Кулун тутар 26 күнүгэр Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатын ааҕар саалатыгар үгүс киһи муһунна. Нам улууһун социальнай-экономическай, культурнай сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит салайааччылартан биирдэстэрэ, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС культуратын туйгуна,Нам улууһун Бочуоттаах гражданина Афанасий Андреевич Протопопов төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах «Үтүө киһи аата умнуллубат» диэн ахтыы киэһэтэ истиҥник, иһирэхтик буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ Афанасий Андреевич бииргэ үлэлээбит, алтыспыт үөлээннээхтэрэ, аймахтара, оҕолоро, сиэннэрэ, төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэгиттэн, 2 Хомустаахтан биир дойдулаахтара кыттыыны ыллылар.
Эҕэрдэ тыллары Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салайааччыта Ядрихинскай Семен Прокопьевич, 2Хомустаах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Никонов Сергей Саввич тиэртилэр. Салгыы Афанасий Андреевич Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт бойобуой суолун, эйэлээх олоҕу тутууга, улууска ааҕар балаҕантан саҕалаан культура сайдыытыгар кылаатын, социальнай харалта эйгэтигэр, общественнай үлэтин сырдатан ахтыылары оҥордулар улуустааҕы бэтэрээннэр сэбиэтин председателэ Кобякова Софья Дмитриевна, ССРС культуратын, СӨ норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Ытык киһитэ Мария Николаевна Габышева, Нам улууһун культуратын отделын өр сылларга салайбыт, СӨ культуратын туйгуна Раиса Николаевна Горохова, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Ытык киһитэ Иван Афанасьевич Бубякин, СӨ бэчээтин туйгуна, үлэ ветерана Иннокентий Иннокентьевич Иванов, Нам улууһун Ытык киһитэ, үлэ ветерана Михаил Сергеевич Баишев, социальнай харалта үлэтин ветераннара Наталья Гаврильевна Попова, Людмила Романовна Аргунова.
Афанасий Андреевич киһи быһыытынан үтүө-мааны майгылаах, сахалыы айылгылаах, санаалаах аҕа көлүөнэ биир дьоһуннаах киһитэ этэ. Кимиэхэ баҕарар биир тэҥ сыһыаннаах, ыраас суобастаах, дьиҥ коммунистыы принципальнай майгылаах үлэһит быһыытынан биллибитэ. Кини чахчы айылҕа оҕото этэ: айылҕаҕа сылдьарын олус сөбүлүүрэ, сэмдэй тэҥҥэ үүммүт иһирик ойуурдаах, сылгы сиэлбит, ынах маҥыраабыт, киэҥ сыһыылардаах, чэгиэн-чэбдик салгыннаах аҕатын алааһын – Бэттиэмэлээҕи олус күндүтүк саныыра, хас сайын ахтылҕаннаах алааһын салгынынан дуоһуйа тыынан күүс-уох ылара. Бу туһунан Афанасий Андреевич чугас аймахтара, Дьокуускай куораттан кэлбит Розалия Егоровна Бочкарева, Мария Алексеевна Татаринова, Николай Владимирович Слепцов ахтан-санаан тыл эттилэр. Түмүккэ Афанасий Андреевич кыыһа Протопопова Елизавета Афанасьевна биэчэр кыттыылаахтарыгар махтанан туран, 2Хомустаах дьаһалтатыгар, “Сэргэлээх” культура киинигэр, улуус культуратын салалтатыгар, киин библиотека коллективыгар аҕаларын 100 сылынан оҥотторбут өйдөбүнньүк сувениры, сэмэй бэлэхтэри туттарда. Ахтыы киэһэни ырыанан-тойугунан 2Хомустаах “Сэргэлээх” культура киинин коллектива, Мария Иванова, сцена ветераннара Иннокентий Иванов, Матрена Оконешникова киэргэттилэр.
Үтүө тыыннаах тэрээһини Афанасий Андреевич таптыыр ырыатын “Хайыһары” ыалдьыттар бары бииргэ ыллаан биэчэри түмүктээтилэр, өйдөбүнньүк хаартыскаҕа түһэн үйэтиттилэр.