25.11.2024

Ойуунускай уонна Олонхо быстыспат ситимэ

Сэтинньи 16 кунугэр «Айылгы» КК Саха советскай литературатын торуттээччи, биллиилээх общественнай – политическай деятель Платон Алексеевич Ойуунускай 125 сааьыгар аналлаах «Аата ааттанар, ырыата ылланар» литературнай – музыкальнай биэчэр буолан ааста. Тэрээьин оскуола кыргыттарын толоруутугар « Э5эрдэ ункуунэн» са5аланна. Ол кэннэ Вася Дьяконов « О5о куйуурдуу турара»монолог, олохтоох орто оскуола эр дьонун квартета « Былааьы – Сэбиэккэ», дьахталлар ансаамбыллара « Таатта урэх урдугэр» ырыаны толордулар. Суруйааччы айымньыларынан « Сардаана» уьуйаан коллектива «Омуннаах о5о», оскуола коллектива « Ойдоох о5о», эдэр ыччат тумсуутэ  «Учугэй уллэьик», бэтэрээннэр сэбиэттэрэ «Соломуон Муударай» инсценировкалары туруоран кордордулэр. Маны таьынан уорэнээччилэр, учууталлар Былатыан Ойуунускай хоьооннорун олус истинник иэйиилээхтик аахтылар. Бу кун олохтоох библиотека оскуола о5олоругар анаан ыыппыт « Уйэлэргэ аата ааттанар» викторинатын кыайыылаахтара  Айтал, Айгылана Сивцевтар, Яна Нелунова, Айыына Данилова дипломнарынан, бирииьинэн бэлиэтэннилэр, бары кыттыбыт о5олорго сертификаттар туттарылыннылар. Тэрээьин Галина Маркова Былатыан Ойуунускай суруйбут оьуохайынан тумуктэннэ. Ити курдук суруйааччы бэйэтэ эппитинии уйэлэргэ кини аата ааттанар, ырыата ылланар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять