22.11.2024

«Таллан Бүрэ күһүҥҥү фантазията»  литературнай бэстибээл

Быйыл Эҥсиэли хочотугар, Нам улууһугар бэлиэ сыл буолла. Ол курдук Нам улууһун дьоно-сэргэтэ киэн тутта ааттыыр суруйааччыларбыт Е. С. Сивцев- Таллан Бүрэ  төрөөбүтэ 115, И. Д. Винокуров-Чаҕылҕан төрөөбүтэ 110, А. А. Парникова-Сабарай Илгэ төрөөбүтэ 65 сылларын бэлиэтээтибит. Үтүө, кэрэ дьоммутугар анаан араас хайысхалаах үлэлэр, тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Ол чэрчитинэн тапталлаах дойдубут сахабыт сирэ күһүҥҥү кэрэ көстүүлэринэн, көмүс кырааскаларынан киэркэйбит кэмигэр   Бөтүҥ нэһилиэгэр   саха биллиилээх поэта, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Ефрем Степанович Сивцев- Таллан Бүрэ  төрөөбүтэ 115 сылыгар аналлаах оскуола үөрэнээччилэрин ортотугар «Таллан Бүрэ күһүҥҥү фантазията»  литературнай бэстибээл балаҕан ыйын 13 күнүгэр ыытылынна.

Бу күн Бөтүҥ нэһилиэгин Е.С. Сивцев-Таллан Бүрэ аатынан орто оскуолата улуус оскуолаларыттан айар куттаах үөрэнээччилэри толору түмтэ.

Литературнай бэстибээлгэ “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта Юрий Вячеславович Дьяконов,  Таллан Бүрэ улахан уола Тит Ефремович, кыыһа Анастасия Ефремовна, сиэннэрэ Айылла Ильинична Сивцевтэр,  СӨ норуодунай суруйааччыта, кириитик, уопсастыбанньык Павел Николаевич Харитонов — Ойуку, Россия уонна Саха сирин суйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэтесса, улуус-медиа суруналыыһа Ангелина Николаевна Васильева-Дайыына, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, «Отуу уота» литературнай түмсүү салайааччыта Алексей Михайлович Татаринов-Удьурҕай уонна «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэннэрэ ыалдьыттаатылар.

    

«Хотойук» литературнай куруһуок оҕолоро (салайааччы  Татьяна Родионовна Протопопова) «Ук оҕолор» — Таллан Бүрэ оҕолор тустарынан суруйбут хоһоонноруттан литературнай композиция туруоран, Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола кэрэ аҥардара “Ыҥырыы” уонна 4-5 кылаас уолаттарын ансаамбыллара “Көтөр ат” диэн ырыанан (салайааччы РФ үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ, СӨ култууратын туйгуна, мелодист Надежда Макарова) эҕэрдэлээн  тэрээһиммитин киэргэтэн, ситэрэн-хоторон биэрдилэр.

 

Күрэс биэс көрүҥэр улуус оскуолаларыттан барыта 57 үөрэнээччи кытынна.

«АРТ-ПОРТРЕТка» 22 кыттааччы Нам улууһун суруйааччыларын портреттарын  талан ылан уруһуйдаатылар.

Кыайыылааҕынан таҕыстылар:

1 үрдэл — Павлова Милана, Нам 1№дээх орто оскуолатын 6 кылаас үөрэнээччитэ.

2 үрдэл — Дьяконова Вилена, Н.С.Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятын 7 кылаас үөрэнээччитэ

3 үрдэл — Андросова Влада, Партизан орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ

Анал аат бэрилиннэ Эверстова Сарданаҕа,  Нам 2№дээх орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

Захарова Агафья Авсентьевна-Намнааҕы Захар Винокуров аатынан оҕо искусствотын оскуолатын  художественнай отделениятын уһуйааччыта,  Татаринов Алексей Михайлович –Удьурҕай — СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Отуу уота литературнай түмсүү салайааччыта, Стручков Федот Семенович — РФ үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, СР үөрэҕириитин туйгуна, Бөтүҥ орто оскуолатын уруһуй уонна черчение учуутала.

«Мин улууһум суруйааччыта…» түһүмэххэ 8 кыттааччы Нам улууһун суруйааччыларын туһунан  бэлэмнэнэн кэлэн, 3  мүнүүтэ иһигэр кэпсээтилэр.

Кыайыылаахтарынан буоллулар:

1 үрдэл –Охлопкова Нарияна, Хатын-Арыы орто оскуолатын 5 “б” кылаас  үөрэнээччитэ

2 үрдэл – Сивцева Виктория, Бөтүҥ орто оскуолатын 9 кылаас үөрэнээччитэ

3 үрдэл – Кривошапкин Руслан, Партизан орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ

 «Кэллим кэпсээри» түһүмэххэ 14 кыттааччы бэйэ айбыт айымньытын толордо. Кыайыылаахтарынан таҕыстылар:

1 үрдэл –Молодова Милена, Хатырык орто оскуолатын 11 кылаас  үөрэнээччитэ

2 үрдэл – Ноева Күннээйэ, Н.С.Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятын 7 “а”  кылаас үөрэнээччитэ

3 үрдэл – Петров Айылҕан, Партизан орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ

Тэрийэр бөлөх Анал бирииһэ туттарылынна Степанов Айталга, Нам 1№дээх орто оскуолатын 8 кылаас үөрэнээччитигэр

Дьүүллүүр сүбэ:

Ангелина Николаевна Васильева — Дайыына — Россия уонна Саха сирин суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Васильева Оксана Егоровна – Нам улууһун Үөрэҕин салалтатын методическай отделын суруннуур специалиһа, Отуу уота литературнай түмсүү чилиэнэ, Дьяконова Раиса Николаевна –Николай Рыкунов аатынан киин модельнай библиотека кыраайы үөрэтэр салаа сүрүннүүр  библиотекара.

«Күлүм иэйии» диэн тута хоһуйуу түһүмэххэ бэриллибит тиэмэҕэ 15 мүнүүтэҕэ  түөрт строка хоһоон айан, 6 кыттааччы эр-биир түсүһэн кыайыылааҕынан таҕыстылар:

1 үрдэл – Яковлева Зарина, Бөтүҥ орто оскуолатын 9 кылаас үөрэнээччитэ,

2 үрдэл — Бетюнская Алена, Хатыҥ-Арыы орто оскуолата, 11 кылаас үөрэнээччитэ.

3 үрдэл – Осипов Петя, Модут орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ .

 «Тылбаас» түһүмэҕэр Таллан Бүрэ хоһоонуттан 30 мүнүүтэҕэ нууччалыыттан сахалыы 7 кыттааччы тылбаастаатылар. Манна кыайыылаахтарынан ааттаннылар:

1 үрдэл — Винокурова Виола, Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын 8 кылаас үөрэнээччитэ.

2 үрдэл — Сивцев Ярослав, Бөтүҥ орто оскуолатын 11 кылаас үөрэнээччитэ,

3 үрдэл — Филиппова Амелия, Н.С.Охлопков аатынан Нам улуустааҕы гимназиятын 7 кылаас үөрэнээччитэ

Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр:

Харитонов Павел Николаевич-Ойуку – СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Осипова Матрена Михайловна –СӨ үөрэҕириитин туйгуна, Рф уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, «21 үйэ учуутала» -үрдүк бэлиэ хаһаайына,  Бөтүҥ орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала, Марта-Мария Петровна — СӨ суруйааччыларын сойууһун, Отуу уота литературнай түмсүү чилиэнэ.

Сивцевтэр аймах ааттарыттан Анал ааттары ыллылар:

«Мин улууһум суруйааччыта…» күрэскэ анал аат хаһаайынынан буолла Мухин Дамир, Хатырык орто оскуолатын үөрэнээччитэ, «Кэллим кэпсээри» Ан Кристина, Нам 1№дээх орто оскуолатын 7 кылаас үөрэнээччитэ, «Арт-портрет” күрэххэ Алексеева Эдита Нам 1№дээх орто оскуолатын үөрэнээччитэ.

Сынньалаҥҥа, дьүүллүүр сүбэ быһаарар кэмигэр Намнааҕы оҕо модельнай библиотеката «Тургутуулаах толоон» оонньууну ыытан оҕолор бириэмэлэрин туһалаахтык, төрөөбүт төрүт дойдуларын, историяларын, үгэстэрин туһунан бэрт элбэҕи биллилэр-көрдүлэр.

Үс үллэр үөстээх «Өлүөнэ ырыаһытынан» биллэр, «таайыллыбатах таабырыннаах», тыл бөдөҥ маастара Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ сүрэххэ киирэр, дууһаны долгутар, санааны саймаардар сүдү айымньылара, литературнай нэһилиэстибэтэ кэлэр кэнчээри ыччат дьоммутугар дойдуга бэриниилээх буолууга, сырдык иэйиилэри таарыйар, иитэр-өйдөтөр.

 

Үөрүүлээх истиҥ тыыннаах тэрээһиммитигэр хайа саҕаланыаҕыттан түмүктэниэр диэри сылаас тыын арыалласта.

 Маннык үтүө, кэскиллээх, үйэтитии тэрээһиннэри биир сомоҕо буолан үлэлээтэхпитинэ, сүдү, саарын дьоммут ааттара үйэлэргэ ахтыллыаҕа.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять