйуоҕум.

Оҕолоор, ыраастык

Куруутун туттуоҕум.

Сотору оскуола

Киэҥ аана аһыллыа,

Сүрдээҕин үөрэбин,

Ол күнү күүтэбин.

И. Артамонов

 

УЧУУТАЛ ТУҺУНАН

Эн туох эмэ дьоҕурдаах,

Эн туох эмэ туһалаах,

Буолар да буоллаххына,

Учуутал үтүөтэ,

Учуутал өҥөтө!

Кытыаныҥ диэн кыра,

Сыһыанын диэн кыра:

Учуутал эппитин

Толорон эрдэҕиҥ,

Учуутал ииппитин

Толуйан эрдэҕиҥ.

Оттон эн туох да дьоҕура суох,

Эн дьоҥҥо туох да

Туһата суох

Буолбут буоллаххына,

Халтай хаамтаххына,

Барыта бэйэҥ буруйун,

Барыта бэйэҥ хоруйуҥ,

Учуутал үөрэҕин

Уу-хаар гыннаҕыҥ,

Күнүн сиэтэҕиҥ,

Күүһүттэн ыллаҕыҥ,

Үчүгэй киһини,

Учуутал киһини.

Саакка киллэрдэҕиҥ,

Санааҕа түһэрдэҕиҥ…

Учууталлар барахсаттар

Уу ньирэй бэйэбитин

Улаатыннаран бараннар,

Кэлин туох-ханнык эбиппитин

Кэтээн көрө сылдьааччылар,

Биһиги туспутугар ыалдьааччылар.

 Үчүгэйбитигэр үөрэллэрин сөҕүөҥ,

Куһаҕаммытыгар хомойоллорун көрүөҥ.

Аар кырдьаҕас аҕаларым,

Биэнсийэлээх учууталларым.

Миигиттэн хомойботоллор ханнык,

Өрүү үөрэ сырыттыннар маннык.

Л.Попов

 

УЧУУТАЛГА

Сурунаал, азбука кыбынан,

Кылааска киирбитэ мичээрэн,

Аргыыйдык ойууттан саҕалаан,

Такайан барбыта үөрэтэн.

Эчи да мичээрэ сылааһыан,

Санатын дорҕооно намыыныан,

Кэпсиирэ даҕаны кэрэтиэн,

Кэбэҕэс өйдөтөн иһэриэн.

Оскуола олоҕун бу кэлэн

Сыыйа билсиһэн эрэбит.

Күн ахсын саҥаттан сананы

Үөрэтэр буолан салпаппыт.

Аан бастаан сырдыкка уһуйбут

Убаастыыр учуутал эдьиийбит

Эн ааккын биһиги мэлдьитин

Күндүттэн күндүтүк саныахпыт.

В. Сыромятников

 

УЧУУТАЛГА

Иккис ийэбэр, мин күндү киһибэр,

Санаабын сааһылаан сатаан эппэккэ,

Кырачаан сүрэҕим истиҥ тылларын

Махтанан туран хоһооммор хоһуйуом.

Ураты тулуурдаах күүстээх санааҕын

Оҕотук бэйэм сөҕөбүн олустук,

Билиигэ угуйар үтүө тылларгын

Төбөбөр киллэриэм умнубаттык.

Уларыйар куолаһын — өйдөтүүгэ,

Саҥарар тылларын — быһаарыыга,

Сорох онтон кыыһырыа, өһүргэниэ,

Ол эрээри ыйар сулус — эн эрэ.

Ньуолах түүлээх кырачаан кыыспытын

Үүннэрэн таһаарыан сыллар устата,

Билии хайатын үрдүк чыпчаалыгар

Дабаттардыҥ — күндү киһи учуутал!

Нарыйа Яковлева

 

УЧУУТАЛГА ҮӨРЭММИТТЭР

Учууталга үөрэммиттэр

Оҕонньоттор. эмээхситтэр,

Учууталга үөрэммиттэр

Ученайдар, инженердэр.

Учууталга үөрэммиттэр

Улууканнаах бөлүһүөктэр,

Ыйга тиийбит космонавтар,

Ый хараабын айааччылар.

Учуутал — ийэ, аҕа,

Учуутал — доҕор, атас,

Уһун сааска умнубакка

Учууталы ыты ктыахха!

П. Тобуруокап

 

УЧУУТАЛГА

Билиигэ угуйар

Бэрт билэр суолгунан,

Уруоккар тиэтэйэн

Үлэҕэр бараҕын.

Бар дьонун махтала,

Оҕо саас таптала

Эйиэхэ ананар

Учуутал киһиэхэ!

Күннээҕи түбүгүҥ

Оскуола олоҕо,

Чугдаарар чуорааныҥ

Лыҥкыныыр ырыата.

Үрдүккэ талаһар

Үтүөкэн ыччаты

Үөрэтэн, гакайан

Киэн суолга таһаардыҥ.

Эн үлэҥ түмүгэ –

Норуоппут дьылҕата,

Үйэттэн үйэҕэ

Дойдубут сайдыыта.

Л.Полякова

 

КИҺИ КЭРЭТЭ — МИН УЧУУТАЛЫМ

Уйаҕас нарын дууһалаах,

Сырдык ыраас санаалаах,

Дьоһун мааны дьүһүннээх,

Киһи кэрэтэ — мин учууталым.

Сана үйэ үрдэлигэр

Үөрэххэ-билиигэ ыҥырар

Сэмэй туруу үлэһит,

Киһи кэрэтэ — мин учууталым.

 

 

УЧУУТАЛБЫН ҮӨРДЭБИН

Уруок аайы мэлдьитин

Улдьаарбакка иһийдим,

Учууталым кэпсиирин

Умсугуйан иһиттим.

Учууталбын үөрдээри

Уруоктарбын ааҕабын

Саҥа билии ылаары

Сарсыҥҥыны күүтэбин.

Эппиэттээри тиэтэйэн

Эргичийэн ылабын

Өйдөөбүппүн биллэрэн

Үрүт үөһэ уунабын.

Үөрэх күиэ бүтээтин

Үөрэн-көтөн дьиэлиибин

Ааммын аһан киирэммин

Сыаналарбын кэпсиибин.

Л.Дьячковская

 

УЧУУТАЛЫМ ХОМОЙБОТУН

Мэниктээммин-сүүрэкэлээммин,

мэник оҕо дэтэммин,

Учууталбын хомотуом,

Оо, мин оннук буолумуом!

Биирдэ эмэ биири ылан,

билбэт оҕо аатыран,

Учууталбын хомотуом

Оо, мин оннук буолумуом!

С.Дадаскинов

 

БАРАММАТ МАХТАЛЫМ

Күн кэрэ киһиэхэ,

Учуутал эйиэхэ

Баһыыба биэриэхпин

Баҕарар эрээри,

Кыбыстан, симиттэн

Кыайан мин эппэтим.

Үөрэтэр үтүөҕэр,

Үчүгэй бэйэҕэр

Истин тыл кэрэтин

Этиэхчэ буолаатын

Толломмун мэлдьитин

Туттунан хааларым.

Күн кэрэ киһиэхэ

Учуутал эйиэхэ

Бүгүн мин сорунан

Хорсуннук сананан

Иннигэр турабын,

Махталбын ыллыыбын.

Үөрэтэр үтүөҕэр

Үчүгэй бэйэҕэр

Истинтэн истиҥчэй

Махталым хаһан да Бараныа дьэ суоҕа!

С.Дадаскинов

 

АЛҔАС

Саамай, саамай үчүгэй

Куруук холку, дэлэгэй

Учууталбын таптыыбын

Ийэм курдук саныыбын.

Алҕаһааммын учууталбын

маама диэммин ыҥырабын.

Уруок бара да турдун,

Сынньалаҥ да буоллун,

Туохтан эрэ соһуйан

Биитэр үөрэн, долгуйан

Алҕаһааммын учууталбын

маама диэммин ынырабын.

Оҕолорго сымнаҕас

Ийэ курдук эйэҕэс

Учууталбын таптыыбын

Ийэм курдук саныыбын

Алҕаһааммын учууталбын

маама диэммин ынырабын.

П.Прокопьев

 

УЧУУТАЛГА

Бараммат баай билиилээх

Бэлэм бүппэт боппуруостаах

Билии биэрэр баҕалаах

Бастыҥ учуутал киһибит.

Дьоһун мааны дьүһүннээх

Дьикти кэрэ куоластаах

Дьаныһан үөрэтэр дьарыктаах

Дьиҥнээх учуутал доҕорбут.

Салгыбакка сайыннарар сатабыллаах

Сылайбат сынньаммат сэниэлээх

Сытыары сымнаҕас сыһыаннаах

Сайдыылаах учуутал сэгэрбит.

Умсулҕаннаах кэрэ кэпсээннээх

Уҕараабат төлөннөөх кыахтаах

Ураты күүстээх тулуурдаах

Убаастыыр учуутал убайбьгг.

Эйэлээх-иллээх олохтоох

Эрдээх хорсун сүрэхтээх

Эгэлгэ элбэх эппиэттээх

Эйэҕэс учуутал эдьиийбит.

П.Нератова

 

 

УЧУУТАЛ

Ураты күүстээх тулуурдаах

Чаҕыйан турбат дьаныардаах

Улуу дьыала дьарыктаах

Учуутал убайбытыгар

Тапталлаах киһибитигэр

Аныыбыт алгыспыт бастынын

Лиҥкинэс ньүөл мастыы кыаҕын.

Н.Нератова

 

ПАМЯТНИК УЧИТЕЛЯМ.

А. Дуйсенбиев.

Вам памятник,

Учителя

Я высек бы

Из красного гранита.

Установил бы

На просторея

Болыиое человеческое сердце,

Что всем ветрам

И всем лучам открыто-

Вам

Памятник,

Учителя!

 

ДЕНЬ УЧИТЕЛЯ.

Л. Ермакова.

Очень любят этот праздник

Все ребята, я и ты.

Мы учителю подарим

Ярко красные цветы.

Их вручив пообещаем

Получить почаще пять,

Так учиться, чтобы меньше

Огорчений доставлять.

 

МОЕЙ УЧИТЕЛЬНИЦЕ.

В. Федорова.

Учительница добрая,

Учительница милая

И каждый день, и каждый час

Заботой переполнена

И первый урок созреет

Как зреет злак в борозде.

Раскрытые книги-птицы.

А крылья у них — страницы.

Тайны земли и неба

Мерцают на тех листках.

Звездная ночь раскрыла

Грядущего дня ветрила.

Заполнил уже полнеба

Рассвета багряный стяг.

 

СПАСИБО, ВАМ, УЧИТЕЛЯ

Т. Жутченко.

С первого класса, с первого слова

Слово «учитель» всем нам знакомо.

Старший товарищ, помощник в беде.

С яами учитель всегда и везде

Каждый учитель, словно волшебник.

Он говорит, не глядя в учебник,

Речь его плавно течет, не спеша.

Главное в нем — это душа.

 

ПОЖЕЛАНИЯУЧИТЕЛЯМ.

Ю. Михайлова.

Желаю всем учителям

Здоровья,радости,удачи.

Чтоб на урок ходили к нам,

Улыбку светлую не пряча.

Любовью окружали вас

Родные, близкие и дети.

Сопровождало счастье вас

На всем пути, на этом свете!

Желаю счастья, жизненных всех благ

Поболыпе смеха, радостных улыбок,

Чтоб солнце ярче прежнего светило.

И горе стороною обходило.

 

ПЕРВАЯ УЧИТЕЛЬНИЦА.

Н. Жондорова.

Учительница первая моя,

Вы — вторая мама для меня .

Вы сказок нам не читали-

Вы учили нас читатъ,

Рисовать . писать, считатъ.

В походы вы с иами ходили,

По залам музеев водили,

Вы с нами ныряли в бассейн,

Но вот наступил прощания день…

Я постараюсь преумножить

То что дали вы мне,

И буду всегда я Вас помнить

В какой бы стороне я ни была.

 

С ДНЕМ УЧИТЕЛЯ.

А. Ожерелъева.

Осеннее солице светит с утра,

День настанет всем желаю добра!

Весело мне, что в школу иду,

Радость общения там я найду;

В школе я встречу верных друзей,

Любимых и добрых учителей.

Счастья, здоровья я вам желаю,

С праздником вас, дорогих, поздравляю!

 

РОДНАЯ ШКОЛА.

М. Зверева.

Здесь второе моё гнездо,

Это здесь живёт моё детство,

И теперь обжитой им дом

Я оставлю другим в наследство.

Завещаю и передам

Эту школу в квадратах окон

Самым новым её урокам

И другим учебным годам.

Я хочу, чтобы время шло

И ие медленно, и не быстро.

Школа! Дай простор и тепло

Новым чувствам и новым мыслям.

Будь такою, как ты была, —

Строгой в будни, счастливой в праздник,

Чтобы нынешний первоклассник

Чтил слова твои и дела.

Чтобы честным и умным рос,

В жизнь вошёл и здоров, и стоек

И напрасно не вешал нос.

Из — за новых, нешкольных двоек.

 

ТӨРӨППҮТТЭР МУННЬАХТАРА

(Чабырҕаҕынан сценка)

Учуутал.

Кылаас төрөппүттэрин

Төрүт иэстэрэ

Төлүүр кэмнэрэ

Кэлбитинэн,

Дьэ эрэ, доҕоттоор,

Дорҕоонноох

Тоҕо тардар

Тоҕой мунньаҕы

Аспытынан ааҕабын.

Оттон били

Доромоонноох,

Дарамааннаах,

Даарыйалаах,

Хаарыйалаах,

Маарыйалаах

Суохтар дуу?

1 төрөппүт.

Атын аргыс

Айаҕа алгыс

Харгыс, маргыс,

Онно хатан,

Манна хатан

Хабырыныы,

Дьабыгырыы

Дьаам дьиэтинэн

Дьааһыктаах маҕаһыынынан

Дьаабыланыы.

Учуутал.

Чиэппэр бүттэ,

100% сүттэ,

Бүттэ,

Түптэ,

Тэптэ,

Тэлээрдэ.

Эрэй эҥээрэ

Эллэхтэһии

Эбилик уруок,

Оок. Моһуок.

Куотуу, кубулунуу,

Ууну сууйуу.

Кураанаҕы кууһуу,

Куйаас ырыа

Сыаната кырыа,

Хатана сылдьар харыа.

2 төрөппүт.

Оттон мин уолаттарым

Ороһуун, Дороһуун,

Кыргыттарым

Кылаабаларым

Кыһаллан-мүһэллэн,

Таһыллан-таптанан

Табыллыбыт оҕолор.

Үөрэхтэрэ үчүгэй:

Түөртэн түөрт,

Үстэн үс,

Бииртэн биир,

Суохтан суох.

Онтон ордук тугуй?

Кыһамматтар дии-дии

Кылаас мунньаҕар

Кыбыһыннарыы,

Кый-хай,

Кыламан уута,

Симэһин сиигэ.

Айах хайдар

Ааттаах,

Аҕыс күннээх

Артыал мунньаҕын

Айдаана.

Учуутал.

Ороһуун,

Дороһуун,

Омуна суох,

Уон хонук борогуул,

Убайа пахай,

Аҥаара хахай,

Хаһыакка тахсар ахан.

Имиллии-мускуллуу,

Сордоҥ курдук

Сулукучуйуу,

Хатыыс курдук хаһыы.

Тилэх тэстэр,

Тыл сыстар,

Тыын быһаҕаһа тыыныы.

Тыый!

Түүн ыраапыт.

Түлүк.

3 төрөппүт.

Оҕо иитиитэ уустук,

Кыстык

Кыһалҕата суох астык.

Аҕабыт Арамаан

Аар тайҕа,

Ыллар ыраах

Ыга байан

Ындыы.

Байанай сайдыы,

Сай, күһүн көстүү,

Көөчүктэнии,

Түлүбүрүү,

Төрөппүт иэһи төлүү

Сүбэлии

Сүргэлэрин көтөҕүү.

Оттон мин

Биэс төгүл мэтириэт,

Тоҕойдор,

Сороҕо ньоҕой,

Атына ньаҕай

Намарайдар.

Атыннык эттэххэ,

Эриэн ситии,

Этигэн хомус,

Ибили тутуу,

Иһирик ойуур,

Оскуола

Оҕону иитэр сокуона.

Учуутал.

Оскуола сокуона,

Ол эрээри

Бары иитэр

Барҕа баайбыт.

Силип, Сэмэнэп,

Силигирэс Маарыйа,

Массыныыска Даарыйа,

Сүгэлээх Сүөдэр,

Уһун Уйбаан

 

УЧУУТАЛГА

Учуутал судургу да тыл

Мунурун, түгэҕин булбаккын,

Ити ыал, хос сиэн

Сэттэлээхтэрин билбиккин.

Субу кылаас оччоттон

«А» буукубаттан саҕалыыр,

Сааһырдах ахсын учуутал

Саҥа ыалы айхаллыыр.

Эмиэ сылаас тарбаҕынан

Тымныы иэдэһин имэрийэр,

Учуутал уйан сүрэҕинэн

Кылааска сиэтэн дуоһуйар.

Үлэтэ дуораччы биллэригэр

Аҕыйах санааны хаалларар,

Хас оҕо барытын билэригэр

Утуйар кэмнэрин кылгатар.

Күөх далай, күөх куйаар

Сиртэн чэлгийэ тупсубут,

Такайыы силиһэ онно баар,

Махтана, астына турдубут.

Учуутал, судургу да тыл

Кэм ааһан пенсия доҕордоох,

Үйэттэн үйэҕэ бу тыл

Хаһан да санньыппат дьоҕурдаах.

 

УЧУУТАЛЫМ ТУҺУНАН ЫРЫА

К. М. Таюрскаяҕа

Кулуһун уотунуу

кэлэрбит

кутаалыыр

сүрэҕин суоһугар,

күөх чээлгэ чаҥкыныы

күлэрбит

күөрэгэй

чуорааннаах ,сыһыыга.

Колхозпут сүөһүтүн,

бурдугун

хомуйсар

хоһуун дьон этибит,

киһиттэн эн кэрэ

курдугуҥ,

кинигэ

кэһиилээх эдьиийбит

Үөрүнньэҥ куоласкар

истэрбит

үрүччэ,

үрүҥ түүн сипсиэрин,

сэлэлии, түмсүһэ

түстэрбит

сэгэйэн

истиҥник кэпсиириҥ:

илгэлээх олохпут

дьоллоро

Ийэ сир

бүөбэйэ буоларын,

аан дойду үлэһит

дьонноро

алгыстаах

эйэ диэн тылларын.

Кэс-алгыс тылларгын

толорон, кэскиллээх

үлэнэн үрдүөхпүт,

эйигин кырдьан да

олорон,

ийэбит

кэриэтэ өйдүөхпүт.

 

БУКВАРЫМ ТУҺУНАН ПОЭМА

1

Букварым,

букварым —

хаардаах бугул саҕа

халыҥ, сүдү кинигэлэр,

хатат тилэҕин саҕа

хатан, чараас кинигэлэр,

өркөн-төлөн тыллаахтар,

өлбөт-сүппэт тыыннаахтар —

бука бары,

бука бары,

эбэлээтэр эбэлэрэ,

эһэлээтэр эһэлэрэ

эн эрэ буолаҕын,

эн бааргын!

Аалыы өргөс кылааннардаах,

айа курдук иэҕиилээх,

хатан кирис тардыылаах

хас буукубаҥ —

муус болуо олуурдаах

муударас тоҥ ампаардарын

күлүмэх аптаах

күлүүстэрин тыла.

Талыы-мааны санаалаах

Таал-таал эмээхсиннии,

чэҥҥэ-мууска хам сыстан,

чирэстэһэ сыппыт

саха кыратын-кыамматын

санныттан өрө тардан,

сардаҥалаах чыпчаалга

салайан аҕалбыт

Советскай былааһым

сиэдэрэй бэлэҕэ —

түөрт уон толуу ампаартан

түөрт уон күлүүс тыллаахпын!

Ампаарым ахсын

ааныттан анньа

күн уота кылааннаах

күндү түүлээх баар:

кырынааһым-кырсам

кылаан өй диэннэр,

үүһүм-кииһим

үтүө санаа диэннэр.

2

Түөрт уон түмэн апмаарым

түөрт уон күлүүһүн тылын

былдьаан-талаан олоортор

былыр баайдар-тойоттор.

Быыппастыгас былчыҥнаах,

быыра-дохсун санаалаах

манчаарылар эрэ арай,

маҕан күннэрэ харааран,

хаһыырбытынан сүүрэн кэлэн,

халҕаннарын хайа тэбэн,

кылаат бэрдан үллэҥнэтэ,

кылыс тэҥэ кылбаҥнатан:

«Кылаан биилээҥ!—диэн алҕаан,

кыра-кыаммат ыалларыгар

түҥэтээхтээн биэрэннэр,

түрмэҕэ дьүүллэнэннэр,

төрүт буорум үрдүттэн

уҥуохтуун мэлийбиттэр…

Арай, сулус ааттара

алмаастыы чаҕылыйар!

3

Букварым,

букварым!

Аан маҥнай этэ дии били,

аргыый илиибэр ылан,

арыйааппын кытары —

арылы кустук оонньоон,

тула саҕах иитэ

туналыйа күлбүтэ.

Саҥа хаарым кэриэтэ

саппаҕа суох илиискэр,

оһохторун иннигэр

оллооннуу ууран олорор

оҕонньоттор курдук:

«Көр, дьэ, бу

көрсүө оҕо!»—диэн

күө-дьаа буолбахтыы,

көтөҕөн ылан миигин

кыһыл көмүс бытыгынан

кычыгылата оонньуох курдук,

илгэ-сылаас мичээрдээх,

ис киирбэх сэбэрэлээх

Ильич — улуу эһэм

олорорун көрбүтүм,

олус диэммин үөрбүтүм.

Ойуччу чаҕылхай

ол күнүс, дьэ, мин

дьиэрэҥкэй тэбэммин

дьиэбэр тйийээтин,

оҕону-урууну

ороҥҥо мунньаммын,

оҥостон олорон,

ойуутун-бичигин

оомойдуу сылдьаммын,

омуннаан-төлөннөөн

олоччу кэпсээммин,

олустук сөхтөрдүм,

остуоруйа курдук дэттим.

Аны туран, дьэ,

ааһа түһэммин,

аҕалаах ийэбэр

А буукубаны

ааҕан биэрэммин,

алыстык астыннардым.

4

Төлкөм төһүүтэ буолбут

төрөөбүт алфавитым

аан арыйааччы,

айах тутааччы,

айхал амалыйааччы

ааттаах үтүө санаалаах,

алыс көнө майгылаах

А буукубатын,

агроном Ылдьааҕа

аҕам ыпсаран биэрбит

ачаах маһыгар ханыылаан,

адьас начаас булсубутум,

атас-доҕор туттубутум.

Ааттаах үтүө санаалаах,

алыс көнө майгылаах

А буукубам барахсан,

аҕал эрэ баппаҕайгын —

аҕыйах хонуктааҕыта

аччыгыйкаан кыысчааным

аан маҥнай айах атан:

«Аа, аа!»—диэхтээн,

саҥа аллайар буолбут

саргылаах сураҕын

кэргэним Дьэбдьиэй

кэмбиэрдээн ыыппыт.

Ону туран эбээтэ:

«Оҕом сыыһа, хор, бэлиэр

буукубаны билэр

буолан эрэр»,— диир үһү.

Айхаллаах атаһым

А буукубам,

анытын даҕаны

кыысчааным ыллыгар

кытыаста умайыый,

оҕоком суолугар

олукта тэнитиий!

5

Ол түүн, дьэ,

кинигэбин кытта

кичэйэн саптаммын,

хоонньоһон сытабын.

Хойукка диэри мин

аргыый суорҕан иһигэр:

«А, утуйдуҥ дуо?»— диибин.

«Аа?»—диэн чаҕаарыйар

атаһым онуоха…

Устунан, түһүү-түһүү, утуйан барабын…

Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ!—

дьэргэлгэн суһумнаах,

дьиримнэс уоттардаах

дьэҥкир таас дыбарыас

дьэндэйэн тураахтыыр:

«Букварь» диэн эбит

бу кэрэмэс дьиэбит.

Хараҕым алаадыйан,

хантайан турдахпына,

арай, эмискэччи

ааны тэлэйэ баттаат,

А буукубам саҥата

алтаннаахай чуораанныы

айманаахтыы түстэҕэ!

Аралыйар кустуктаах

араас-араас хостору

аһан-сабан,

ааһыталаан,

халыыс таас таманнаах,

халлаан курдук киҥкинээбит

халыаннай саала

халҕанын тэлэйбиппит —

өркөн күнүм уотугар

өрө күлүбүрүү олорор

өргөс-кылаан үөрбэлэрин

өрө туппутунан,

оҕо-туҥуй көрүҥнээх

отут тоҕус бухатыыр,

сүһүөхтэрин бокутан,

сүгүрүйэн ыллылар:

«Эдэркээн сирдьиппиэт,

эн этйэҥ эрэ кэрэх —

ууга тимирэртэн,

уокка да кэриэрэртэн

уолуйаи туруохпут суоҕа,

сирдээ биһигини —

сири-сибиири

сиксигинэн тилийиэхпит,

хамаандалаа биһигиҥи —

халлааны даҕаны

хастыы тэлэйиэхпит!»

6

Дуоскаҕа тахсаҥҥын,

Сүүһүҥ көлөһүнүн ньуххана,

сүһүөҕү сүһүөххэ холбоой,

эппэт кэлэҕэй буолан,

эрэйдэнэ аҕай тураҥҥын,

эмискэччи тыл таһааран,

дьуолкаҕа да кэлбиттээҕэр

дьолуотук дьоллоноҥҥун,

саҥа аллайарыҥ баар

сатаан этиллибэт

саргылаах үөрүү диэн!

Бастакы кыһыҥҥын

бараан иһэҥҥин,

тылтан тылы ааҕан,

тылга тылы холбоон,

учууталыҥ мичээрдиир,

улам тулаҥ сырдыыр, кэҥиир.

Маҥан күнүм анныгар маҥнайгы диэн

барыта даҕаны барҕа махталлаах:

маҥнай үөрэммит күнүҥ,

маҥнай билбит кинигэҥ,

бастакы килбик иэйииҥ,

бастакы оҕоҥ…

Сүүсчэкэлээх оҕонньордуу,

сөмүйэҕин тайахтанан,

сүүһүҥ мыччыстан олорон,

сүһүөхтээн маҥнай ааҕар

сүдү мөккүөр, туругур!

7

Букварым,

букварым —

сардаҥалаах олоҕум

сарсыардааҥы чолбоно,

аартык суолум төрдүгэр,

аар хатыҥым үрдүнэн көҕүтэ күлбүтүҥ,

угуйа турбутуҥ — оҕом эрэ буолларгын,

орто туруу дойдуга

олороруҥ устата,

үтүөҕэ эрэ үөрдүс,

кэрэҕэ наар кэикэлэс,

кырдьыгы кытта кыттыс,

күөххэ көҕүй,

күҥҥэ дьулус!—диэҥҥин.

Алгыһыҥ баһа

арыылаах буоллун!

Хаарыан-харамай тылларгын

хараҕым харатыныы

харыстаахтаан сылдьаммын,

кыысчааным сүрэҕэр

кыым гынан кыбытыам,

уол оҕом кутугар

уот гынан кутуом!

 

ОСКУОЛАҔА ҮӨРЭММИТ КЭМНЭРИМ

Куба курдук кылбаа маҥан баанчык

Букубаар быыһынан кылбайара.

Чуорааммыт тыаһа чугдаара

Чуопчаарбыт оҕо саҥата.

Саһарҕабыт сандаара тыгыыта

Сылгы сааҕын тэбэ, сырса биһиги

Сарсыарда үөрэнэ кэлэрбит,

Суумка тутуурдаах оҕолор.

Буукуба, дорҕоон доҕордономмут.

Ахсааннары ааҕар атастанан

Уһун үйэлээх идэҕэ

Учуутал билиини биэрэрэ.

Үөрэх кэмэ бүтэрин саҕана

Оскуолабыт анныгар баар күөлгэ

Уһун күнү чалбааттанан

Болуот оҥорон устарбыт.

Октябренок, Пионер, Комсомол

Эппиэттээх аатын дьоҕурдаах сүгэн,

Значок, хаалтыс иилинэрбит

Инники сырдык суолланан

Үүнэр-сайдар да арыалланаммыт

Олоҕу олорорго кэрэтиэн.

Дьиэрэҥкэй тэбэр кыргыттар!

Оһуокай ойор уолаттар!

Оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрим

Оройунан көрбүт оҕо сааһым,

Барыта бу буолбут курдук,

Бэл, харахпар көстөн ааста.

 

УЧУУТАЛ КҮНҮГЭР

Букубаартан саҕалаан

Билии дьикти аанын аһар,

Уруучука туттаран,

Учуутал суруттарар.

Ахсаан араас дьайыыларын

Ааҕа тиэрдэн суоттатарыҥ,

Оо, маҥнайгы учууталым,

Оҕо саастан махталым!

Онтон үүнэн, сайдан иһэн,

Олох устун баран иһэн,

Оскуолаттан ылбыт билиим,

Олох суолун ыйбыт билим –

Оройдонор оҕо мэник,

Ойор күнүм сырсар тэҥник,

Омнуо буолбат ойууларым,

Оттом сааска ахтыыларым.

Уруйданнын бүгүн күҥҥэ

Учууталым, үөрүүҥ күнэ,

Оҕо саастыын, эдэр саастыын

Оскуолаҕа тэҥҥэ сырсыыҥ!

Соҕотоҕун хааллаххына,

Сэмээр санаан ыллаххына,

Сэрэппэккэ кылаас кэллин,

Сибэккинэн үөрүү тиэртин!

 

 

УЧУУТАЛ КҮНҮГЭР

Үтүө-мааны учуутал

Эҕэрдэлиибин эйиигин

Учуутал улуу бырааһынньыккынан!

Биһиги биллибит элбэҕи

А, Б саҕалаан,

Ю, Я тиийиэхпит,

Букваны үөрэтэн,

Буквары бүтэрэн,

Ааҕыахпыт

Эҥин араас кинигэлэри.

Элбэҕи суоттуохпут,

Суруйуохпут турдаҕа.

Уон сыл утум-ситим

Түргэнник ааһыа,

Онно даҕаны умнуохпут суоҕа

Бастакы учууталбытын.

Хайдах оскуола аанын

Бастаан аһан киирбиппитин,

Хайдах паартаҕа

Аан бастаан олорбуппутун,

Сахалыы истиҥник

Дорообо диэн эппиппитин.

 

БЫРАҺААЙ, ОСКУОЛАМ

Үөрэнэр хонуктар үөр куба кэриэтэ

Долгуһа субуһан аастылар.

Экзамен туттаран, онуһу бүтэрэн,

Тарҕаһар чаастарбыт ыктылар.

Хос ырыата:

Быраһаай, кынаттаан көтүппүт оскуолам,

Эйигин өрүүтүн саныахпыт.

Эйиэхэ үөрэммит кэммитин ханна да

Махтана, киэн тутта ахтыахпыт.

Доҕоттоор, кистээҥҥит өрүтэ тыынымаҥ,

Арахсар кэм кэллэ дии санаан.

Мунньустан, дьэ хата, ырыата ыллыаҕыҥ

Бу бэлиэ түгэни айхаллаан.

Хос ырыата.

Сайыҥҥы күөх халлааҥҥа ырыабыт дьиэрэйдин

Күөрэгэй чыычаахтыы дайааран.

Учуутал дьоннорго махталы этиэхтин

Чуорааммыт тыаһыныы чугдааран.

Быраһаай, кынаттаан көтүппүт оскуолам,

Эйигин өрүүтүн саныахпыт.

Эйиэхэ үөрэммит кэммитин ханна да

Махтана, киэн тутта ахтыахпыт.

1954

Т. Кириллина мелодия айбыта

 

БУКВАРЫМ ТУҺУНАН ПОЭМА

1

Букварым,

букварым —

хаардаах бугул саҕа

халыҥ, сүдү кинигэлэр,

хатат тилэҕин саҕа

хатан, чараас кинигэлэр,

өркөн-төлөн тыллаахтар,

өлбөт-сүппэт тыыннаахтар —

бука бары,

бука бары,

эбэлээтэр эбэлэрэ,

эһэлээтэр эһэлэрэ

эн эрэ буолаҕын,

эн бааргын!

Аалыы өргөс кылааннардаах,

айа курдук иэҕиилээх,

хатан кирис тардыылаах

хас буукубаҥ —

муус болуо олуурдаах

муударас тоҥ ампаардарын

күлүмэх аптаах

күлүүстэрин тыла.

Талыы-мааны санаалаах

Таал-таал эмээхсиннии,

чэҥҥэ-мууска хам сыстан,

чирэстэһэ сыппыт

саха кыратын-кыамматын

санныттан өрө тардан,

сардаҥалаах чыпчаалга

салайан аҕалбыт

Советскай былааһым

сиэдэрэй бэлэҕэ —

түөрт уон толуу ампаартан

түөрт уон күлүүс тыллаахпын!

Ампаарым ахсын

ааныттан анньа

күн уота кылааннаах

күндү түүлээх баар:

кырынааһым-кырсам

кылаан өй диэннэр,

үүһүм-кииһим үтүө

санаа диэннэр.

2

Түөрт уон түмэн ампаарым

түөрт уон күлүүһүн тылын

былдьаан-талан олоортор

былыр баайдар-тойоттор.

Быыппастыгас былчыҥнаах,

быыра-дохсун санаалаах

манчаарылар эрэ арай,

маҕан күннэрэ харааран,

хаһыырбытынан сүүрэн кэлэн,

халҕаннарын хайа тэбэн,

кылаат бэрдин үллэҥнэтэн,

кылыс тэҥэ кылбаҥнатан:

«Кылаан биилээҥ!» — диэн алҕаан,

кыра-кыаммат ыалларыгар

түҥэтээхтээн биэрэннэр,

түрмэҕэ дьүүллэнэллэр,

төрүт буорум үрдүттэн

уҥуохтуун мэлийбиттэр…

Арай, сулус ааттара

алмаастыы чаҕылыйар!

3

Букварым,

букварым!

Аан маҥнай этэ дии били,

аргыый илиибэр ылан,

арыйааппын кытары —

арылы кустук оонньоон,

тула саҕах иитэ

туналыйа күлбүтэ.

Саҥа хаарым кэриэтэ

саппаҕа суох илиискэр,

оһохторун иннигэр

оллооннуу ууран олорор

оҕонньоттор курдук:

«Көр, дьэ, бу көрсүө оҕо!» —

диэн күө-дьаа буолбахтыы,

көтөҕөн ылан миигин

кыһыл көмүс бытыгынан

кычыгылата оонньуох курдук,

илгэ-сылаас мичээрдээх,

ис киирбэх сэбэрэлээх

Ильич — улуу эһэм

олорорун көрбүтүм,

олус диэммин үөрбүтүм.

Ойуччу чаҕылхай

ол күнүс, дьэ, мин

дьиэрэҥкэй тэбэммин

дьиэбэр тиийээтин,

оҕону-урууну

ороҥҥо мунньаммын,

оҥостон олорон,

ойуутун-бичигин

оомойдуу сылдьаммын,

омуннаан-төлөннөөн

олоччу кэпсээммин,

олустук сөхтөрдүм,

остуоруйа курдук дэттим.

Аны туран, дьэ,

ааһа түһэммин,

аҕалаах ийэбэр

А буукубаны

ааҕан биэрэммин,

алыстык астыннардым.

4

Төлкөм төһүүтэ буолбут

төрөөбүт алфавитым

аан арыйааччы,

айах тутааччы,

айхал амалыйааччы

ааттаах үтүө санаалаах,

алыс көнө майгылаах

А буукубатын,

агроном Ылдьааҕа

аҕам ыпсаран биэрбит

ачаах маһыгар ханыылаан,

адьас начаас булсубутум,

атас-доҕор туттубутум.

Ааттаах үтүө санаалаах,

алыс көнө майгылаах

А буукубам барахсан,

аҕал эрэ баппаҕайгын —

аҕыйах хонуктааҕыта

аччыгыйкаан кыысчааным

аан маҥнай айах атан:

«Аа, аа!» — диэхтээн,

саҥа аллайар буолбут

саргылаах сураҕын

кэргэним Дьэбдьиэй

кэмбиэрдээн ыыппыт.

Ону туран эбээтэ:

«Оҕом сыыһа, хор,

бэлиэр буукубаны билэр

буолан эрэр», — диир үһү.

Айхаллаах атаһым

А буукубам,

анытын даҕаны

кыысчааным ыллыгар

кытыаста умайыый,

оҕоком суолутар

олукта тэнитиий!

5

Ол түүн, дьэ,

кинигэбин кытта

кичэйэн саптаммын,

хоонньоһон сытабын.

Хойукка диэри мин

аргыый суорҕан иһигэр:

«А, утуйдуҥ дуо?» — диибин.

«Аа?» — диэн чаҕаарыйар

атаһым онуоха…

Устунан, түһүү-түһүү,

утуйан барабын…

Дьэ, дьикти диэтэҕиҥ! —

дьэргэлгэн суһумнаах,

дьиримнэс уоттардаах

дьэҥкир таас дыбарыас

дьэндэйэн тураахтыыр:

«Букварь» диэн эбит

бу кэрэмэс дьиэбит.

Хараҕым алаадыйан,

хантайан турдахпына,

арай, эмискэччи

ааны тэлэйэ баттаат,

А буукубам саҥата

алтаннаахай чуораанныы

айманаахтыы түстэҕэ!

Аралыйар кустуктаах

араас-араас хостору

аһан-сабан,

ааһыталаан,

халыыс таас таманнаах,

халлаан курдук киҥкинээбит

халыаннай саала

халҕанын тэлэйбиппит —

өркөн күнүм уотугар

өрө күлүбүрүү олорор

өргөс-кылаан үөрбэлэрин

өрө туппутунан,

оҕо-тунуй көрүҥнээх

отут тоҕус бухатыыр,

сүһүөхтэрин бокутан,

сүгүрүйэн ыллылар:

«Эдэркээн сирдьиппиэт,

эн этиэҥ эрэ кэрэх —

ууга тимирэртэн,

уокка да кэриэрэртэн

уолуйан туруохпут суоҕа,

сирдээ биһигини —

сири-сибиири

сиксигинэн тилийиэхпит,

хамаандалаа биһигини —

халлааны даҕаны

хастыы тэлэйиэхпит!»

6

Дуоскаҕа тахсаҥҥын,

сүүһүҥ көлөһүнүн ньухханан,

сүһүөҕү сүһүөххэ холбоон,

эппэт кэлэҕэй буолан,

эрэйдэнэ аҕай тураҥҥын,

эмискэччи тыл таһааран,

дьуолкаҕа да кэлбиттээҕэр

дьолуотук дьоллоноҥҥун,

саҥа аллайарыҥ баар

сатаан этиллибэт

саргылаах үөрүү диэн!

Бастакы кыһыҥҥын

бараан иһэҥҥин,

тылтан тылы ааҕан,

тылга тылы холбоон,

учууталыҥ мичээрдиир,

улам тулаҥ сырдыыр, кэҥиир.

Маҥан күнүм анныгар

маҥнайгы диэн

барыта даҕаны

барҕа махталлаах:

маҥнай үөрэммит күнүҥ,

маҥнай билбит кинигэҥ,

бастакы килбик иэйииҥ,

бастакы оҕоҥ…

Сүүсчэкэлээх оҕонньордуу,

сөмүйэҕин тайахтанан,

сүүһүҥ мыччыстан олорон,

сүһүөхтээн маҥнай ааҕар

сүдү мөккүөр, туругур!

7

Букварым, букварым —

сардаҥалаах олоҕум

сарсыардааҥы чолбоно,

аартык суолум төрдүгэр,

аар хатыҥым үрдүнэн

көҕүтэ күлбүтүҥ,

угуйа турбутуҥ —

оҕом эрэ буолларгын,

орто туруу дойдуга

олороруҥ устата,

үтүөҕэ эрэ үөрдүс,

кэрэҕэ наар кэккэлэс,

кырдьыгы кытта кыттыс,

күөххэ көҕүй,

күҥҥэ дьулус! — диэҥҥин.

Алгыһыҥ баһа арыылаах буоллун!

Хаарыан-харамай тылларгын

хараҕым харатыныы

харыстаахтаан сылдьаммын,

кыысчааным сүрэҕэр

кыым гынан кыбытыам,

уол оҕом кутугар

уот гынан кутуом!

1975 с.

 

ОСКУОЛАБЫТ БАРАХСАН ҮЙЭЛЭРГЭ ЧЭЧИРЭЭ

Хатырык оскуолатын 80 сылынан

Уоттаах сэрии сылларын

Огдолуппут олоҕор,

Оскуолабыт барахсан,

Оҕо сааспыт үөрүүтэ.

Балаҕантан мустаммыт

Барыласка үөрэнэн,

Олох суолун оломноон,

Киһи-хара буоллахпыт.

Модут, Түбэ, Хатырык,

Арбын уонна Көбөкөн,

Үүнэр эдэр ыччата

Үөрэммиппит дьаныһа.

Атын сиртэн кэлбит диэн,

Атааннаһыы суох этэ,

Аймахтыылар кэриэтэ,

Атас, доҕор буоларбыт.

Онтон ыла элбэх сыл —

Кэскил суола аастаҕа,

Буойун убай — Учуутал

Кэриэс тыла туоллаҕа.

Үөрэх, билии аартыга,

Үйэлэргэ чэчирээ!

Саҥа сырдык оскуола

Сандаарыйа сайда тур!

Т. А. Куличкина – Дедюкина

 

БАСТАКЫ УЧУУТАЛ

(Бастакы учуутал, эн ааккын ааттыыбыт)

Бастакы учуутал

Ааҕарга үөрэтэн,

Суоттуурга такайан

Төһөлөөх оҕону

Аҕалыы нйэлин

Кыһаллан үөрэттиҥ,

Ыраахха угуйдуҥ?

Учуутал, Эн хаста

Чуорааны тыаһатан

Уруокка ыҥырдыҥ?

Уус тылы суруйар

Тэтэрээт түҥэттиҥ?

Ахсааны ааҕарга

Лаппыйан үөрэттиҥ?

Эн аатыҥ ааттанар,

Номоххо ахтыллар.

Ааспытын да иһин

Ахтылҕан ымыыта,

Кылаастар ааннара

Куруутун саҥаҕа

Ыҥыра тураллар

Нэлэччи аһыллан.

Арахсан, бытанан,

Адьаһын ыраатан

Төрөөбүт түөлбэттэн

Тарҕанан сир аайы

Ыал буолан билигин

Ыраахтан ахтабыт,

Бастакы учуутал

Ыҥырар чуорааныҥ

Тырылыы тыаһыырын!

3.10.2018 с. Удьурҕай

 

УЧУУТАЛ КҮНҮГЭР

Учуутал тиэтэйэ-саарайа

Уруогар сарсыарда барара,

Оскуола ааннарын арыйа,

Оҕоҕо билиини барҕара…

Учуутал үөрэҕин бүтэрэн

Эдэркээн бэйэтэ кэлбитэ,

Эрэллээх эрчимниин иллэһэн

Уруогар долгуйа киирбитэ.

Кылааһын хас биирдии оҕотун

Билсииттэн саҕалыыр уруогун,

Кэпсэтэр, үөрэтэр, быһаарар,

Бастакы суолларын таһаарар.

Хаҥатар билиини оҕоҕо,

Иитиэхтиир үөрэҕи күннэтэ.

Хонук түүн утуйбат сороҕор,

Иэйиилээх санаанан сирдэтэр.

Оскуола — үлэлиир эйгэтэ

Олоҕун бастыҥныыр аргыһа.

Оҕолор — кылааһын эйэтэ,

Олоххо атаарар сайыһа.

Учуутал учуутал буолара

Уһун суол субулла устара.

Унньуктаах айанын түбүгэ

Уһуйан үөрэппит түмүгэ.

Марта – Мария

 

МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛГА

Онтон биһиги оҕо сааска

Оскуолаҕа барарбыт,

Ньолобуой диэн кылааска

Номнуо сэттэ саастаахпыт.

Учууталтан толлорбут,

Таҥараҕа тэҥниирбит.

Уу чуумпурбут буоларбыт,

Тиихэй бөҕө этибит.

Чүмэчилээх паартабыт,

Чэрэниилэ турара,

Сытыы бөрүө тыаһыырбыт

Саҥа сурук таһаара.

Ыскылааттаан ааҕарбыт,

Бииргэ биири эбэрбит.

Ыраас соҕус буочарбыт

Биллибэккэ биһэрбит.

Хата дьиэҕэ кэлэммит

Үөрэхтэммит эбиппит —

Хаһыат ааҕан биэрэммит

Үөрэр этэ ийэбит.

Учууталга махтанабыт,

Утарсыбат буоларбыт.

Убаастыыры сатыырбыт,

Улуу курдук саныырбыт.

Учууталлыыр идэҕэ

Уустуктара элбэҕэ,

Уһуйаанныыр эйгэҕэ

Уһуйара элбэххэ.

Марта – Мария

 

 

УЧУУТАЛ КҮНҮНЭН

Бүгүн үүннэ кэрэ күн —

Учууталлар күннэрэ!

Уоскуйбатах түбүгүн

Бэлиэтэнэр үөрүүтэ.

Талан ылбыт идэтэ,

Уһуйарга үлэтэ

Тарҕатара билиини —

Учууталга билинии.

Устар олох тухары

Убаастанар учуутал.

Махтал, баарбыт тухары,

Мааны киһи — учуутал!

Нөрүөн-нөргүй буолуохтун!

Намчы дууһа уйатын

Киэҥ билиинэн киэргэтэр,

Кэлэр кэмин ситтэрэр.

Эн сыралаах үлэҕин,

Этэр-тыынар бэйэҕин

Эдэр ыччат билинэр,

Эҕэрдэтин тириэрдэр.

Дьиҥнээх киһи — учуутал!

Дьоллоох киһи — учуутал!

Уруй-тускул буолуохтун,

Улуу буола туруоххун!

Марта – Мария

 

ДОРООБО, БУКУБААР

Оскуола боруогун атыллаан

Маҥнайгы кылааска мин киирдим,

Аа диэнтэн аан бастаан саҕалаан

Буукуба эйгэтин мин биллим.

Букубаар, дорообо, букубаар!

Кистэлэҥ суруккун ааҕарбар,

Сүһүөхтээн тыллары холбуурбар

Уһуйан үөрэтэр учуутал.

Күнтэн күн билэрим элбээтэ,

Киэҥ билии суолугар сирдээтэ.

Букубаар, мин бастыҥ атаһым,

Мин куруук эйиэхэ махталым.

Үөрэхпин түргэнник ылынан

Мүнүүтэ иһигэр нуормабын

Сүһүөхтээн холбууру аһаран,

Сүүһүнэн тыллары ааҕабын.

Дорообо, дорообо, букубаар,

Илиибин эҕэрдэ уунабын,

Билии киэҥ аартыгын аспыккар

Эйигин истиҥник таптыыбын!

 

 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять