22.12.2024

«Чаҕылҕан талааныгар сүгүрүйэн»

От ыйын 31 күнүгэр поэт, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан төрөөбүтэ 105 сылын туолла. Ол чэрчитинэн улуустааҕы библиотекаҕа «Чахчы чаҕылхай талааннаах Чаҕылҕан» диэн поэт олоҕун, айар үлэтин билсиһиннэрэр, кэпсиир быыстапка турда. Ону таһынан сайтпытыгар киниэхэ аналлаах аныгылыы виртуальнай быыстапка оҥоһулунна.

Оттон суруйааччы аатынан Литературнай музейга «Чаҕылҕан талааныгар сүгүрүйэн» диэн төгүрүк остуол бэрт истиҥ-иһирэх быһыыга-майгыга буолан ааста.

Көрсүһүүгэ суруйааччы аймахтара, кини олоҕун, айар үлэтин интэриэһиргээччилэр, үөрэтээччилэр, улуус тэрилтэлэрин салайааччылара көхтөөх кыттыыны ыллылар. Хас биирдии кэлбит киһи Чаҕылҕан олоҕуттан интэриэһинэй, сэдэх түгэннэри ахтан-санаан аастылар.

Илья Дорофеевич туһунан дакылааттары, араас хайысхалаах үлэ ыытылларын бэлиэтээн, сыныйан, үөрэтэн туран, салгыы бииргэ сомоҕолоһон айымньылаахтык үлэлиир туһугар хас да пууннаах түмүк таһаардылар. Ол курдук, суруйааччы төрөөбүт күнүгэр-дьылыгар эрэ буолбакка сыллата далааһыннаахтык үлэ ыытарга, ону тэҥэ саамай улахан пуунунан Илья Дорофеевич айымньыларын, тылбаастарын, олоҕун туһунан хас да томнаах кинигэ таһаарарга диэн уураах ылылынна.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять