Быйыл тохсунньу 18 күнүгэр Ленинград блокадатын тоҕу көтүү уонна олунньу 2 күнүгэр Сталинград куораты босхолооһун 80 сылларын туоллулар.
Биһиги биир дойдулаахтарбыт Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ньиэмэс фашистарын утары саа-саадах тутан дьоруойдуу охсуспуттара, үгүс дьоммут олохторун сэрии толоонугар толук уурбуттара, сураҕа суох сүппүттэрэ, аҕыйах ахсааннаахтара Кыайыы өрөгөйүн тутан иэримэ дьиэлэригэр тыыннаах эргиллибиттэрэ.
Олунньу 7-8 күннэригэр Нам сэлиэнньэтин М.К.Аммосов аат. Культура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар, Н.М.Рыкунов аат. улуустааҕы киин библиотекаҕа, 1944 сылларга тохсунньу 27 күнүгэр Ленинградтааҕы блокада бүтэһигин букатыннаахтык, олунньу 2 күнүгэр Сталинград куорат босхоломмуттарын бэлиэтиир тэрээһиннэр ыытылыннылар. Бэлиэ түгэннэргэ И.С.Гаврильев аатынан Нам бастакы нүөмэрдээх уонна иккис нүөмэрдээх орто оскуолаларын үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Бастакы күммүт тэрээһинигэр Ленинградтааҕы блокадатын босхолонуутун 80 сыллаах тэрээһинигэр кыттыыны ыллылар:
Нам улууһун кырдьаҕастарын сэбиэтин председателэ Софья Дмитриевна Кобякова.
Өр сылларга олохтоох “Эҥсиэли” хаһыакка кылаабынай редакторынан үлэлээбит билигин редакторы солбуйааччытынан үлэлиир, РФ Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Ытык киһитэ Владислав Гаврильевич Касьянов.
I Хомустаах нэһилиэгин олохтооҕо, Ленинград куораты босхолооһуҥҥа хорсуннук сэриилэспит, сэрииттэн дойдутугар тыыннаах, хорсуннук охсуспутун иһин орденнаах кэлбит Москвитин Егор Афанасьевич-Мэтээллээх сиэнэ Наталья Алексеева.
Никольскай нэһилиэк олохтооҕо, иэримэ дьиэтигэр тыыннаах эргиллэн кэлбит Василий Иннокентьевич Охлопков кыыһа Зинаида Васильевна Нератова-Тупсууна,
Тэрээһиҥҥэ Владислав Гаврильевич Касьянов кэлбит оҕолорго немецкэй-фашистскай халабырдьыттар Ленинграды төрдүттэн суох гынарга соруммуттарын, билиҥҥи кэмҥэ Арҕаа дойду прессата информационнай сэриини ыытарын сиһилии быһааран кэпсээтэ. Билиҥҥи ыччат куһаҕаны үчүгэйдик араара үөрэнэрэ, сымыйа угаайыга киирэн биэрбэккэ, патриоттуу өйгө-санааҕа иитиллиэн наадатын эттэ. Софья Дмитриевна Кобякова сэрии ыар содулларын итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ. Оскуола оҕолоро чинчийэр үлэни ыытаннар, сэрии кыттыылаахтарын, сураҕа суох сүппүт буойуттар сырдык ааттарын үйэтитиигэ ылсан үлэлииллэригэр баҕарда. Ленинград куораты босхолооһуҥҥа хорсуннук сэриилэспит, дойдуларыгар эргиллэн кэлэн эйэлээх, олоҕу тутуспут буойуттар оҕолоро аҕаларын туһунан истиҥ-иһирэх ахтыылары оҥордулар. I Хомустаах нэһилиэгиттэн кыраайы үөрэтээччи Надежда Васильевна Константинова Ленинград куораты босхолооһуҥҥа кыттыбыт буойуттар сырдык ааттарын үйэтитиигэ ыытар үлэтин кэпсээбитин оҕолор олус болҕойон иһиттилэр.
Иккис күммүтүгэр Сталинград куораты көмүскээһин 80 сылыгар Нам улууһун ветераннарын советын председателэ Софья Дмитриевна Кобякова, И.С.Гаврильев аатынан бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын историяҕа учуутала Дмитрий Петрович Никонов, Сталинград куораты босхолооһуҥҥа, хорсуннук сэриилэспит, сэрии толоонуттан тыыннаах эргиллибит буойуттар оҕолоро Винокуров Василий Степанович улахан уола, СӨ үтүөлээх бырааһа Василий Васильевич Винокуров, Семен Петрович Павлов төрөппүт кыыһа Нина Семеновна Павлова, Нам улууһун үөрэхтээһинин управлениетын эппиэттээх үлэһитэ Илона Георгиевна Обутова, «Нам улууһа” МТ пресс-центрын корреспондена Анастасия Григорьевна Корякина уонна 2-с нүөмэрдээх орто оскуола үөрэнээччилэрэ, салайааччы Кристина Степановна Степановна кыттыыны ыллылар.
Ахтылҕан күнэ Анна Ильинична Ядрихинская салайааччылаах И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан аатынан алын сүһүөх оскуола юноармейскай этэрээтин хоһоонунан дьүһүйүүтүнэн уонна ырыатынан саҕаланна. Дмитрий Петрович Никонов 1942 с. от ыйыгар саҕаламмыт Сталинградтааҕы кыргыһыыны итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ. Сталинград аттыгар хорсуннук сэриилэспит, сэрии толоонуттан тыыннаах эргиллэн кэлэн, эйэлээх олоҕу уһансыбыт буойуттар оҕолоро Винокуров Василий Васильевич уонна Павлова Нина Семеновна аҕаларын бойобуой суолларын кэпсээбиттэрин мустубут дьон долгуйан туран иһиттилэр.
Суостаах сэриигэ эйэлээх олох иһин дьоруойдуу охсуспут Албан ааттаах аҕа саастаах дьоммутун өйдөөн-санаан ааһарбыт, кэлэр кэнчээри ыччакка кэпсии. билиһиннэрэ турарбыт биһиги ытык иэспит.