14.10.2024

Анна Парникова-Сабарай Илгэ 65 сааһын бэлиэтиир ахтыы киэһэтэ

Муус устар 18 күнүгэр, М.К. Аммосов аатынан култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһыгар айылҕаттан айдарыылаах аныгы үйэ уһулуччулаах бэйээтэ, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун култууратын Бочуоттаах үлэһитэ, Партизан нэһилиэгин Ытык киһитэ Анна Парникова-Сабарай Илгэ төрөөбүтэ 65 сылыгар анаммыт  «Айыҥат хааны туой алгыырга Алкыйа ыллыырга-туойарга Ананан, айыллан кэлбиппин…» ахтыы киэһэтэ буолан ааста.

Дыбарыас бастакы этээһигэр Н.М. Рыкунов аат. Намнааҕы киин библиотека сүрүннүүр библиотекара Раиса Дьяконова «Кэриэн кинигэ чорооннорбун кыынньар иэйиинэн толороммун…” кинигэ быыстапкатын туруоран ыалдьыттарга кэпсээн билиһиннэрдэ.

Ахтыы киэһэҕэ кыттыыны ыллылар: литературнай кириитик, литературовед, СӨ наукатын үтүөлээх үлэһитэ, филологическай наука доктора, П.А. Ойуунускай аат. Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Варвара Борисовна Окорокова;  поэт, Россия,  Саха суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ  Ольга Николаевна Корякина-Умсуура; поэт, Россия,  Саха суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ  Саргылана Гольдерова-Саргы Куо, “Күрүлгэн” сурунаал бас редактора,  поэт, прозаик, литература кириитигэ, публицист, тылбаасчыт, Арассыыйа Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ  Афанасий Гуринов-Арчылан.

Сабарай Илгэ  олоҕун, айар үлэтин бииргэ төрөөбүт балта, Хамаҕатта нэһилиэгин “Түһүлгэ” сынньалаҥ киинин салайааччыта, СӨ култууратын туйгуна Антонина Алексеевна Харитонова олус долгуйан туран билиһиннэрдэ.

Анна Парникова-Сабарай Илгэ  үтүө аатын үйэтитиигэ туох үлэ ыытылларын нэһилиэк баһылыга Алексей Николаевич Зырянов кэпсээтэ, махтал суруктары туттарда.

Нам улууһун Депутаттарын сэбиэтин председателэ Алексей Иванович Винокуров, улуус култуура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начальнига  Семен Прокопьевич Ядрихинскай, улуустааҕы бэтэрээн Сэбиэтин председателэ Софья Дмитриевна Кобякова,  “Отуу уота”  литературнай түмсүү салайааччытын солбуйааччы Прасковья Дмитриевна Байанаева,  СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Иван Афанасьевич Бубякин, Нам улууһун библиотекаларын кииннэммит тиһигин дириэктэрэ Майя Романовна Софронова, Николай Михайлович Рыкунов кыыһа Мая Николаевна Рыкунова  истиҥ иһирэх ахтыылары оҥордулар, Сабарай Илгэ саха поэзиятын сайдыытыгар киллэрбит үтүөтүн бэлиэтээтилэр.

Сабарай Илгэ бииргэ төрөөбүт балта, СӨ култууратын туйгуна Алексеева Альбина Алексеевна салайааччылаах  Бартыһаан нэһилиэгин хоһоону таптаан ааҕааччыларын түмсүүтэ «Эн итии чэйгэр ыксыыбын» литературнай дьүһүйүүнү көрдөрдө.

Саха биллэр поэттарын, айар куттаах дьонун хоһооннорун ааҕан, музыканан, хаартысканан киэргэтэн киэҥ эйгэҕэ таһаарар биир дойдулаахпыт Наталья Афанасьева-Захарова  Сабарай Илгэ  “Эбэм остуол тардар», “Эбэм Ааныс кэриэһигэр”, “Таптал”  хоһооннорун  олус истиҥник,  иэйэн-куойан ааҕан, көрөөччүлэр дууһаларын кылын таарыйда, долгутта.

Сабарай Илгэ хомуһуннаах хоһооннорун  аймахтара, Партизан, Хамаҕатта нэһилиэктэрин хоһоон ааҕааччыларын түмсүүлэрэ  ааҕан, мустубут дьону  хоһоон толору үүммүт  хонуутугар сиэтэн киллэрдилэр. Хас биирдии хоһоон ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

Сабарай Илгэ хоһооннорунан «Иэйиилэр, үөйүүлэр»  дьүһүйүү көрдөрүлүннэ.

Сабарай Илгэ «Хомус куттаах Бартыһаан»  хоһоонунан,  Дмитрий Кривошапкин ырыатынан дьүһүйүү көрөөччү сэҥээриитин ылла.

СӨ култууратын туйгуна, СӨ ырыа айааччыларын Сойууһун чилиэнэ  Татьяна Гаврильева бэйэтин матыыбыгар Сабарай Илгэ  “Сааскыга” хоһоонугар ырыаны толордо.

Ахтыы киэһэни биир дойдулаахпыт, биллиилээх  «Саха” НКИХ ыытааччыта, суруналыыс Георгий Белоусов көҕүлээн, иилээн-саҕалаан ыытта, мустубут дьоҥҥо умнуллубат дьоллоох түгэни бэлэхтээтэ.

Дьоро киэһэни Сабарай Илгэ бииргэ төрөөбүт балта Антонина Алексеевна Харитонова махтал тылларынан түмүктээтэ, хас биирдии тэрийсибит киһиэхэ махтал суругу,  сибэкки дьөрбөтүн туттарда.

Киэн туттар поэппыт, биир дойдулаахпыт Анна Парникова-Сабарай Илгэ туһунан олус истин хомоҕой хоһоон киэһэтэ ааста. Поэт суруйан хаалларбыт хоһоонноро, ырыалара үйэттэн үйэҕэ ааҕылла, ыллана туруохтара.  

Ахтыы киэһэни хас да тэрилтэ көмөлөөн үрдүк таһымнаахтык ыытылынна: «Нам улууһа»  МТ култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениета, “Партизан нэһилиэгэ”  МТ дьаһалтата уонна Нам улууһун библиотекаларын кииннэммит тиһигэ.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять