22.11.2024

«Кустук оһуор сырдыгар, Ылдьаа, эн олоҕун арыллар»

Бүгүн Оҕо библиотекатыгар үөрүүлээх быһыыга уһулуччулаах государственнай, политическай деятель И.Е.Винокуров 125 сылыгар анаммыт  «Кустук оһуор сырдыгар, Ылдьаа, эн олоҕун арыллар» республиканскай ырыа уонна хоһоон айыытыгар күрэх түмүгэ таҕыста.

Кыттыыны ыллылар “Нам улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччы Абрамов П.В., “Нам улууһа” МТ культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын специалистара Бурцева Е.Н., Платонова М.А., А.Шестаков аатынан Намнааҕы норуот айымньытын киинин хормейстера Кутукова Е.А.

Хоһоон айыытын сыаналыыр дьүүллүүр сүбэҕэ  Дьокуускайдааҕы норуот айымньытын дьиэтин специалиһа Захаров А.К.,  “Эҥсиэли” хаһыат сүрүн редактора, Уваровская Л.А.,  “Отуу уота”  литературнай түмсүү салайааччыта Татаринов А.М.-Удьурҕай,  Н.М.Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотека специалистара Дьяконова Р.Н., Гоголева Р.А. үлэлээтилэр.

Уопсайа 10 кыттаачы И.Е.Винокуров туһунан бэйэлэрэ айбыт саҥа хоһооннорунан кыттыбыттар. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан 1 миэстэни — Прасковья Байанаева (Нам улууһа, Нам с.), 2 миэстэни – Туйаара Самсонова (Хаҥалас улууһа), 3 миэстэни – Александр Дунаев (Нам улууһа, Хамагатта с.) ыллылар.     

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять