27.12.2024

Аах, сэргээ, ааҕааччы!

Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар аналлаах социальнай-психологическай, сиэр-майгы проблемаларын таарыйар дириҥ ис хоһоонноох саҥа айымньылар. 

Аатырбыт снайпер Уйбаан Кульбертинов / хом. оҥордо.: С. П. Васильева; киирии тыл В.Н. Васильев). — Дьокуускай : Бичик, 2017. — 176 с.

Номоххо киирбит эбэҥки чулуута, аатырбыт снайпер Кульбертинов Иван Николаевич бойобуой суолун туоһулуур архыып докумуоннара, буорах сыттаах фроннааҕы хаһыаттар, бииргэ сэриилэспит доҕотторун ахтыылара хомуллан киирдилэр. Эйэлээх олоххо кини сорсуннаах булчутун, настаабынньык табаһытын, амарах аҕатын туһунан аймахтарын, биир дойдулаахтарын истиҥ ахтыылара уонна биллиилээх суруналыыстар матырыйааллара киирдилэр.

 

Егоров, Виталий Михайлович.

Воздаяние монстру / В. М. Егоров. — Якутск : Бичик, 2017. -144 с.

Начало двухтысячных. В одном из сел Якутии убита семья — трое детей и их родители. На место происшествии выезжают оперативные работники МВД, которые находят доказательства вины преступника, но получают неожиданный отпор со стороны следователя, который ведет это дело. Он не верит в версию сыщиков и готов освободим, подозреваемого. Чтобы доказан вину убийцы, сыщики идут на беспрецедентный шаг и, в ходе необычной оперативной комбинации, изобличают его в совершении этого страшном» преступления.

 

Саха литературатын чөмчүүгэ. 1 том / [хомуйан оҥордулар : В. И. Бочонина, Л. М. Сабарайкина]. — Дьокуускай : Алаас, 2015. — 176 с. 1т. —2015. —.

Хомуурунньукка саха литературатын классиктарын уонна саха народнай суруйааччыларын социальнай-психологическай, сиэр-майгы проблемаларын таарыйар дириҥ бөлүһүөктүү ис хоһоонноох уонна ураты иэйиилээх айымньылара киирдилэр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

 

Жемчужина якутской литературы / [сост. : В. И. Бочонина, Л. М. Сабарайкина ; пер. В. А. Солоухин, М. Д. Львов, А. С. Гурулев и др.]. —Якутск : Алаас, 2015. — 160 с. Т.1.-2015. — .

В сборник избранных произведений классиков якутской литературы народных писателей Якутии вошли лучшие произведения социально-психологического, нравственно-этического, философского звучания, а также произведения, пронизанные тонким лиризмом.

 

 

Находкина, Татьяна Петровна.

Былдьаммыт дьылҕа : сэһэннэр, кэпсээннэр / Татьяна Находкина. — Дьокуускай : Бичик, 2017. — 160 с. — (Таптал таабырына).

Таптал истиҥ иэйиитигэр куустаран, сылаас сыһыаныгар бигэнэн, өйдүүн- санаалыын курдаттыы тардыспыт киһигин кытта үйэ тухары бииргэ олорор, биир салгынынан тыынар, ардыгар, табыллыбат. Онтон кини таптала ыраас, нарын, эрэл кыымнаах. Ол эрээри… Ааптар дьылҕa, олох туһунан сэһэргиир кинигэтэ бэлиэ сааһын көрсө тахсар.

 

Нельбисова, Галина Васильевна.

Оһуордаах сыттыкпар эн суоххун… : дьиҥнээх олохтон кэпсээн / Галина Нельбисова — Дьокуускай : 2015. — 64 с. Агентство CIP НБР Саха.

«Ол саҕана биһиги ыраас иэйиибитин өйдөөбөккө сирэй-харах анньыбыттара, саакка-суукка укпуттара… Оннук өйдөбүл хаалыан баҕарбаппыт. Биһиги сүрэхпитигэр уйаламмыт иэйии дьиҥнээҕин уонна үйэлээҕин дьон билиэн баҕарабыт», — дииллэр Александралаах Миитэрэй. Айымньы кинилэр кэпсээннэригэр олоҕуран сурулунна.

 

Никифорова, Айталина Константиновна.

Былдьаама, дьылҕам, тапталбын : сэһэн, кэпсээннэр / Айталина Никифорона. Дьокуускай : Бичик, 2016. — 128 с. — (Билиҥҥи кэм прозата).

Дьиҥ таптал үйэлээх дииллэр, xaһан да умнуллубат. Сэһэнҥҥэ эр киһи олоххо биирдэ бэриллэр истин иэйиитин туһугар туруулаһыыта арыллар. Олох очурдарын, дьон уодаһыннаах санаатын, арахсыыны, кэм-кэрдии харгыһын кытаанах санаалаах, инникигэ эрэллээх, истиҥник таптыыр эрэ киһи тулуйар, сирдээҕи дьолун булар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять