24.11.2024

«Хомус биһигин төрүттээччи-Миитэрэй Кырбаһааҥкын» кинигэ сүрэхтэниитэ, “Дьүрүл” норуодунай фольклорнай ансаамбыла төрүттэммитэ 45 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээтэ

Бу сыл сэтинньи 30 күнүгэр ССРС культуратын туйгуна, СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун, Партизан, Таастаах нэһилиэктэрин Ытык киһитэ, норуот ырыаһыта, импровизатор-хомусчут Дмитрий Иванович Кривошапкинҥа анаммыт  “Хомус биһигин төрүттээччи – Миитэрэй Кырбаһааҥкын”   саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ Партизан нэһилиэгин «Хомус»  фольклор дьиэтигэр истиҥник, үрдүк көтөҕүүлээхтик буолан ааста.

       Норуот ырыаһыта, сахаттан саханы салгыыр утум тутааччыбыт Дмитрий Иванович айар үлэтигэр, олоҕор анаммыт  “Хомус биһигин төрүттээччи – Миитэрэй Кырбаһааҥкын”   хомуурунньугу хомуйан оҥордулар улуустааҕы кииннэммит библиотека тиһигин директора Майя Романовна Софронова, П.И.Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин киновидеоархивын отделын сэбиэдиссэйэ Вера Дмитриевна Попова буолаллар.  Кинигэ күн сирин көрөрүгэр күүс-көмө буоллулар- « Нам улууһа » муниципальнай тэриллии, Нам улууһун култуураҕа уонна духовнай сайдыыга салаата уонна Нам улууһун кииннэммит библиотекаларын ситимнэрэ.

       Бу кинигэҕэ норуот ырыаһыта, норуоттан тахсыбыт педагог — уһуйааччы, импровизатохомусчут, тойуксут, алгысчыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин “Ытык олоҥхоһуттар” общественнай тэрилтэ чилиэнэ, «Дьүрүл» норуотунай ансаамбылы тэрийээччи Дмитрий Иванович олоҕун, айар үлэтин сырдатар ахтыылар, олоҥхолор, алгыстар, оһуохайдаар, ырыалар, тойуктар, тэттик кэпсээннэр, үһүйээннэр, биобиблиографическай ыйынньык, хаартыскалар таҥыллан киирдилэр. Кинигэ кыраайы, культуура устуоруйатын, саха фольклорун үөрэтээччилэргэ, кэрэхсээччилэргэ, кэрэхсээччилэргэ, устудьуоннарга ананар. Кинигэ уон түһүмэхтээх, 164 сирэйинэн, 200 ахсаанынан Дьокуускай куорат “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста.

Бу дьоро күҥҥэ Д.И.Кривошапкин тэрийбит “Дьүрүл” норуодунай фольклорнай ансаамбыла төрүттэммитэ 45 үбүлүөйдээх сылын бэлиэтээтэ.

1979 сылтан, Бартыһаан нэһилиэгэр, хомусчуттар ансаамбыллара тэриллэн, күн бүгүнүгэр диэри, үгүс ситиһиилээхтик айа-тута сылдьаллар. 1993с   ансаамбыл народнай ааты сүкпүтэ. Салайааччы Дмитрий Иванович сыралаах үлэтин түмүгэр, үгүс элбэх иитэн таһаарбыт хомусчуттара Импровизатор үрдүк ааты сүкпүттэрэ. Дмитрий Иванович үөрэппит-такайбыт оҕолоруттан сорохтор билигин туспа ансаамбыл тэрийэн, саха култууратын, төрүт үгэһин кэлэр кэнчээри ыччакка үөрэтэн, кэрэ эйгэҕэ уһуйаллар. Ол курдук «Дьүрүл» народнай ансаамбыл 3 сүһүөххэ арахсар, оскуолаҕа «Күөрэгэй» ансаамбыл салайааччы: Вера Николаевна Гаврильева, алын кылаас оҕолоругар «Үрүйэчээн» ансаамбыл, салайааччы: Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна  Галина Михайловна Соловьева, оҕо саадыгар, «Сыккыс» оҕо ансаамбыла салайааччы: Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна-Марфа Прокопьевна Захарова, ону тэҥэ «Дьүрүл» народнай ансаамбыл эдэр көлүөнэтэ, сал. Мария Аргунова. Билигин «Дьүрүл» народнай ансаамбылы иилээн саҕалаан илдьэ сылдьар, утум салҕааччы, түөрэх салҕааччы Дмитрий Иванович бырааттаатар быраата Владимир Владимирович Колесов. 

Истиҥ-иһирэх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар:“Нам улууһа”МТ баһылыгын солбуйааччы М.С.Игнатьева, “Партизан нэһилиэгэ” МТ баһылыга А.Н.Зырянов, «Нам улууһа» МТ  Култураҕа уонна духовнай сайдыы салалтатын начальнига Е.А.Заровняева, куйаар ситимин нөҥүө Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин Саха өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын култуурунай нэһилиэстибэлэрин Киинин сүрүннүүр үлэһитэ З.Г.Сысолятина, М.К.Аммосов аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин государственноһын историятын республикатааҕы музейын сэбиэдиссэйэ А.В.Кириллин уонна Дмитрий Иванович үөрэппит оҕолоро, бииргэ алтыспыт, үлэлээбит биир идэлээхтэрэ, доҕотторо.

Өрүү маннык бииргэ, хомуспутун, саха култууратын, сиэрин-туомун, ырыатын-тойугун өрө тутан, үгэс оҥостон илдьэ сылдьаргытыгар баҕарабыт диэн үтүө тылларынан үөрүүлээх тэрээһин түмүктэннэ.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять