22.11.2024

«Ырыа куттаах Туллук хаара» дьоһун кинигэ  сүрэхтэннэ

Эҥсиэли хочобут үрдүнэн

Эйээрэр ырыабыт иһиллэр,

Үлэбит-олохпут тупсарын туһугар

Айар түмсүүлэр олоххо сэргэхтэр!  диэн Екатерина Афанасьевна Лукинова-Сэргээнэ истиҥ тылларынан саҕаланан “Ырыа куттаах Туллук хаара” альбом кинигэ Николай Рыкунов аатынан улуустааҕы киин модельнай библиотекаҕа олунньу ый 29 күнүгэр сүрэхтэнэр дьоро күнэ ааста.

Үйэ-саас тухары хаалар  ырыа айааччылары үйэтитэр өйдөбүнньүк альбом-кинигэбитин – Нам улууһун дьонугар-сэргэтигэр, ырыаны таптааччыларга, кэрэҕэ сүгүрүйээччилэргэ ырыа куттаах доҕотторун түмэн көмөлөөн бэчээккэ бэлэмнээн таһаардылар улуустааҕы «Туллук хаара» түмсүү салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна  Нам улууһун Ытык киһитэ, СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ Андрей Терентьевич Замятин.

Бу күн Нам улууһун ырыа айааччыларын түмсүү дьонун кытта, кинилэр үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэһиннилэр, бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин тиэртилэр “Көмүөл” кинигэ издательствота (директор Борис Павлов, дизайнер Наталья Саввинова), Нам түмсүүттэн Мария Габышева, Гаврил Местников, Михаил Павлов, «Копиртехсервис» ген. директора Александр Никифоров балтын Лена Сивцеваны кытта, эдэр, кэскиллээх ырыаһыттар Петр Попов, Кэскил Баишев. 

Бэрт элбэҕи кэпсиир, үйэтитэр сыаллаах дьоһун кинигэбитигэр — Туллук хаара түмсүү төрүттэммит историятыттан, салалтатыттан саҕалаан, улуус нэһилиэктэрэ бары айар куттаах ырыа айааччылара ааттара ааттаммыттара, эдэр кэскиллээх талааннаах ыччаттарбыт, билигин биһиги ортобутугар суох ырыа-музыка айан хаалларбыт композитор ытык дьоннорбут, мелодистар киирбиттэрэ кэрэхсэбиллээх.

Үтүө доҕотторбутуттан айар абылаҥ аартыккыт арыллан хоһоон киэнэ хомоҕойун, ырыа киэнэ ылбаҕайын кэтэһэбит!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять