Муус устар 5 күнүгэр Т.Е.Сметанин аатынан Кэбээйи улуустааҕы библиотеката уонна Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим тэрийиилэринэн икки улууска “Колмогоровскай диктант” диэн акция ыытылынна. Бу акция норуоттан үүнэн тахсыбыт республика бөдөҥ салайааччыта, советскай-партийнай үлэ бэтэрээнэ, буойун-учуутал, Кэбээйи, Нам улуустарын бочуоттаах олохтооҕо, Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Үлэ Кыһыл Знамята, “Бочуот Знага” уордьаннар кавалердара Василий Егорович Колмогоров төрөөбүтэ 100 сылыгар уонна Улуу Кыайыы күнүн көрсө ыытылынна.
Нам улууһугар 17 нэһилиэккэ 304 киһи кыттыыны ылла, 20 ыйытыктаах сорудахтарга эппиэттээтилэр. Василий Егорович олорон ааспыт үтүө холобур буолар дьоһун олоҕун туһунан нэһилиэктэр библиотекардара кэлбит дьоҥҥо билиһиннэрдилэр.
Н.М.Рыкунов аатынан улуустааҕы библиотека үлэһиттэрэ 2№-дээх Нам орто оскуолатыгар, Намнааҕы педколледжка уонна профессиональнай лицейга В.Е.Колмогоровка анаммыт сырдатар патриотическай акцияны ыччаттарга тэрийэн ыыттылар. Уопсайа 150 ыччат билиилэрин хаҥатан акцияҕа көхтөөхтүк кытыннылар.
Улуустааҕы библиотекаҕа Василий Егоровиһы кытта бииргэ алтыспыт, үлэлээбит убаастыыр дьоммут Кобякова С.Д., Иванов И.И. тэрээһиҥҥэ кэлэн иһирэх, истиҥ ахтыы оҥордулар.
Чахчыта да, Василий Егорович Колмогоров үтүө аатын Кэбээйи, Нам дьоно-сэргэтэ үрдүктүк тутан, киэн тутта ааттыыбыт, кини чаҕылхай, далааһыннаах олоҕун өрүү холобур оҥостобут.