04.12.2024

ЧОЛБОН ӨЙ КҮРЭҺЭ. УЛАХАН ООННЬУУ

Саха литературатын киэҥ эйгэҕэ таһаарар  «Чолбон өй күрэһэ» бырайыак дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыта. Оонньууга сыл устата оскуола үөрэнээччилэриттэн, устудьуоннартан саҕалаан аҕам саастаах дьоҥҥо диэри 500-чэкэ киһи кытынна. Быйыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сыллара биллэриллибитинэн өрөспүүбүлүкэ 12 улууһун уонна Дьокуускай куораты хабан саха литературатын ордук билэр, сахалыы ааҕарын таптыыр ыалы булан таһаарарга быһаарыллыбыт. «Чолбон өй күрэһэ» киэҥник сырдатыллыаҕа, финал саха телевидениетигэр көстүөҕэ. Кыайыылаах дьиэ кэргэн Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаланыаҕа. Ким ордук бэлэмнээх, ким ордук саха литературатын билэр кыайдын!

Россияҕа ДЬИЭ КЭРГЭН, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ОҔО СААС сылларыгар аналлаах уонна Саха литературата төрүттэммитэ 125 сылын көрсө

«ЧОЛБОН ӨЙ КҮРЭҺЭ» II оонньуу балаһыанньата:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Культураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтин, «Сахабэчээт» Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыба автономиялаах тэрилтэтин, «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэ  өйөбүллэринэн

БИҺИГИ ПАРТНЕРДАРБЫТ:

«Саха» национальнай көрдөрөр-иһитиннэр компания

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай библиотеката

1. СҮРҮН ТОРУМА:

1.1. Бу Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах уонна Саха литературата төрүттэммитэ 125 сылын көрсө  «Чолбон өй күрэһэ» II оонньуутун (мантан аллараа күрэс) «Сахабэчээт» СӨ САТ «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ партнердарын кытары тэрийэр;

1.2. Күрэс дьон-сэргэ уус-уран литератураҕа уонна суруйааччылар олохторугар билиитигэр-көрүүтүгэр сигэнэр;

1.3. Күрэс үс түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа:

1-кы түһүмэх – сүүмэрдиир түһүмэх (улуустар кииннэригэр онлайн-оффлайн киэбинэн ыытыллар),

2-с түһүмэх – өрөспүүбүлүкэтээҕи (кыайыылаах хамаандалар Дьокуускай куоракка киирэн оонньууллар),

3 — с түһүмэх -САХА НКИК быһа эфиригэр (Дьокуускай куоракка ыытыллар)

2КҮРЭС СЫАЛА-СОРУГА:

2.1. Дьиэ кэргэн болҕомтотун саха уус-уран литературатыгар тардыы;

2.2. Сахалыы уус-уран литератураны ааҕыыны көҕүлээһин;

2.3. Сахалыы ааҕар, литератураны таптыыр дьону булан түмүү, иитии уонна өйөөһүн.

3.  КҮРЭС КЫТТЫЫЛААХТАРА:

3.1. Күрэскэ «ЧОЛБОН» сурунаалга 2025 сылга сурутуулаах дьиэ-кэргэн хамаандата кыттар;

3.2. Хас биирдии хамаанда 3 (үс киһиттэн) (дьиэ кэргэн уонна аймах-билэ дьон) туруохтаах;

3.3. Күрэс түмүгэр элбэх очкону хомуйбут хамаанда кыайар;

3.4. Күрэс түөрт түһүмэхтэн турар («Суругунан уус-уран литератураны төрүттээччилэр», «Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи литература», «Репрессияламмыт суруйааччылар», «Билиҥҥи кэм литературата»).

4. НАҔАРААДАЛААҺЫН:

4.1. Күрэс түмүгүнэн очколарынан 1-гы, 2-с уонна 3-с миэстэлээх хамаандалар быһаарыллаллар;

4.2. Улууска кыайбыт үс хамаанда сыаналаах бириистэринэн бэлиэтэнэллэр уонна бастаабыттар өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттарга туоһу суругу ылар;

4.3. Финал (өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх) Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа уонна финал «САХА» НКИК быһа эфиригэр көрдөрүллүөҕэ. Бу түһүмэххэ кыайбыт хамаанда Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаланыаҕа.

Күрэс хаамыыта сонуну киэҥник тарҕатар ньымалар нөҥүө киэҥник сырдатыллыаҕа.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять