08.12.2024

«СЫЛ-ХОНУК СҮҮРҮГЭ» Мария Петровна Мохначевская – Марта Мария

Сааскы сайаҕас үтүө күнүнэн убаастабыллаах ааҕааччыларбыт, поэзия алыптаах абылаҥар сүгүрүйэр айар дьоҕурдаах доҕотторбут!

 

Бүгүҥҥү айылҕа уһуктар чэчириир, чэлгийэр кэмигэр төрөөбүт күндү киһибитин Мария Петровна  Мохначевская – Марта Марияны өрөгөйдөөх күнүнэн эҕэрдэлиибит!

 

 Мария Петровна үлэ бэтэрээнэ, СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, улуустааҕы  «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ, «Нам улууһун культуратын сайдыытыгар киллэрбит кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына, 29 кинигэ ааптара  Мария Петровна  Мохначевская – Марта –Мария «Сыл- хонук сүүрүгэ»   диэн истиҥ-иһирэх айар тэрээһинэ ааста.

Бүгүҥҥү истиҥ  дьоро күн кэпсэтии-сэһэргэһии быһыытынан ыытылынна.

Мария Петровна 1949 с. муус устар 18 күнүгэр Нам сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүтэ. 1971 сыллаахха иис үөрэҕин бүтэрэн Нам бытовой комбинатыгар ананан үлэтин саҕалаабыта. Эдэркээн кыыс үлэҕэ дьоҕурунан, дьулуурунан, сатабылынан иис кистэлэҥҥэрин баһылаан чараас солкоттон саҕалаан халыҥ тас таҥастары, түүлээҕи тигэр маастарга тиийэ үүммүтэ. Маны этэн эрдэхтэрэ, талааннаах киһи барытыгар талааннаах диэн.

 Мария Петровна – Марта-Мария хоһоон суруйуутунан утумнаахтык дьарыктанан 2016 сылтан хоһоонноро бэчээккэ тахсыбыттара. Куйаар ситиминэн, олохтоох «Эҥсиэли» хаһыакка бастакы хоһоонноро бэчээттэнэн дьон-сэргэ болҕомтотун ылбыттара. Марта-Мария олоххо баар суолу, түгэни адьас атын хараҕынан таба көрөн, күннээҕи олоххо киһи үгүстүк туттар тылларынан этэн, быһааран кэбиһэр ураты дьоҕурдаах. Ол да иһин буолуо, хоһоонноро кэрэхсэбили тардаллар, дьон-сэргэ судургутук ылынар. Бастакы “Олох умсулҕана” кинигэтэ 2016 сыллаахха тахсыбыта. Онтон ыла хоһоон айар умсулҕаныгар ылларан 29 кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта, ол иһигэр тылбаастара бааллар. Марта-Мария хоһоон суруйарын тэҥинэн хоһоону нууччалыыттан сахалыы, сахалыыттан нууччалыы тылбаастаан ааҕааччы улахан сэҥээриитин ылар.

Марта-Мария кырдьык даҕаны, күннээҕи силигэ сиппэт сүпсүлгэн быыһыгар, олох тэтимнээх, кубулҕаттаах оҥочотугар олорсон, араас буолар түгэннэри сүрэҕинэн ылынан, сэргээн, сөҕөн  иэйэн-куойан хоһуйан, санаатын сайаҕастык этэн хоһоон гынан суруйан, кинигэҕэ киллэртиир.

Бу сылга Марта-Мария «Оҕо саас ырата” уонна Анастасия Николаевна Бурцева кинигэтигэр “Восстановление после инсульта” нууччалыы тылбаастаабыт кинигэтин билиһиннэрдэ.

   Улуустааҕы «Отуу уота» айар түмсүүгэ уран тыл умсулҕаныгар ылларан, айар куттаах доҕотторун кытта бииргэ алтыһан поэзия эйгэтигэр улууспутугар аатын ааттатан, бар дьоно айымньыларын сэргиир, ааҕар. Кэрэ айылҕа истиҥ-иһирэх күүстээх абылаҥын курдук дириҥ иэйиилээх хоһооннорун ааҕан иһитиннэрдилэр Намнааҕы бастакы нүөмэрдээх оскуола үөрэнээччилэрэ.

 Марта-Мария 17  ырыа буолбут хоһооннордоох. Ол курдук кини ырыаларын билиһиннэрдэ айар аартык ыллыгар бииргэ сылдьар дьүөгэтэ, «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ Тупсууна, Аскалон  Лукич Егоров.

Намнааҕы педколледж устудьуоннара Марта-Мария хоһоонноруттан аахтылар.

Истин иһирэх тыллары эттэ Марта-Мария эдьиийэ Тамара Петровна Алексеева, Намнааҕы техникум ветерана уонна бииргэ үөрэммит кыыһа Светлана Георгиевна Емельянова.

Эҕэрдэ тыл эттилэр Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим дириэктэрэ Майя Романовна Софронова, “Отуу уота” литературнай түмсүүттэн Прасковья Дмитриевна Байанаева, Алексей Михайлович Татаринов-Удьурҕай. Бу үөрүүлээх күҥҥэ «Отуу уота» литературнай түмсүүгэ чилиэннэринэн киирдилэр Быканова Екатерина Николаевна, Баишева Феврония Гаврильевна.

Күндү киһибитигэр баҕарабыт кытаанах доруобуйаны, өссө да таһаарыылаах үлэни, өр кэмҥэ айыылартан аргыстанан, иэйиигэр куустаран – хоһуйа, айа-тута, бар дьоҥҥун сөхтөрө тураргар.

Бүгүҥҥү кэлбит ыалдьыттарбытыгар махтал-сылаас тылларын этэбит! Саас курдук сайаҕас буолуоҕуҥ, сааскы сытыы тыал курдук чэгиэн-чэдик туруктаныаҕыҥ, сааскы көмүөл халҕаһалыы устарын курдук дьоллоох түгэннэр элбии турдуннар!

                        

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять